Муус устар 4 күнүгэр, Саха республикатын Национальнай художественнай музей «Комдрагметалл» быыстапка саалатыгар тобус толору көрөөччүлээх Саха сиригэр маннайгы идэтийбит Попов И.В. төрөөбүтэ150 сылыгар анаан быыстапка арылынна.
Иван Васильевич Попов сыдьааннара уола И. И. Попов, сиэннэрэ Г. Г. Петров. И. И. Попов , Г. И. Попов , — а5аларын, эһээлэрин, хос эһээлэрин суолларын сал5аан, ойуулуур дьүһүннүүр эйгэ5э дьоһун кылааттарын киллэрэн, кини сырдыгы, искусство үөрэ5ин сайаннарыытыгар уһуйуулара быыстапка5а турбут үлэлэрэ кэрэһэлииллэр. Бу дьиэ кэргэн быстыспат ситимин, удьуордаан идэтийии үгэһин тута сылдьан норуокка кэрэ эйгэни тиэрдэллэрин кэлбит дьон- сэргэ сө5ө, махтана бэлиэтээтэ.
Быыстапка баай ис хоһоонун арыйардыы олус табыгастаахтык таңыллан турбут. Ол курдук бастакы балаһанан итэ5эл эйгэтиттэн саас сааһынан арыллан барар. Манна православнай уонна саха итэ5элин, оло5ун сырдатар сюжеттаах хартыыналар турбуттар. Быыстапка историческай, этнографическай ис хоһоонно5о киһи бол5омтотун тардар, ураты алыптаах эйгэни тэрийбит. Сырдыгынан угуттаммыт олох сэһэнэ, киһи уонна айыл5а биир кэлим өйдөбүлүн, кэрэнэн көстүүтүн көрдүбүт.
Ойууһут удьуор аатыттан, Саха сирин народнай художнига Гаврил Гаврилович Петров Национальнай художествннай музейга маннык улахан суолталаах быыстапка тэрийбиттэринэн бар5а махтал тылларын тириэртэ.
Таатта улууһуттан биир дойдулаахтарын, “Таатта АРТ” худуоһунньуктарын түмсүүтэ, Таатта түмэллэрин үлэһиттэрэ кыттыыны ылан, э5эрдэ тылларын эттилэр.
Бу быыстапка, Россия5а дьиэ кэргэн сылынан, ыал бастың сыаннастарын- ТАПТАЛ, ИТЭ5ЭЛ, ЭРЭЛ ойуунан дьүһүйэн толору арыйда!
Марианна Степанова
Таатта