Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылыгар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн оскуола оҕолоругар аналлаах «ОЛОҤХО ЫЛЛЫГЫНАН» тэрээһин Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн бар дьон сэҥээриитин ылан бэрт сэргэхтик ааста. Тэрээһин үөрүүлээх чааһа М.П.Толстякова-Эбээ Муоча алгыһынан, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г.Вырдылин, Улуустааҕы үөрэх салаатын начальнигын солбуйааччыта Т.А.Тютрина эҕэрдэ тылларынан саҕаланна. Ол кэннэ сыанаҕа олоҥхо персонажтарынан косплей оҕо-аймах сэҥээриитин ылла. Геройдары улуустааҕы норуот айымньыларын дьиэлэрэ бэлэмнээн көрдөрдүлэр. Ол курдук:
Аан Алахчын Хотуну — П.А.Ойуунускай аатынан Таатта народнай театра;
Иэйиэхсити — А.Е.Кулаковскай аатынан Чычымахтааҕы НАДь;
Дьөһөгөй Айыыны — Н.Н.Туласынов аатынан НАДЬ, Чөркөөх;
Байанайы – И.И.Слепцов аатынан НАК, Уолба;
Кудай Бахсы ны–“Тускун” култуура киинэ, Баайаҕа;
Кыталыгы – Сарыал КСК, Ытык-Күөл;
Симэхсин эмээхсини – А.Ф.Бояров аатынан НАДь, Дэбдиргэ;
Сорук Боллуру – “Сайдам” НАДь, Туора-Күөл;
Ньаадьы Ньаҥханы – А.И.Софронов-Алампа аатынан НАДь, Дьохсоҕон;
Туйаарыма Куону – И.В.Николаев аатынан НАДь, Орто-Амма;
Уот Уһутаакыны – “Айтал” НАДь, Уус-Амма;
Кыыс Кыскыйдааны – “Кустук” НАДь, Даайа-Аммата;
Абааһы кыыһын – Л.Н.Турнин аатынан “Алгыс” НАДь, Тыараһа;
Кыыс Дэбилийэ Бухатыыры – “Кытыл” НАДь, Алдан;
Ньургун Боотуру — П.А.Ойуунускай аатынан Таатта народнай театра.
Тэрээһин устата орто сүһүөх оҕолоругар аналлаах таабырыҥҥа, чабырҕахха, олоҥхо хамсаныыларынан үҥкүү, остуоруйа көрүүтэ, араас оонньуулар ыытылыннылар.
“Оҕо-аймах оһуохайын олохтуоҕуҥ” күрэһи А.И.Софронов-Алампа аатынан Дьохсоҕоннооҕу норуот айымньытын дьиэтэ, улуус оһуохайын түмсүүтэ сүрүннээн оҕолорго улуустааҕы оһуохай күрэһин ыыттылар.
Күрэс 2 бөлөҕүнэн ыытылынна:
1-кы бөлөх — oскуола үөрэнээччилэрэ (7-12 саастарыгар диэри)
2-бөлөх — оскуола үөрэнээччилэрэ (13-17 саастарыгар диэри).
Барыта 22 оһуохайдьыт А.Е.Мординов аатынан лицей, А.И.Софронов-Алампа аатынан ЫКОО, Н.Д.Неустроев аатынан Уус-Таатта, Э.К.Пекарскай аатынан, Г.Д.Бястинов-Бэс ДьарааҺын, В.И.Ленин аатынан, С.Р.Кулачиков-Эллэй аатынан, П.А.Ойуунускай аатынан, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан орто оскуолалар кыттыыны ыллылар.
Оһуохайы дьүүллээтилэр:
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, оһуохай үтүөлээх этээччитэ А.Н.Попо;.
Оһуохай үтүөлээх этээччитэ, Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин методиһа И.Ф.Иванов;
Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, улуустааҕы Оһуохай түмсүүтүн салайааччытын солбуйааччыта, Саха НКИХ Тааттатааҕы филиалын редактора П.Ф.Татаринова.
Алдан нэһилиэгин «Кытыл» Норуот айымньыта бу тэрээһиҥҥэ «Олоҥхону ааҕабыт» олоҥхону оҕолорго дорҕоонноохтук аахтарыыны ыыттылар. Елена Васильевна Слепцова П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун кэпсээн халыыбынан киллэриллибит кинигэтиттэн оҕолор аахтылар. Олоҥхону ааҕыыга уопсайа 14 оҕо кыттыыны ылла.
Даайа-Амматааҕы “Кустук”, Орто Амматааҕы И.В.Николаев аатынан норуот айымньытын дьиэлэрэ “Олоҥхо дойдутугар айан”, “Сарыал” култуура уонна спорт киинэ остуол оонньууларын, А.Е.Кулаковскай аатынан Чычымахтааҕы НАДь сахалыы лото, Орто Амматааҕы “Айтал” НАДь “ТОБУЛ” пазылы таһаарыыны, маастар-кылаастары Баайаҕатааҕы “Тускун” култуура киинэ салама симэҕэр, Тыараһатааҕы Л.Н.Турнин аатынан “Алгыс” НАДь чабырҕахха ыыттылар, өс хоһооннорунан тыл оонньуутун Дэбдиргэтээҕи А.Ф.Бояров аатынан НАДь, “Тылы таба таай” остуол оонньуутун Уолбатааҕы И.И.Слепцов аатынан НАДь, “Тал.Таай.Кыай” таабырын таайыытын “Сайдам” Туора-Күөллээҕи НАДь, “Аптаах алыптаах остуоруйалары” Чөркөөхтөн Н.Н.Туласынов аатынан НАДь ыыттылар. “Туллукчаан” оҕо библиотеката “Таабырын хонуута”, Ф.С.Аргунов аатынан оҕо искусствотын оскуолата “Дьиэрэй оҕо саас ырыата” ырыа түһүлгэтин, Киин библиотека А.Е.Кулаковскай “Сайын кэлиитэ” айымньытын нөҥүө олоҥхону билиһиннэрии тифлоиспиктээх көрдөрдүлэр. Ону тэҥэ олоҥхо персонажтарын куукулаларынан фотозона турда.
Өбүлэлэрбит тылын саамай сүөгэйин-сүмэтин, сиэрин-туомун, алгыһын олоҥхоҕо киллэрэн, оҕолорбутугар сахалыы тыыны иитэн, иҥэрэн, Ийэ тылларын сайыннаран олоҥхоҕо уһуйан, хас биирдии оҕо сахатын тылын билэрэ кини инники олоҕор, атын омуктардыын бодоруһарыгар туһалыыр, өбүгэлэрин кытта ситимниир уонна олоххо бигэ тирэхтиир!