Перейти к содержанию

Архивы за месяц Ноябрь, 2024

Суруйааччылар сойуустара тэриллибитэ 90 сыла

Сэтинньи 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствотын 2 нүөмэрдээх дьиэтигэр суруйааччылар сойуустарын 90 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Мунньаҕы Правительство солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Сергей Васильевич Местников, суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлинэн өр сылларга салайбыт Наталья Ивановна Харлампьева, култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Иванович Ноев ыыттылар. Таатта улууһуттан суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов, норуот суруйааччыта Елена Слепцова — …

Саха төрүт музыкальнай инструменнарын үйэтитээччи, СӨ  култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуотун маастара Таатта улууһун, Алдан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Чахов Александр Иванович төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтиир “Айар үлэ ыллыгынан…” ахтыы киэһэтэ ааста

Саха төрүт музыкальнай инструменнарын үйэтитээччи, Саха өрөспүүбүлэкэтин  култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Таатта улууһун, Алдан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Чахов Александр Иванович төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтиир “Айар үлэ ыллыгынан…” ахтыы киэһэтэ сэтинньи 28 күнүгэр Дьокуускай куоракка Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ, Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтэ, Таатта улууһун «Алдан нэһилиэгэ» тыа сирин …

Улуу хомусчут Лука Николаевич Турнин стипендиятын аныыр күрэс ыытылынна

Сэтинньи 28 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр хомус күнүн көрсөӨрөспүүбүлүкэтээҕи XI төгүлүн Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, улуу хомусчут Лука Николаевич Турнин стипендиятын аныыр күрэс ыытылынна.Ытык киһибит үрдүк аатын үйэтитэр сыаллаах, Таатта улууһа тэрийиитинэн 2013 сылтан араас үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ сылдьар, үлэлиир, хомус эйгэтигэр үрдүк ситиһиилээх, хомуһу тарҕатар ыччаттарга аналлаах стипендияны аныыр …

Үйэтитии үлэтэ салҕанар

Бүгүн Дьохсоҕон нэһилиэгэр Алампа алаастарынан — Куобах буһарбыкка, Оккуодайга баран кэллибит — Н.Е.Попов, Алампа аатын сүгэр Ытык Күөл орто оскуолатын учууталлара Н.П.Степанов,Дь.Чохов. Үйэтитиигэ салгыы барар үлэлэри чуолкайдаатылар.Николай Ефимович быһа сылдьар суолу көрдөрдө.Аттаах туризм былааннанна.

Олоҥхо дэкээдэтин үөрүүлээх арыллыыта

Сэтинньи 25 күнэ – Олоҥхо күнэ. Бу күҥҥэ олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Биир сүдү суолталаах тэрээһининэн – «Олоҥхоһуттарга, оһуохай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар уонна норуот маастардарыгар – үгэс буолбут култуурабытын илдьэ сылдьааччыларга – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев анал истипиэндьийэтин аныыр туоһу сурук туттарыытын үөрүүлээх сиэрэ-туома буолан ааста. Төрүт …

Уһуйаан оҕолоругар аналлаах «ОЛОҤХО ЫЛЛЫГЫНАН» тэрээһин Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытылынна

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл  сылларыгар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн уһуйаан оҕолоругар аналлаах «ОЛОҤХО ЫЛЛЫГЫНАН» тэрээһин Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн бар дьон сэҥээриитин ылан бэрт сэргэхтик ааста. Тэрээһин үөрүүлээх чааһа Прасковья Петрова-Күн Көмүс алгыһынан, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г.Вырдылин, Улуустааҕы үөрэх салаатын начальнигын солбуйааччыта Т.А.Тютрина эҕэрдэ тылларынан …

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн оскуола уонна уһуйаан оҕолоругар аналлаах «ОЛОҤХО ЫЛЛЫГЫНАН» тэрээһин ыытылынна

Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл  сылыгар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн оскуола оҕолоругар аналлаах «ОЛОҤХО ЫЛЛЫГЫНАН» тэрээһин Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн бар дьон сэҥээриитин ылан бэрт сэргэхтик ааста. Тэрээһин үөрүүлээх чааһа М.П.Толстякова-Эбээ Муоча алгыһынан, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г.Вырдылин, Улуустааҕы үөрэх салаатын начальнигын солбуйааччыта Т.А.Тютрина эҕэрдэ тылларынан саҕаланна. …

«Оҕо-аймах оһуохайын олохтуоҕуҥ!» оҕолорго оһуохай күрэһэ

Сэтинньи 22 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы народнай театрыгар Арассыыйаҕа Дьиэ-кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылларыгар анаммыт Олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Олоҥхо ыллыгынан» тэрээһин буолла.Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтэ, А.И.Софронов-Алампа аатынан Дьохсоҕоннооҕу норуот айымньытын дьиэтэ, улуус оһуохайын түмсүүтэ сүрүннээн улуустааҕы «Оҕо-аймах оһуохайын олохтуоҕуҥ!» оҕолорго оһуохай күрэһи ыыттылар.Күрэс 2 бөлөҕүнэн ыытылынна.• 1-кы …

ТАЛАХ БЭРГЭН ТЫКСААНА — остуол оонньуута оҥоһуллан атыыга таҕыста

🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿Комбрендинг #СДЕЛАНОВТААТТЕ чэрчитинэн саха норуотун оонньуута #ТАЛАХБЭРГЭНТЫКСААНА сонун көрүҥнэнэн атыыга таҕыста. Таатта улууһугар ыытыллар Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэнэбит# 🔸Сыаната: 800 солк. 🔸Билсэр нүөмэргит: *89142384037

Цирк из Санкт-Петербурга «Тайная жизнь животных»

Встречай Ытык-Кюель, Цирк 🎪 из Санкт-Петербурга с программой «Тайная жизнь животных» только⭐30 ноября в Таттинский народный театр им.П.А. Ойунского⭐Начало 18:00Продажа билетов с 21 ноября в кассе народного театра🎟️Цена 800-1200 зависит от ряда и места дети до 3 х лет бесплатно на коленочка у взрослого. 1 взрослый 1 ребёнокВеселые еноты 🦝Попугаи 🦜 АраКоролевские шпицы 🐕Питон 🐍 …