Перейти к содержанию

Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылыгар улуустааҕы дьиэ-кэргэнинэн быһаарыылаах тылдьыт оҥоруутун күрэҕин балаһыанньата

🔹🔸🔷🔸🔹
Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо, Таатта улууһугар Таптал.Эрэл, Итэҕэл, фольклорист, этнограф, саха тылын, былыргытын сэдэх билээччи, олоҥхоһут Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылыгар улуустааҕы дьиэ-кэргэнинэн быһаарыылаах тылдьыт оҥоруутун күрэҕин балаһыанньата
📝📝📝📝📝
🌿Ыытыллар кэмэ: Кулун тутар 2 күнэ, 2024 сыл.
🌿Буолар сирэ: Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта норуодунай тыйаатыра

🔰Кыттааччылар: култуура уонна иитэр-үөрэтэр эйгэ үлэһиттэрэ, дьиэ кэргэн, бары баҕалаахтар.
Сүрүн өйөөччүлэр: улуустааҕы үөрэх салалтата, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, урбаанньыттар.
🔰Тэрээһиннэр сүрүн сыаллара: Олоҥхо олоххо суолтатын арыйан, олоххо сыһыан үйэлээх сыаннастарга олоҕурарыгар, олоҕу көрүү кэҥииригэр, олох тупсарыгар туһаайыллар.
🔰Тэрээһиннэр:

  1. Олоҥхо тылын быһаарыылаах тылдьытын дьиэ кэргэнинэн оҥоруу күрэҕэ.
  2. М.Н.Андросова-Ионова «Күл-күл Бөҕө оҕонньор Силирикээн эмээхсин икки» эбэтэр «Үүс Аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы Тойон ыччаттара» олоҥхолоругар ыалга үтүө үгэһи олохсутууну ырытыы:
    ✅ Төрдү-ууһу үөрэтии суолтата (Генеалогия)
    ✅ Ыалга үтүө үгэһи олохсутуу (Итэҕэл)
    ✅ Үйэлээх сыаннастары олохсутуу суолтата (Философия. Культурология)
    ✅ Чэгиэн олоҕу олохсутуу үгэһэ (Здравохранение)
    ✅ Оҕоҕо сиэри-майгыны олохсутуу (Педагогика)
    ✅ Ыалга үтүө сыһыаны олохсутуу үгэстэрэ (Психология)
    ✅ Оҕону айылҕатыттан тэйиппэккэ, айылҕаҕа ураты сыһыаны иитии (Экология)
    ✅ Ыал тас эйгэни кытта сыһыана, тас эйгэҕэ дьайыыта (Социология) 🔰Тэрээһиннэр ыытыллар тыллара: сахалыы.
    🔰Тылдьыты, ырытыыны оҥоруу ирдэбилэ:
  • Үлэни Microsoft Word Windows 2007 толоруллар; тиэкиһи А4 формакка түөрт өттүттэн 2-лии см көтүтэҕит; сириибэ — Times New Roman (сахалыы), размера 14; интервала – 1,5.
  • Титульнай лиискэ кыттааччы киһи, ыал ааттара суруллар, нэһилиэгэ ыйыллар.
  • Тылдьыт, ырытыы иннигэр киириитэ, сыала, соруктара, онтон теманы арыйыы уонна кэннигэр түмүк, туһаммыт литературатын испииһэгэ суруллар.
  • Үлэни кэпсииргэ 8 мүнүүтэ, 2 мүнүүтэ ыйытыыга, хоруйга бэриллэр.
  • Кыттааччы үлэтин тезиһэ кумааҕынан уонна электроннай варианынан дьүүллүүр сүбэҕэ туттарыллар.

🔰Тылдьыты сыаналыыр кэриҥнэрэ:

  • тиэмэни арыйыы,
  • тылы быһаарыы толорута;
  • ыйытыыга хоруйдуур таһыма.

🔰Түмүк: хас биирдии ырытыыга кыттааччыга туоһу сурук, тылдьыты оҥорууга 1, 2, 3 миэстэни ылбыт кыайыылаахтарга дипломнар туттарыллаллар.
🔰Тэрээһин бэрээдэгэ:
• Хас биирдии киһиттэн кыттыы иһин төлөбүр: биирдиилээн дьонтон 100 солкуобай, ыалтан 200 солкуобай.
. • Билсиһэр телефоннар: 89142789287, 89142620732