ТААТТАҔА ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА

Сэтинньи 25 күнэ — Саха норуотун сүдү айымньыта — Олоҥхо күнэ. Бу күн улууспутугар үгэс быҺыытынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дьыктаана-2026″ аахсыйаҕа кыттан, тэрилтэлэринэн олоҥхоһут Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыытын суруйдубут. Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ бииргэ үлэлэспит РФ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин Таатта улууһугар отделениятын, АО «Почта России», Таатта улууһун Киин балыыһата, «Сулусчаан» оҕо уһуйаанын, Тааттатааҕы 32-с нүөмэрдээх Баһаары утары охсуһар этэрээт коллективтарыгар барҕа махталбытын биллэрэбит.

➤