БЫЙЫЛГЫ УЛУУ ХОМУСЧУТ Л. Н. ТУРНИН СТИПЕНДИАТА ААТТАННА.

Сэтинньи 27 күнүгэр Аан дойдутааҕы хомус киинигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи XIII төгүлүн Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, улуу хомусчут Лука Николаевич Турнин стипендиятын аныыр күрэс ыытылынна. Күрэскэ хомуһу ытыс ымыыта оностубут сэттэ уһуйааччы кыттыыны ылла: Татьяна Куприянова- Дьокуускай к., Мария Иванова -Мэӈэ Хаӈалас, Майа с., Лилия Кычкина- Таатта, Анна Максимова- Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Төхтүр с., Мария Иванова –Дьокуускай к., Андрей Алтынаров–Дьокуускай к., Валентина Кривошапкина –Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, Майа с. ⁠ Дьүүллүүр сүбэҕэ Т. А. Жиркова- Аан дойдутааҕы хомус киинин уонна түмэлин специалиһа, Н. Н. Варламова -Надикан- Лука Турнин стипендиата, М.Н.Жирков аатынан музыкальнай колледж уһуйааччыта, И. Л.Соломонова – Лука Турнин төрөппүт кыыһа. Эҕэрдэ тылларын эттилэр Аан дойдутааҕы хомус киинин уонна түмэлин директора Д.Д.Бястинов, Тыараһа нэһилиэгин баһылыга С.В. Сунхалыров, баһылык солбуйааччыта Туналы Солко, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин методиһа М. Г. Егорова. Үгүс киһини түмпүт күрэһи Тыараһатааҕы Л. Н. Турнин аатынан норуот айымньытын дьиэтин кэллэктиибэ иилээн-саҕалаан ыытта.

Күрэс 3 түһүмэҕинэн Лука Турнин олоҕуттан, айар үлэтиттэн блиц-ыйытыктарга эппиэт, Турнинныы тардыы ньыматынан биир айымньыны толоруу, ураты тардыыны үлэтин уопутугар үөрэтиитин билиһиннэрии түһүмэхтэринэн ыытыллынна. Бу үөрүүлээх күнү Надежда Варламова-Надикан салайааччылаах Святослав Андреев «Туругур, оҕо саас» ырыатынан, Артур Григорьев уһуйааччыта Надикан нууччалыы тылынан саӈа анабыл хоһоонунан, «Кылыһах» фольклорнай бөлөх кырыымпанан, хомуһунан доҕуһуоллатан «Татыйык» ырыатынан, Лука Турнин стипендиата Айсен Деллохов, импровизатор-хомусчут Артур Семенов, норуот маастара Эдуард Тарабукин хомус дьүрүскэн тыаһынан киэргэттилэр. Лука Турнин айар үлэтин үөрэтэн, ырытан киэҥник тарҕатар ытыктыыр киһибит Лидия Михайловна Борисова баай уопутуттан сырдатта.

3 түһүмэх түмүгүнэн кыайыылаах СТИПЕНДИАТ аатын ылла Дьокуускайтан Татьяна Семеновна Куприянова. Стипендиат үрдүк аатын ылбыт уһуйааччы Хомус күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Таатта улууһун дьаһалтата олохтообут 30 000 солк. сууммалаах туоһу суругу, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ оӈорторбут түөскэ кэтэр бэлиэтин тутар. Прокопий Прокопьевич Турнин, Артур Семенов-Тоӈ Саха аймахтар ааттарыттан анал бириистэри Мария Ивановаҕа, Валентина Кривошапкинаҕа Мэӈэ Хаӈалас улууһун кыттыылаахтарыгар туттардылар. Хомус аҕата, ХХ үйэ чулуу хомусчута үйэлэргэ аата ааттана турдун!

➤