Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр 2025 сылга 22-с төгүлүн ыытыллыахтаах «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн рекламнай видеороликтары устарга, оҥорорго эбии үөрэх ыытылынна. Үөрэҕи «Саха» НКИХ Тааттатааҕы филиалын оператора Степан Алквиадович Атастыров ыытта. Курсааннар күн устата үөрэнэн, группа тэринэн инникитин ситиһиилээхтик бииргэ үлэлииргэ былааннанан тарҕастылар.