ААН ДОЙДУТААҔЫ ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭ ХАРЫСТАБЫЛЫН УОННА ЭКОЛОГИЯ КҮНЭ
ААН ДОЙДУТААҔЫ ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭ ХАРЫСТАБЫЛЫН УОННА ЭКОЛОГИЯ КҮНЭБэс ыйын 5 күнүгэр А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй скверигэр үгэс быһыытынан ыытыллар Аан дойдутааҕы тулалыыр эйгэ харыстабылын уонна экология күнүгэр «Чэчирээ, чэлгий күөх Тааттам» тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста.Тэрээһин кыттыылаахтарын, ыалдьыттарын “Таатта улууһа» муниципальнай оройуон баһылыгын солбуйааччы Никифор Жерготов, “Таатта нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Егор Павлов, Улуустааҕы айылҕа …