Бүгүн СӨ бырабыыталыстыбатын дьиэтин аактабай саалатыгар Олоҥхо күнүгэр туһаайыллыбыт саха төрүт үгэһин, култууратын илдьэ сылдьар олоҥхоһуттарга, оһуохай таһаарааччыларга, тимир уустарыгар уонна норуот маастардарыгар СӨ Ил Дарханын анал истипиэндьийэтин туттарыы үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна. Бу сылга истипиэндьийэни 26 киһиэхэ анаатылар. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгытын ыытыллыбыт олоҥхону үгэс быһыытынан толоруу күрэҕин түмүгэ билиннэ. Быйылгы истипиэндьийэни 6 олоҥхоһут, 7 оһуохай таһаарааччы, 6 тимир ууһа уонна 7 норуот маастара ыллылар. Таатта улууһуттан истипиэндьийэни түөрт киһи ылла. Ол курдук, Уус-Тааттаттан олоҥхоһут Александр Никифорович Багардынов, Дьохсоҕонтон олоҥхоһут Валентина Петровна Харайданова — Эбээ Валя, оһуохайдьыт Иван Иванович Потапов, Туора Күөлтэн норуот маастара Изабелла Иннокентьевна Элякова республика бастыҥнарын кэккэлэригэр ааттанан, Ил Дархантан үрдүкү наҕарааданы туттулар. Оһуохайдьыт, Таатта Дьохсоҕонуттан төрүттээх Иван Потапов бу күн үөрүүтүн үллэстэр: “Ил Дархан анал истипиэндьийэтин тутан олус үөрэн-көтөн, долгуйан турабын. Өбүгэлэрбит үгэстэрэ, тойуктара, олоҥхолоро сайда-үүнэ туруохтун, оттон биһиги, аҕам саастаахтар, эдэр көлүөнэни үөрэтэ, билиибитин үллэстэ туруохпут. Мин оһуохай күрэхтэригэр барытыгар кэриэтэ кыттабын, сыл аайы финалга киирэн анал ааты, үрдэли ылабын. Олоҥхоҕо эмиэ кэккэ ситиһиилээхпин. Ол курдук, бөлөҕүнэн толорууга Дьохсоҕон олоҥхоһуттара үс сыл субуруччу бастаан турабыт, оттон эр дьон бөлөҕө иккис төгүлбүтүн миэстэлэспиппит. Биһиги, Дьохсоҕон олоҥхоһуттарын бөлөҕө, төрүттэммиппит уон сыл буолла, онон миэхэ икки бүк үөрүүлээх түгэн тосхойдо”. Өбүгэ саҕаттан кэлбит ырыабытын-тойукпутун, төрөөбүт тылбытын, уран оһуорбутун, сиэдэрэй ииспитин илдьэ сылдьар айар куттаах биир дойдулаахтарбытынан киэн туттабыт, холобур оҥоҥстобут, үрдүкү наҕараадаларынан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит, тус олохторугар дьолу-соргуну баҕарабыт.
@taattagazeta @uludmedia

