Сэтинньи 28 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр хомус күнүн көрсө
Өрөспүүбүлүкэтээҕи XI төгүлүн Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, улуу хомусчут Лука Николаевич Турнин стипендиятын аныыр күрэс ыытылынна.
Ытык киһибит үрдүк аатын үйэтитэр сыаллаах, Таатта улууһа тэрийиитинэн 2013 сылтан араас үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ сылдьар, үлэлиир, хомус эйгэтигэр үрдүк ситиһиилээх, хомуһу тарҕатар ыччаттарга аналлаах стипендияны аныыр күрэс сылын ахсын ыытыллар.
Быйылгы ыытыллар күрэх уратыта диэн хомус дьүрүскэн тыаһын үөрэтэр уһуйааччылар кыттыыны ыллылар.
Стипендияны аныыр күрэһи олохтууллар: «Таатта улууһа» Муниципальнай оройуон дьаһалтата, Улуустаа5ы норуот айымньытын дьиэтэ.
Тэрийээччилэр «Тыараһа нэһилиэгэ» сельскай поселение дьаһалтата, Аан дойдутааҕы хомус түмэлэ уонна киинэ, Л.Н.Турнин аатынан «Алгыс» Норуот айымньытын дьиэтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин культураҕа уонна духовнай сайдыыга министрин солбуйааччыта Марина Владимировна Силина,Аан дойдутааҕы хомус киинин уонна түмэлин директора Дмитрий Дмитрьевич Бястинов, «Таатта улууһа» МО баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Святослав Васильевич Сунхалыров,Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин директора Гаврил Гаврильевич Вырдылин кыттааччыларга эҕэрдэлэрин тиэртилэр, алгыс тылларын анаатылар.
Күрэскэ дьүүллүүр сүбэнэн үлэлээтилэр — Дьүүллүүр сүбэ председателэ – Марина Владимировна Силина-Саха Өрөспүүбүлүкэтин культураҕа уонна духовнай сайдыыга министрин солбуйааччыта, Россия уонна Саха сирин үтүөлээх артыыската.Дмитрий Дмитрьевич Бястинов Аан дойдутааҕы хомус киинин уонна түмэлин директора,Турнина Варвара Николаевна – Алампа аатынан Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Саха сирин эдэр литератордарын чилиэнэ, Аан дойдутааҕы хомусчуттар түмсүүлэрин чилиэнэ, всероссийскай, республиканскай хомус конкурстарын призера, «Тус илин» фольклорнай ансаамбыл салайааччыта, Лука Николаевич Турнин сиэнэ.
Күрэс 3 түһүмэ5инэн ыытылынна. 1 түһүмэх: Лука Турнин олоҕуттан, айар үлэтиттэн блиц-ыйытыктар
2 түһүмэх: Биир айымньыны Лука Турнин хомуска тардар ньыматынан толоруу;
3 түһүмэх: Лука Турнин хомуска тардар ураты ньыматын үөрэтэр уопутун презентационнай матырыйаалынан билиһиннэрии.
Күрэскэ Чурапчы улууһуттан Любовь Кочкина, Үөһээ Бүлүүттэн Айсен Деллохов, Орто Халыматтан Элла Павлова, Таатта улууһуттан Марина Говорова, Алена Пинигина, Мэҥэ Хаҥаластан Роман Иванов, Дьокуускайтан Сааскыйа Адамова кытыннылар.
Үс түһүмэх түмүгүнэн Кыайыылаах аатын ылла Айсен Деллохов.
Стипендиат үрдүк аатын ылбыт кыайыылаахха Айсен Деллоховка Таатта улууһун аатыттан түөскэ анньыллар үрүҥ көмүс бэлиэ уонна 20 000 тыь сууммалаах сертификат туттарылынна.
Аймахтар анал бириистэрин Сааскыйа Адамова, Марина Говорова туттулар.
Быйылгы 2024 сылга улуу хомусчут Лука Турнин аатынан стипендияны ылар иһин хомуһу ытыс ымыыта оҥостубут кыттыыны ылбыт уһуйааччыларбытыгар дьоммутугар махтанабыт.
Саха хомуһун аар саарга аатырдыбыт Лука Турнин хомуһа үйэлэргэ дьүрүьүйэ турдун,ыллам ырыата ыллана турдун, аата ааттана турдун!