Айар тыл аҕата, бөлүһүөк А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 150 сылыг көрсө, Баай барыылаах Байанай ыйыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнүгэр анаан Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин, Таатта улууһун олоҥхо ассоциациятын, Юрий Большаков, урбаанньыт «UCHUR» хампаанньа салайааччытын тэрийиилэринэн «Олоҥхоттон Баай Байанай алгыһыгар» ый сэһэнин киэһээтэ тэрилиннэ. Дьоһуннаах кэпсэтиигэ ааттаах-суоллаах, сорсуннаах булчуттар, булт-алт эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар биир дойдулаахтарбыт, ыҥырыылаах ыалдьыттар кытыннылар. Саха норуотун дьоруойдуу эпоһын, олоҥхону, кини күннээҕи духуобунай олоҕун кытта быстыспат сибээһин арыйар. Олоҥхоҕо дьоруой Орто дойдуну үөскэтээри, олоҕу олохтооһун иһин охсуһар буоллаҕына, төрүт булка киһи күн аайы ойуур иччитин, Баай Байанайы кытта ытык кэпсэтиигэ киирэр. Сахаларга бултааһын былыр-былыргыттан барыс эрэ кэскилигэр буолбакка, ытык дьайыы (итэҕэл) этэ. Ол аата бэрээдэги тутуһууну ирдиирэ: элбэҕи өлөрүөххэ сатаммат, булт иччитин хомотуохха сатаммат, уот иччитигэр уонна сир иччилэригэр сүгүрүйүү сиэринэн айылҕаҕа иэһи төннөрүөххэ наада. Барыл номохтон (олоҥхоттон) өбүгэ сиэрдээх сокуонугар (Байанайга) айан суолун тутуһар. Дьоһуннаах кэпсэтии алгысчыт *Иван Иванов* алгыһын баһынан сыаланна. Баай Барыылаах Байанайы тардар олоҥхону олоҥхону толорооччу, сорсуннаах булчут *Александр Багардынов* Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардан толордо. Саха норуота былыр-былыргыттан ыалдьытымсах. Тыйыс айылҕалаах дойдуга ыалдьыты сылаас чэйинэн, тотоойу аһынан көрсүү — олохпут биир сүрүн сиэрэ. Таатта улууһуттан төрүттээх биллэр асчыт, «Тыгын Дархан» ресторан шеф-асчыта *Константин Матаннанов* саха төрүт аһын астаан күндүлээтэ. Былыр булчуттар олоҥхоһуту үүтээҥҥэ тоҕо илдьэ бараллар этэй, А.Е. Кулаковскай «Байанай алгыһа» диэн айымньытыгар ахтыллар иччилэр тустарынан санаа үллэстиитэ, аныгы кэм булчуттара сиэри-туому тутуһалларыгар сүбэ-соргу бэрсэн ирэ-хоро кэпсэтэн, санаа атастаһан тарҕастылар.
*Юрий Большаков*, «Учур» хампаанньа салайааччыта «Бу тэрээһин олоҥхоҕо ананар. Олоҥхо тыла Байанайга чугаһатар ураты күүстээх. Тыл күүһэ наһаа күүстээх, кэнчээри ыччаппытыгар бу курдук кэпсэтиилэри элбэхтэ тэрийиэхпитин наада. Арктикаттан Африкаҕа тиийэ бултуурбар бу дойду дьоно айылҕаҕа, булка хайдах сыһыаннаахтарын үөрэтэн көрөбүн. Саха киһитэ бэйэтин итэҕэлин тута сылдьан тирэхтээх буолар»
*Егор-Борисов-Буор Булгунньах*, медицина наукатын дуоктара: «Саха тыына диэн баар. Ол биһиги култуурабытыгар көстөр. Ыччаттарбытыгар саха тыынын күүскэ иҥэриэххэ»
*Руслан Анисимов*, ХИФУ олоҥхо научнай чинчийэр институтун дириэктэрэ: «Байанай олоҥхо ырыатын-тойугун истэрин эмиэ сөбүлүүр эбит. Олоҥхоһут кэрэ ырыатын-тойугун иһиттэҕинэ булдун-алдын тосхойор. Маннык көстүү муҥхаҕа эмиэ көстөр. Муҥха олоҥхото диэн баар, бу иччилэри ытыктаан, кинилэри күндүлээн кэһиилииллэр.
*Александр Контоев:* урбаанньыт «Бүгүн бары санаабыт биир эбит. Өбүгэбит бултка үгэһин сөргүтүөххэ, саха атынан бултуур үгэһин кэҥэтиэххэ»
*Афанасий Шишигин* «Куута Трофи» бултуур турдары тэрийэр хампаанньа салайааччыта: «Булт култуурата сахаҕа кэлин сайдар эрэр. Аан дойду булчуттара саха булдун сиэрин-туомун сэҥээрэллэр»;
*Иннокентий Корякин*, худуоһунньук: «Барыбытын бу күҥҥэ Өксөкүлээх Өлөксөй түмтэ. Булчукка түүл уонна суор өйдөбүлэ наһаа ураты. Айар дьон булт иччитин Байанайы дьоҥҥо-сэргэҕэ уобарастаан айан-тутан тиэрдэбит.»
*Никита Протодьяконов* «Осикат» булт кулуубун салайааччыта: «Өбүгэлэрбит көмүс курдук бүөбэйдээн аҕалбыт үгэстэрин ыччаттарбытыгар, оҕолорбутугар тиэрдэргэ кыһаллыаххайыҥ, омукпут туһугар туруулаһыаххайыҥ, төрөөбүт тылбытын өрө тутуоҕуҥ!»