Бэс ыйын 15 күнүгэр ыаллыы Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгиттэн төрүттээх биллэр олоҥхоһуттар Кривошапкин А.Н,-Нуорай Өлөксөй 155, Белых М.И.- Мэхээчэ 145, Устинов Г.М.- Ньоройоон уола 125, ыһыах ыһааччы Платонова У.И.- Уус Ылдьаана 180 үбүлүөйдээх сылларыгар анаммыт V төгүлүн Олоҥхо аһаҕас улуустааҕы ыһыаҕа ыытылынна.
Таатта улууһуттан Дьохсоҕон, Октябрьскай, Тыараһа нэһилиэгиттэн кыттыыны ыллылар. Ыһыах алгыһын сиэрин-туомун биир дойдулаахпыт, хатылылар күтүөттэрэ Афанасий Попов ыытта. Сүрүн күрэстэр эбиэт кэннэ буолла.
Таатталар хас көрүҥ аайы ситиһиилээх кытыннылар.
🌿ОЛОҤХОҔО БӨЛӨҔҮНЭН ТОЛОРУУГА
🔅ЧУЛУУ ААТ II ҮРДЭЛ «Добун» эр дьон бөлөҕө, Дьохсоҕон. Сал. Афанасий Попов
🔅БАСТЫҤ ААТ I ҮРДЭЛ «Умсулҕан» бөлөх, Чөркөөх. Сал. Розалия Филатова
🌿 БИИРДИИЛЭЭН ТОЛОРУУГА
🔅 ЧУЛУУ ААТ II ҮРДЭЛ Галина Полускина, Тыараһа
🔅 БАСТЫҤ ААТ II ҮРДЭЛ Афанасий Собакин, Дьохсоҕон
🌿ОҺУОХАЙГА
🔅КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ Наумов Илья, Дьохсоҕон
🔅 I ҮРДЭЛ Потапов Иван, Дьохсоҕон
🔅БИҺИРЭБИЛ БЭЛИЭ Марина Говорова, Тыараһа
🌿ЧАБЫРҔАХХА
🔅ЧУЛУУ ААТ I ҮРДЭЛ
«Кылыһах» фольклорнай народнай ансамбыл, Тыараһа. Сал. Марина Говорова
🔅 ЧУЛУУ ААТ II ҮРДЭЛ «Умсулҕан» бөлөх, Чөркөөх. Сал. Розалия Филатова
🔅ЧУЛУУ ААТ II ҮРДЭЛ Мария Сабарайкина, Светлана Никитина, Чөркөөх
🔅 ЧУЛУУ ААТ III ҮРДЭЛ Алена Сабарайкина, Тыараһа
🌿ДЭГЭРЭН ЫРЫАҔА
🔅ЧУЛУУ ААТ II ҮРДЭЛ
«Кылыһах» фольклорнай ансамбыл, Тыараһа. Сал. Марина Говорова.
🌿🌿🌿🌿🌿