Перейти к содержанию

Ытык Таатта ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ааста.

Ытык Таатта ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ааста.

    Талыы талба Таатта улууһун дьоно-сэргэтэ уонна ыалдьыттара бэс ыйын 15-16 ккүннэригэр ыһыах ыстылар. Ытык Таатта ыһыаҕын иһинэн үһүс өрөспүүбүлэтээҕи «ИИС.УУС.АС.ФЕСТ» этнографическай фестиваль тэрилиннэ. Хадаайы түһүлгэтигэр 1500 миэстэлээх трибуна оннун булан дьэндэйдэ. Күн көрсөр түһүлгэ тутулунна. Аһылык, оҕо-аймах түһүлгэлэрэ миэстэлэрэ уларыйда. Аһылык түһүлгэтигэр помост, сыана тулуннулар, от тардылынна. Моҕол ураһа таһыгар тимири кытардар оллоон тутулунна. «Таатта» Ытык-Күөллээҕи литературнай-художественнай түмэлигэр туой иһити буһарар оһох тутулунна. Сыана ыраастанан кырааскаланна. Олоҥхо балаҕаныгар уот-күөс оҥоһулунна.

 Улууска Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылыгар Ыһыах күн көрсүүтүттэн саҕаланна. 300 — тэн тахса киһи кыттыыны ылла. Күн 03:00 ааһыыта тахсан сиэр-туом силигин сиппитэ. Сылдьыбыт дьон үөрүүтэ үксээбитэ. Күнүс түһүлгэҕэ 3000 тахса киһи ыһыахтаата. Алгысчыт, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин иискэ-ууска, фондаҕа методиһа Уйбаан Уйбаныап олус үчүгэйдик алҕаата. «Таатта улууһа» МО аҕа баһылыга Айаал Семенович Бурцев кымыс үрдүн охтордо. Дьүһүйүүгэ эдэр уонна 50 сыл бииргэ олорбут ыаллар кытыннылар. Үөрүүлээх чааһыгар улуус бочуоттаах олохтоохторо, өрөспүүбүлүкэ наҕараадалара туттарылыннылар. Сомоҕолоһуу оһуохайын Иван Потапов, Лариса Попова киэҥ түһүлгэлээх таһаардылар. Эбиэт кэмигэр аһылык түһүлгэтин саха чаҕылхай ырыаһыттара Сиэйэ уола, Күндэл, Николай Никифоров киэргэттилэр. Баһылык остуола норуокка, ытык кырдьаҕастарга, экспердарга анаан тардылынна. Биир дойдулаахтарбытыгар наҕараадалар туттарылыннылар. 42  урбаанньыт аһылыгы үчүгэйдик хааччыйдылар. Эбиэттэн киэһээ түһүлгэлэринэн «ИИС.УУС.АС.ФЕСТ» күрэхтэрэ уонна оһуохайга, чабырҕахха, ырыаҕа, Р.А.Кулаковскай 110 сылыга, Е.В.Слепцова — Куорсуннаах 60 сааһыгар аналлаах ааҕыылар, саха таҥаһын көрүү куонкурстара ыытылыннылар. Бэлэх түһүлгэтигэр уус-уран оҥоһуктар атыылара хамаҕатык барда. Оҕо-аймах түһүлгэтигэр элбэх урбаанньыт оҕолору сааратта. Киин түһүлгэҕэ хапсаҕайга, атах оонньуутугар, мас тардыһыытыгар быыппастар былчыҥнаахтар, сыыдам туттуулаахтар илин-кэлин түһүстүлэр. Киэһээ «Ыһыах бэлэҕэ» сүүйүүлээх акцияҕа саха эстрадатын сулустара Айса, Кирилл Матвеев кыттыыны ыллылар. КСК-ҕа Шандор, Бүөккэ Бөтүрүөп, Какитока уо.д.а кыттыылаах «Үрүҥ түүн» шоу-дискотека ыытылынна.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи III төгүлүн ыытыллыбыт «ИИС.УУС.АС.ФЕСТ» фестивальбыт СПОНСОРДАРЫГАР — сүрүн спонсорбытыгар СӨ Государственнай мунньаҕын (Ил Түмэн) депутата Виктор Николаевич ЛЕБЕДЕВКА уонна «Таатта улууһа» МО аҕа баһылыгар Айаал Семенович БУРЦЕВКА, СӨ Культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министра Афанасий Иванович НОЕВКА, ПК «Монтажник» солбуйааччыта Александр Александрович ХАНИҤҤА, СКАМ «Групп» салайааччыта Николай Иннокентьевич АКИМОВКА, «Алмазэргиэнбанк» директорыгар Майя Борисовна АРГУНОВАҔА, дьахтар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Варвара Ильинична БУДИКИНАҔА, «Акварель» маҕаһыын салайааччыта Саргылаана Ивановна МИХАЙЛОВАҔА истиҥник махтанабыт. Үлэҕит таһаарыылаах буола турдун, олоххут-дьаһаххыт доруобай, дьоллоох буоллун.

Ытык Таатта ыһыаҕар ыытыллыбыт күрэстэр түмүктэрэ:

 «Үйэлээх сахам таҥаһа» күрэһэ

САХА ТАҢАҺЫН түһүлгэтигэр дьиэ кэргэнинэн уонна иистэнньэңнэргэ анаан күөн күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтарынан та5ыстылар

”БАСТЫҢ САХАЛЫЫ ТАҢАС” Уус Алдантан Алдаана Егорова- Таатта улууһун баһылыгын А. С. Бурцев дьиэ кэргэнин аатыттан иистэнэр массыынаны Ольга Павловна Бурцева туттарда

”БАСТЫҢ ДЬИЭ КЭРГЭН САХАЛЫЫ ТАҢАҺА” Ытык Күөлтэн Боппосовтар  кыайыылаа5ынан та5ыстылар.

”КӨРӨӨЧЧҮ БИҺИРЭБИЛЭ” С. П. Гуляева дьиэ кэргэнинэн “Ытык мал- саха таңаһа” коллекциятынан”дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ В. И. Будикина анал бириистэри туттарда.

“БАСТЫҢ ЭР КИҺИ САХАЛЫЫ ТАҢАҺА”

Ытык Күөлтэн Иван Рахлеев,

“БАСТЫҢ ДЬАХТАР САХАЛЫЫ ТАҢАҺА”

Ытык Күөлтэн Изольда Акимова

“БАСТЫҢ КЫЫС О50 САХАЛЫЫ ТАҢАҺА”

Хатастан Сардаана Токоемова

“БАСТЫҢ УОЛ О5О САХАЛЫЫ ТАҢАҺА”

Чаҕыл Ючюгяев кыайда.

Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин анал бириистэринэн на5араадаланнылар.

Ыһыах мааны таңаһа, өбүгэ мындыр өйө, кэрэни кэрэхсиир оһуора мандара сайда турдун!

Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылыгар аналлаах аһаҕас ырыа күрэһэ

Түмүк:

Оҕолорго:
Лауреат 1 ст — Руслан Собакин, Уолба
Лауреат 2 ст — Миронова Аина,
Лауреат 3 ст — Бурнашева Туйгууна, Ытык-Күөл
Дипломант 1ст — Бурнашева Дайаана, Ытык-Күөл
Дипломант 2ст — Тистяхова Амила, Ытык-Күөл
Улахан дьон 17-35 саастарыгар диэри
Лауреат 1ст — Жирков Владимир, Харбалах
Лауреат 2ст — Беляев Иван, Уолба
Улахан дьон 36 саастарыттан үөһэ:
Лауреат 1ст — Варламов Толя, Кыйы
Дипломант 1ст — Федотова Сахаяна, Баайаҕа
Ансаабыл:
Лауреат 1ст — Дуэт «Уолбан», Уолба
ГРАН-ПРИ — Макарова Лена, Ытык-Күөл

«ОҺУОХАЙДААН ОЙУОХХА, КӨРҮЛҮӨХХЭ-КҮННҮӨХХЭ, КӨҤҮЛ-ДЭЛГЭМ ЫҺЫАХХА!»  оһуохайга аһаҕас күрэс

Улуустааҕы аһаҕас оһуохай күрэҕэр барыта 10 кыттааччы кытынна, 7 кыттааччы 18 саастарыттан 35 саастарыгар диэри, 3 кыттааччы 36 үөһэ саастаах дьон  кыттыыны ылыллар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Саха Республикатын үтүөлээх этээччилэрэ, Таатта оһуохайын тарҕатааччылар Попов А.Н, Потапов И.И., Прокопьева Т.Ю. сыаналаатылар. Түмүккэ  ыччаттарга 1 Үрдэл- Наумов И.Я-Дьохсоҕон, 2 Үрдэл Канаева А.А- Чычымах, 3 Үрдэл Прохоров М.М.- Чөркөөх, анал ааттар Гладкина К.Н, ( Туора-Күөл), Аржаков А.В(Уолба), Оконешников В.В.(Харбалаах), Семенов А.Н(Уолба). 36 үөһээ бөлөххө 1 Үрдэл Попова Л.А (Дьохсоҕон), 2 Үрдэл Васильева М.А. (Чымынаайы), 3 Үрдэл Белин И.И.(Тыараһа) буоллуллар.  Дьүүллүүр сүбэ “Бастыҥ кынат” анал ааты  Щукин П.И. туттардылар. Оһуохай күрэҕэр эдэр ыччат, күүстээх аҥардар кыттыбыттара олус кэрэхсэбиллээх буолла. Бары кыттыбыттарга, дьүүллүүр сүбэҕэ, сүрүн спонсорга Ытык-Күөллээҕи “Алмазэргиэнбанк” салайааччытын эбээһинэһин толорооччу  Н.Н.Саввинаҕа  дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

«Чугдаарар чабырҕах» улуустааҕы аһаҕас күрэх

Барыта улахан дьоҥҥо 3, оҕолорго 1 бөлөх кытынна.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Саха Республикатын үтүөлээх үлэһитэ, Октябрьскай нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, Таатта улууһугар чабырҕаҕы тарҕатааччылар Филатова Р.Н., Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна Канаева А.Н. уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, А.Е.Мординов аат. Таатта лицеин саха тылын уонна литературатын учуутала Андросова О.П. сыаналаатылар.

Түмүккэ  оҕолорго «Кэскиллээх чабырҕахсыттар» анал ааты «Сыккыс» бөлөх ылла (Харбалаах, сал. Парфенова В.А.) Улахан дьоҥҥо 1 Үрдэл — «Кылыһах»  бөлөх (Кыйы, сал. Сабарайкина А.А.), 2Үрдэл -«Күбэйэ» бөлөх (Чөркөөх, сал. Филатова  Р.Н.) 3 Үрдэл-«Иэйии» бөлөх (Туора Күөл, сал. Аянитова Н.П.) буоллуллар.  Дьүүллүүр сүбэ  кыттаачылар аҕыйахтар эбит. Бу уустук көрүҥ симэлийбэтэр ханнык диэн  санааларын үллэһиннилэр. А.Н.Канаева инникитин эбээлэр сиэннэринээн кыттыахтарын наада эбит диэн баҕа санаатын эттэ.

Тэрээһиҥҥэ «Сулусчаана» (Ытык-Күөл) уһуйаантан Бурнашева Даяна  эҕэрдэлээн ,,Маарта кыыс» диэн чабырҕаҕы толорон бар-дьону үөртэ.

Санатан эттэххэ «Чугдаарар чуораан» аһаҕас күрэх биирдиилээн толорооччуларга Чычымах  бөһүөлэгэр от ый ын  7 күнүгэр үбүлүөйдээх ыһыахха ыытыллыаҕа.Бу күрэх Р.А. Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сылыгар ананыаҕа.

Бары кыттааччыларга, дьүүллүүр сүбэҕэ, спонсорга Ытык-Күөллээҕи норуот айымньытын дьиэтигэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

“Куорсуннаах  аптаах остуоруйалара” улуустааҕы уруһуй күрэһэ

Саха норуодунай суруйааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ Государственнай бириэмийэтин лауреата Е.В. Слепцова – Куорсуннаах төрөөбүтэ 60 сааһыгар анаммыт *“Куорсуннаах  аптаах остуоруйалара”* улуустааҕы уруһуй күрэһэ түмүктэннэ. Дьокуускайтан, Таатта улууһун Ытык Күөлүттэн, Чычымахтан, Баайаҕаттан 28 оҕо кытынна.

*🎨I үрдэл* — Бурнашева Туйгууна, Ытык Күөл с.

*🎨II үрдэл* — Малышева Айыллаана, Чычымах с.; Налыяхова Виолетта, Дьокуускай к.

*🎨III үрдэл* — Аргунова Уйгулаана, Ытык Күөл с.; Дьяконова Мичийэ Куо, Ытык Күөл с.

*🎨«Дьэрэкээн уруһуй»* анал аат — Лукина Сайыына, Дьокуускай к.

*🎨«Талааннаах уруһуйдьут»* анал аат — Кычкина Вероника, Ытык Күөл  с.

☀️ 🌿 ☀️ 🌿 ☀️

Ытык Күөл үрүҥ тунах ыһыаҕар Е.В. Слепцова-Куорсуннаах остуоруйаларын тутатына уус-уран ааҕыыга 10 оҕо, 6 улахан киһи кытынна.

«Айар аартык күлүүһүн арыйдахха…» Реас Кулаковскай төрөөбүтэ 1110 сылыгар аналлаах күрэс

📖✒️Бэс ыйын 15 күнүгэр ыһыах түһүлгэтигэр Ытык Күөл киин библиотеката суруйааччы Реас Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри ыытта. Кыттааччылары уонна көрөөччүлэри Реас Кулаковскай кыыһа РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, улуус бочуоттаах олохтооҕо Рива Реасовна Кулаковская, Лена Макарова ырыанан эҕэрдэлээтилэр.

🔹 «Айар аартык күлүүһүн арыйдахха…» суруйааччы айымньыларын ырытыыга кэтэхтэн ыытыллыбыт күрэс түмүгүн иһитиннэрии уонна кыайыылаахтарга наҕараадалары туттарыы буолла. Улуус нэһилиэктэриттэн, Кэбээйи, Сунтаар улуустарыттан, Дьокуускайтан барыта 17 үлэ киирбит. Бастыҥ ырытыылар «Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэр чиэскэ тигистилэр.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан ананна:

1 м. — О.М. Слепцова (Ытык Күөл)

2 м. — Н.В. Андросова-Айталы (Дьокуускай)

3 м. — М.Н. Ширяева (Ытык Күөл)

Анал ааттар:

Т.С. Григорьева (Чычымах)

С.Н. Самсонова-Сиибиктэ (Кэбээйи)

Биһирэбил бириис:

Л.Н. Турнина (Ытык Күөл)

🔹 «Айымньы кынатыгар уйдаран…» суруйааччы айымньыларын дьиэ кэргэнинэн уус-уран ааҕыы күрэһэ ыытылынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ Реас Алексеевич кыыһа Р.Р. Кулаковская, сиэнэ Н.Г. Дарбасова, киин библиотека дириэктэрэ А.К. Билюкина, «Уран тыл» литературнай түмсүүттэн С.С. Игнатьева үлэлээтилэр. Кыайыылаахтарынан ааттаннылар:

1 м. — Пинигиннар (Дьохсоҕон)

2 м. — Бехтюевтар (Ытык Күөл)

3 м. — Турниннар (Ытык Күөл)

Анал ааттар:

Андросовтар (Ытык Күөл)

Шестаковтар (Ытык Күөл)

Биһирэбил бириис:

Грязнухиннар (Ытык Күөл)

🔹«Реас Кулаковскай ыллыгынан…» блиц-оонньуу тэрилиннэ. Манна ким баҕалаах кыттан талан ылбыт боппуруостарыгар суруйааччы кинигэлэриттэн эппиэттэри буллулар. Кыйыылаахтар Дипломнарынан, бириистэринэн наҕараадаланнылар, маны таһынан Кулаковскайдар дьиэ кэргэн бастакы миэстэни ылбыттарга аҕалара мөссүөннээх үрүҥ көмүс өйдөбүнньүк бэлиэлэрин туттардылар. Бары кыттыбыт дьоҥҥо махталбытын тиэрдэбит!

«ИИС.УУС.АС.ФЕСТ» ЭТНОГРАФИЧЕСКАЙ ФЕСТИВАЛЬ ТҮМҮГЭ:

Научнай-практическай конференция

Бэс ыйын 16 күнүгэр Ытык Таатта ыһыаҕын “ИИС.УУС.АС. » фестиваль научнай практическай конференциятыгар Тааттаттан, Уус Алдантан, Чурапчыттан, Сунтаартан,Халыматтан, Намтан,Орто Халыматтан,Дьокуускай куораттан уопсайа 45 доклад кыттыыны ылла.

Конференция түөрт хайысханан үлэтин түмүгүнэн кыайыылаахтарынан таҕыстылар:

Иис- уус хайысхаҕа

1 миэстэ- Алексей Дорофеев (Таатта, Ытык-Күөл)

2 миэстэ — Ирина Картузова ( Дьокуускай куорат)

3 миэстэ Потапова Сандаара (Баайаҕа)

Уһуйуу ньымалара

1 миэстэ Дария Иванова (Таатта, Чычымах)

2 миэстэ Валентина Блахирова ( Таатта, Харбалаах)

3 миэстэ Татьяна Прокопьева (Таатта, Чымнаайы)

И. В. Попов-норуот култууратын үйэтитээччи

1 миэстэ Саргылаана Билюкина, Ньургуяна Петрова, Анфиса Слепцова (Таатта, Ытык-Күөл)

2 миэстэ Мария Платонова  (Таатта, Ытык-Күөл)

3 миэстэ Сандаара Мосоркина (Таатта, Ытык-Күөл)

*И.И.Тарбахов: Культурный

код якутской национальной кухни*  секцияҕа

1 миэстэ

Айталина Кычкина, студентка ЯТТС, 2 миэстэ  Альбина

 Спиридонова,  Сунтарский технологический колледж, Лиана

Максимова,

3 миэстэ

А.М.Спиридонова, Сунтарский улус, Анастасия Попова

Экспердэринэн үлэлээтилэр:

1. Васильев Валерий Егорович

кандидат исторических наук, старший научный сотрудник Центра интеллектуальной истории и культуры ИГИиПМНС СО РАН

2. Скрябина Алевтина Афанасьевна

кандидат филологических наук, научный сотрудник отдела якутской филологии ИГИиПМНС СО РАН

3. Захарова Акулина Егоровна

кандидат социологических наук, доцент, старший научный сотрудник отдела этносоциологии ИГИиПМНС СО РАН

4. Саввинов Павел Олегович, младший научный сотрудник отдела истории ИГИиПМНС СО РАН

5. Рожина Изабелла Васильевна

специалист по проектной деятельности Научно-организационного отдела ИГИиПМНС СО РАН

6. Сивцева Изабелла Александровна.- кандидат педагогических наук, директор Таттинского лицея

7. ⁠Огоюкина Саргылана Иннокентьевна кандидат педагогических наук, учитель Таттинского лицея

8. ⁠Сысолятина Людмила Дмитриевна- кандидат педагогических наук, Таттинского лицея

9. ⁠Луковцева Мира Николаевна зав.методическим отделом УУО МР “Таттинский улус

10. ⁠Халдеева Татьяна Дмитриевна-Ю.А.Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы өҥөнү үөрэтэр техникум.

Конференция биир кэрэхсэбиллээх түгэнинэн П. А. Ойуунускай тэрийбит гуманитарнай чинчийэр институт үлэһиттэрин кытта Таатта улууһун баһылыга Айал Семенович Бурцев бииргэ үлэлиир туһунан кэпсэтии тэрилилиннэ, сөбүлэң түһэрсиитин киэбэ чопчуланна, кэлбит дьон санаатын үллэһиннэ.

“ИИС. УУС. АС” фестиваль быйыл үһүс төгүлүн үтүө үгэстэрин тутуһан А. С. Борисов салайыылаах Геокультурнай институт өйөбүлүнэн тэрилиннэ.

Маннык киэн далааһыннаах наука эйгэтэ оло5у хамсатар, тупсарар, үйэтитэн чинчийэр суолталаа5ын  кыттааччылар, экспиэрдэр бэлиэтээн эттилэр.

Марианна Степанова

“Үйэлээх симэҕим суһума” көмүс уустарын күрэһэ

Үһүс өрөспүүбүлүкэтээҕи «Иис.Уус.Ас» фестиваль бастакы күнүн чэрчитинэн  «Үйэлээх  симэҕим суһума» көрүҥ түмүгэ билиннэ. Быйыл кыттааччылар худуоһунньук И.В.Попов уруһуйдаан үйэтиппит «Ачаах ытарҕа» көрүҥүн алтантан, үрүҥ көмүстэн оҥорон көрдөрдүлэр. Маны сэргэ дьахтар симэҕин быыстапкаҕа туруордулар. Күрэс түмүгүнэн:

I үрдэли Табунанов Иван Иванович-Уйбаан уус уонна уһуйуллааччыта Лия Маркова — Алампа аатынан 1 нүөмэрдээх ЫКОО 11 кылааһын үөрэнээччитэ (Таатта улууһа, Ытык Күөл) ыллылар.

Иккис үрдэлгэ Николай Владимирович Егасов уолунаан Петялыын таҕыстылар (Таатта улууһа, Ытык Күөл).

Үһүс үрдэли ыаллыы сытар Уус Алдан Тандатын удьуор уус Готовцевтар сыдьааннара  Илья Романович Готовцев ылла.

Кыайыылаах хамаандалар Таатта улууһун култуураҕа салаатын сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Иккис төгүлүн ыытыллар көмүс уустарын дьүүллүүр сүбэтин иилээччитэ СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара, хомус ууһа, Саха АССР норуодунай худуоһунньуга И.В.Попов удьуорун утумнааччы Эдуард Эдуардович Тарабукин Ытык Күөл хамаандатын кыайыылааҕар Лия Марковаҕа тус бэлэҕин — хомуһун бэлэх уунна.

“Күкүр Уус утума” тимир уустарын күрэһэ

Ытык Таатта Ыһыаҕар 3 төгүлүн ыытыллыбыт ИИС.УУС.АС ФЕСТ силигин  ситтэ. Ол курдук тимир уустара саха быҺа5ын икки күн устата охсоннор тыҥааһыннаах киирсиилэри, сатабыллаах талааны көрдөрдүлэр. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да эдэр ыччат көхтөөхтүк кытынна, күрэххэ Таатта, Уус-Алдан, Томпо, Мэнэ-Ханалас улуустарын эдэр уустара кытыннылар. Тимир уустарын түһүлгэтин сыаналаатылар: Роман Ильич Готовцев Россия норуотун маастара Саха Сирин Тимир уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Николай Иванович Егоров- Баайа5ыын Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус уран оҥоһуктарын норуотун маастара Баайа5а түмэлин салайааччыта, Пётр Аркадьевич Луковцев Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара. Күрэхтэһии иккис күнүгэр уустар быһах угун, кыынын оҥордулар, бүтэһик түһүмэххэ быһах тургутуутун түмүгүнэн, бастакы миэстэни ылары ситистэ Марат Лопатин  (Таатта улууһа, Дэбдиргэ) быһах Хадаайы түмэлигэр бэлэх хаалла, иккис миэстэ Шарин Родион (Мэнэ Ханалас, Мэлдьэхси) быһах Уус түмэлигэр Баайаҕаҕа барда, үһүс миэстэ Костромин Николай (Мэнэ Ханалас, Аллараа Бэстээх). Анал ааттары ыллылар «Ханастай уус» Пётр Дягилев (Таатта), «Кыайыыга дьулуур» Илья Готовцев, «Эдэр Кэскиллээх уус» Альберт Захаров.

Түгэнинэн туһанан дьоһун махталы тириэрдэбит күрэх спонсордарыгар, Ханин А.А ПК Монтажник, Акимов Н.И Скам групп. Тэрийээччилэр: УНАДЬ коллективыгар,  Хатан Кнайф уус кыһатыгар, Бырдыка Ууска, Степанов Уйусханна, Хадаайы түмэлин  коллективыгар, Тыараһа нэһилиэгэр, Орто-Амма нэһилиэгэр, Сарыал култуура киинигэр, бука бары Таатта уустарыгар.

«ҮРҮЛҮҊЭР ҮРҮҤ АСПЫТ-ҮРҮМЭБИТ БАРАХСАН» үрүмэ астааччылар күрэстэрэ

Үрүмэни астааччылар түһүлгэлэрэ үһүс төгүлүн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Ытык Таатта Ыһыаҕын ыалдьыттара, фестиваль кыттыылаахтара  тоҕуоруһа мустан үрүмэ бастыҥын амсайдылар, астыныыны уонна дуоһуйууну ылбыттарын биллэрдилэр. Күрэс үтүө түгэннэрин Арассыыйа телеканала, НВК Тааттатааҕы филиала уһулла.

ҮРҮМЭ — сахаларга күндү үрүҥ ас көрүҥэ. Оҥоһуллуута олус бытаан, сыралаах. Онон Ыһыахха, уруу малааһыныгар күндүргэтэн бэлэмнииллэр.

Күрэскэ барыта 9 кыттааччы кыттыыны ылла.

Кылаан кыайыылаах — Корякина Акулина — (Таатта, Харбалаах)

1 миэстэ -Терякова Розалия (Таатта, Ытык-Күөл)

2 миэстэ-Ноговицина Альбина (Таатта, Уолба)

3 миэстэ-Лебедева Мария (Таатта, Игидэй)

Анал ааттар:

🌿»Кэскиллээх асчыт» — Наумова Ньургуйаана- (Таатта, Дьохсоҕон)

🌿»Үгэһи утумнааччы» — Наумова Алгыстаана (Таатта, Дьохсоҕон)

🌿»Мааны сандалы» — Макарова Мария (Таатта, Дьохсоҕон)

🌿»Ураты  үрүмэ» — Тарбахова Жанна — (Таатта, Чөркөөх)

🌿»Минньигэс үрүмэ»-Амелия, Лилиана Семеновалар (Таатта, Чөркөөх)

Үрүмэһиттэри сыаналаатылар:

1. Халдеева Татьяна Дмитриевна, Дьокуускайдааҕы өҥөнү оҥорууга үөрэтэр техникум директорын солбуйааччыта

2. ⁠Бондарева Мария Егоровна-саха аһын үйэтитээччи, тарҕатааччы, Таатта нэһилиэгин ветераннарын Сэбиэтин председателэ.

3. ⁠Петрова Екатерина Евгеньевна-кондитер, Таатта улууһун дьахтар Сэбиэтин чилиэнэ.

Кыайыылаахтар улуус баһылыгын, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин бириистэринэн, анал ааттары ылбыт кыттааччылар «Сарыал» култуура киинин бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Саха маанылаах минньигэс аһа-Таатта ураты аһа үйэлэргэ умнуллубатын!

«Ойуу тылын күүһэ» түһүлгэ

 Саха ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын төрүттээччи, бастакы норуодунай худуоһунньук, этнограф, фотограф Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылынан удьуордарын үлэлэринэн хоһоон айыыга III-с өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күрэскэ биир ситимҥэ холбоһон, хоһоон айыытын күрэһигэр бары бииргэ буоллубут. Күрэспитигэр ыраахтан-чугастан суруйар дьоҕурдаах,тыл алыбар умсубут, иэйэр куттаах дьоммут барыта холбоон 27 буолан кытыннылар. Сахабыт сирин араас муннугуттан кэрэнэн угуттуур холусталары хоһуйан Таатта,Чурапчы,Амма,Уус-Алдан, Нам,Мэҥэ-Хаҥалас,Бүлүү, Өлүөхүмэ,Дьокуускай,Хаҥалас, Кэбээйи уран тыллаахтара бөрүөлэрин сытыылаан илин-кэлин түһүстүлэр.

Елена Афанасьевна Филатова- Сыгыйык, бэрэссэдээтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна.

 Борис Иванович Павлов -Кэм, чилиэн, суруйааччы, суруналыыс, «Көмүөл» кинигэ кыһатын дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх суруналыыһа.

Петр Петрович Неустроев-Айаанньа Уус, хоһоонньут, «Тобуруокап көмүс күһүнүн» кыайыылааҕа дьүүллэринэн түмүк таҕыста.

Оҕолорго

1 миэстэ Дьулусхан Андросов.Таатта лиссиэйэ

2 миэстэ Саша Герасимов Таатта лиссиэйэ

улахан дьоҥҥо

1 миэстэ Татьяна Иннокентьева Потапова -Татыйык Мыла, Дьокуускай к.Жатай

2 миэстэ Мария Еремеевна Поскачина Өлүөхүмэ,Кыыллаах Арыы

3 миэстэ Николай Васильевич Тимофеев -Куола Тылгыны. Бүлүү,Чинэкэ

худуоһунньук-живописец Вячеслав Яроев биһирэбил бирииһэ- Дмитрий Николаевич Федоров Оһуохай уола.Чурапчы

Биһирэбил бириис Федор Иванович Павлов Таатта,Ытык Күөл

Кыайыылаахтар Таатта улууһун култуураҕа салаата туруорбут сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланан, үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ ситэри ситэн-хотон астыммыттарын биллэрдилэр, махтал истиҥ тылларын тиэрдэллэр.

Удьуор харалы Поповтар холустаҕа үйэлээҕи хоһуйбут үлэлэрэ уус тылынан хоһуллан, ойууланан таҕыстаҕа кэрэтиэн🌿🌿🌿

Бу курдук иэйии алыба күннэтэ олохпутун киэргэтэ, абылыы турдун!🌿🌿🌿

Иэйэр куттаах дьоммут Айар аартыктара арылыннын, саҥа талааннар тахсан истиннэр, сахабыт тылын сайдар аартыга кэҥээн истин🌿🙌🏻

Дьүүллүүр сүбэ, тэрийээччилэр Вера Канаева, Наталья Григорьева

“Уу оҕуһун оһуора” муосчуттар күрэстэрэ

Күрэскэ ирдэбил быһыытынан муос ууһа уонна оҕо буолан хамаанданан 2 түһүмэххэ күрэхтэстилэр.

1 түһүмэх. Кыттааччылар муостан биир бастыҥ оҥоһуктарын  аҕалан күрэххэ кытыннардылар.

2 түһүмэх. Муос ууһа уонна оҕо кыттааччылар тимэх 3 көрүҥүн оҥороллор.

Дьүүллүүр сүбэ сыаналаата:

1. Оҥоһук хаачыстыбатын,

2. Музей оҥоһугун кытары дьүөрэлэһиитин.

Түмүккэ:

1 Үрдэл — Дмитрий Юрьевич Кузьмин, Мэҥэ-Хаҥалас, Чүүйэ;

Дамир Яковлев, Таатта, Ы-К; 6 кылаас үөрэнээччитэ;

2 Үрдэл — Михаил Яковлевич Данилов, Таатта, Ы-К;

Артем Яковлев, Таатта, Ы-К; 6 кылаас үөрэнээччитэ;

3 Үрдэл — Людмила Александровна Сыромятникова, Таатта, Ы-К;

Алмаз Бехтюев, Таатта, Ы-К, 6 кылаас үөрэнээччитэ;

Кыйыылаахтар үлэлэрэ «Таатта» ЫКЛХМЗка бэлэх быһыытынан үйэлэргэ хаалаллар.

Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Дьокуускайдааҕы Романов аатынан ЯХУ преподавателэ — Иван Александрович Холмогоров.

“Хара ииһим хайҕала, үрүҥ ииһим үөрүүтэ» иистэнньэҥнэр күрэстэрэ

Фестивальга СӨ норуотун маастара Изабелла Иннокентьевна Элякова бырайыагынан «Хара ииһим хайҕала, үрүҥ ииһим үөрүүтэ» иистэнньэҥнэр күрэстэригэр Тааттаттан, Уус-Алдантан, Хатастан алта хамаанда кыттыыны ылла.

Күрэс түмүгүнэн:                                 

 🌿Улахан дьоҥҥо:

Бастакы үрдэл — Туласынова Айталина Меркурьевна Туора-Күөл, Таатта. Иккис үрдэл Сидорова Марфа Афанасьевна Чымнаайы, Таатта.

Үһүс үрдэл  Алексеева Мария Ильинична Дэбдиргэ, Таатта.                                  🌿Анал ааттар: «Өбүгэ тыына» Егорова АлдаанаИннокентьевна, Бороҕон  , Уус — Алдан.

«Үгэһи үйэтитээччи» Алексеева Екатерина Ивановна, Чөркөөх,  Таатта. «Өбүгэ  сиигин тиһээччи» Токоемова Сардаана Ивановна, Хатас.                                      🌿Оҕолорго:

Бастакы    үрдэл -Таня    Бродникова  Чөркөөх,Таатта.

Иккис  үрдэл- Сайнаара  Попова, Хатас.

Үһүс үрдэл -Сайнаара Мосоркина, Ытык  — Күөл, Таатта.

Сайыына Саввинаҕа, Дайаана  Слепцоваҕа, Ангелия Боппосоваҕа «Ситими салҕааччы» анал аат  туттарылынна.

«Үгэһи үйэтитии» хаартыскаҕа түһэрээччилэр күрэстэрэ.

Кыттааччы ахсаана:

8 киһи.

Эксперт:

Матрена Хрисанфовна Кашкина- Культура уонна билиҥҥи искусстволар Кииннэригэр «Небо» фото-видео устууга үөрэтэр түмсүү салайааччыта, кинорежиссер.

1 миэстэ- Екатерина Робертовна Николаева, Ытык-Күөл;

2миэстэ- Яна Ивановна Винокурова, Ытык-Күөл;

3миэстэ- Вероника Семеновна Никифорова, Дьокуускай.

Кыайыылаахтар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

«Туос тойуктаах оһуора» күрэх үгүс көрөөччүнү үмүрү тарта.

 Аҕыс кыттааччы туосчуттар илиилэрэ элэҥнээн олорор. Дьүүллүүр сүбэ сыанабыла маннык буолла:

🌿КЫЛААН кыайыылаах-Елена Давидовна Неустроева (Таатта, Баайаҕа)

🌿1 ҮРДЭЛ— Александра Васильевна Неустроева (Таатта, Баайаҕа)

🌿2 ҮРДЭЛ -Ефимова Мотрена Николаевна  ( Таатта, Дэбдиргэ)

🌿3 ҮРДЭЛ — Яроева Тамара Захаровна ( Таатта, Баайаҕа)

Анал аат:

🌿»Кэскиллээх кыттааччы»-Ордахова Юля

🌿1 ҮРДЭЛ — Винокурова Айсулу( Таатта, Баайаҕа)

🌿2 ҮРДЭЛ — Потапова Сандаара (Таатта,Баайаҕа)

🌿3 ҮРДЭЛ — Хатылаева Роза ( Таатта,Баайаҕа)

🌿Күрэххэ тигиллибит туос томторуктары улуус мусуойдарыгар бэлэх ууннулар:

🌿Е.Д.Неустроева — П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөхтөөҕү Государственнай мусуойга;

🌿А.В.Неустроева — Хадаайытааҕы литературнай мусуойга;

🌿М.Н.Ефимова —  Ытык Күөл мусуойугар;

🌿Т.З.Яроева — «Мандар Уус» саха олоҕун түмэлигэр;

🌿Күрэх кэмигэр «Салама киэргэллэрэ» маастар кылааһы Баайаҕа маастардара ыыттылар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үһүс сылларын СӨ  уус-уран оҥоһуктарын маастардара П.В.Макарова, П.П.Бурнашова үлэлээтилэр.

Кыайыылаахтар «Таатта улууһа» МР дьаһалтатын баһылыгын, улуустааҕы «Норуот айымньытын дьиэтин» анал бириистэрин туттулар.

«Сылаас иэйиилээх дьөһөгөйүм бэлэҕэ» кылтан-сиэлтэн оҥоһук күрэһин түмүгэ:

🌿Улахан дьоҥҥо:

1 Үрдэл- Мария Алексеевна Кусатова (Уолба);

2 Үрдэл -Марфа Федоровна Нестерова (Дэбдиргэ);

3 Үрдэл -Людмила Коммунаровна Ермолаева (Дэбдиргэ);

🌿Оҕолорго:

1 Үрдэл- Люба Егорова (Дэбдиргэ);

2 Үрдэл -Ньургуйаана Борисова (Дэбдиргэ);

3 Үрдэл -Эля Кусатова (Уолба)

Барыта 47м 35 ситиини хатан Хадаайы музейыгар бэлэх ууннулар.

«Ытык ымыым-хомуһум»хомус уустарын күрэһэ

Хомус уустарыгар барыта 4 кыттааччы Уус-Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан кыттыыны ыллылар.

1 үрдэл — Неустроев Иван, Баайаҕа

2 үрдэл- Иванов Роман, Мэҥэ Хаҥалас, Рассолода

3 үрдэл- Быгынанов Прокопий, Дэбдиргэ

«Этигэн хомус» анал аат Лугинов Николай, Ытык Күөл

Уустары кытта тэҥҥэ хомус хаҕын оҥорбут

уолаттарга

1 үрдэл Дедюкин Сережа, Дэбдиргэ

2 үрдэл  Иванов Дамир, Мэҥэ Хаҥалас, Рассалода.

“Өбүгэм мындыра-имигэс талахха” талахтан оҥоһук күрэһэ

Талах оҥоһукка  5 хамаанда: 1 улахан киһи, 1 оҕо састаабтаах кытынна.

1 миэстэ — Атастыровтар, Туора-Күөл,  Таатта;

2 миэстэ – Прокопьевтар, Чымнаайы, Таатта;

3 миэстэ — Ермолаевтар, Туора-Күөл,  Таатта;

 Анал ааты 2 хамаанда ыллылар, ол курдук Чычымахтан Васильеватар уонна Туора-Күөлтэн Аянитовтар тигистилэ.р 3 талах олоппоһу Хадаайы музейыгар бэлэх ууннулар.

«Саха мындыр сатабыла» мас уустарын күрэһэ.

Барыта 8 киһи кытынна, (Уолба, Туора- Күөл, Баайаҕа, Дэбдиргэ нэһилиэктэрэ).

1 Үрдэл — Григорий Чуруков , үөрэнээччитэ Горохов Дьулуурдуун ( Баайаҕа).

2 Үрдэл — Александр Бережнов уолунаан Айсен Бережновтуун ( Туора- Күөл)

3 Үрдэл анаммата

«Сана аат» номинация — Николай Постников, үөрэнээччитэ Хомустаан Афанасьев ( Уолба)

«Төрүт үгэһи салҕааччы» номинация Алексей Харайданов ( Дэбдиргэ).

“Өбүгэ олоҕун ситимэ-айар кут иэйиитэ” туойтан оҥоһук күрэһэ

Быыстапка түмүгэ:

Улахан дьоҥҥо:

          1 Үрдэл — Матвеева Ульяна Васильевна, быыстапка, Таатта, Кыйы

          2  Үрдэл — Екечьямов Прокопий Алексеевич, Чурапчы;

          3 Үрдэл — Гуляева Наталья Егоровна, Чурапчы , Төлөй;

Оҕолорго:

          1 Үрдэл — Степанова Айта, Таатта, Ы-К;

          2 Үрдэл — Монастырев Дамир, Чурапчы  

          3 Үрдэл -Ильин Саян, Чурапчы ,Төлөй   

Анал аат

           Степанов Николай Прокопьевич, Таатта, Ы-К 

Туой оҥоһук:

          1 Үрдэл- Екечьямов Прокопий Алексеевич,Чурапчы         

          2 Үрдэл — Петрова Светлана Ананьевна, Таатта, Чөркөөх   

          3 Үрдэл -Гуляева Наталья Егоровна, Чөркөөх, Төлөй         

          1 Үрдэл — Монастырев Дамир , Чурапчы  

          2 Үрдэл — Ефимова Далаана, Таатта , Т-К

          3 Үрдэл — Барашкова Дина, Таатта, Чөркөөх

          Анал ааттар:

          Нестерова Антонина Романовна, Чурапчы, Төлөй-Дириҥ   

          Слепцов Григорий Иванович,Таатта, Ы-К

“Балта быраҕыыта” биирдиилээн кыайыы иһин күрэх

“Кыстык көтөҕүү” биирдиилээн кыайыы иһин күрэх

“ САХА ЫАЛЫН АЛГЫСТААХ САНДАЛЫТА” саха аһыгар дьиэ кэргэнинэн  күөн күрэс

РФ эргиэнин, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ профтех үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ эргиэнин Бочуоттаах үлэһитэ  Таатта уонна Нам улуустарын бочуоттаах олохтооҕо  Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов төрөөбүтэ 80 сааһыгар аналлаах “САХА ЫАЛЫН АЛГЫСТААХ САНДАЛЫТА” саха аһыгар дьиэ кэргэнинэн күөн күрэс Хадаайы түмэлигэр олоҥхо балаҕаныгар ыытылынна.

Күрэһи Дьохсоҕон нэҺилиэгиттэн Г.Е.Арылахова төрөппүт кыыҺынаан М.В.Беленковалыын иилээн-саҕалаан ыыттылар.

КүрэҺи Халдеева Татьяна Дмитриевна, Дьокуускайдаагы өҥөнү оҥорууга үөрэтэр техникум директорын солбуйааччыта, Петрова Екатерина Евгеньевна, кондитер, Таатта улууһун дьахталларын сэбиэтин чилиэнэ, Бондарева Мария Егоровна — Потребкооперация бочуоттаах ветерана дьүүллээтилэр.

Күрэс түмүгүнэн

*Кыттааччылартан

Михайлова Ефросинья Васильевна — 1 миэстэ, Дьокуускай куорат-  5000 солк. (бирииһи  Дьохсоҕон олохтоох дьаһалтата туруорда).

2 миэстэни Устинова Саргылана Васильевна Ытык-Күөл ХЛЕБОПЕЧКА (Таатта улууһун НАДь, директор Г.Г.Вырдылин).

3 миэстэ-  Ноговицына А.А., Уолба  *МУЛЬТИВАРКА (Таатта улууһун НАДь, директор Г.Г.Вырдылин).

 Филатова Светлана Николаевна Ытык-Күөл — анал аат ФРЮТИРНИЦА (Таатта улууһун НАДь, директор Г.Г.Вырдылин).

Халдеева Татьяна Дмитриевна дьүүллүүр сүбэҕэ 3000  солк.

*Ыытааччыларга Арылахова Галина Егоровнаҕа кыыһынаан Маайалыын 3000 солк бэлэх туттарылынна.

ПЛЕНЭР

Бэс ыйын 16 күнүгэр “ИИС. УУС. АС” фестиваль чэрчитинэн Хадаайы музейыгар Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылыгар анаан ЫТЫК ТААТТА ЫҺЫА5ЫН ыалдьыттарыгар анаан пленэр тэрилиннэ.
Айыл5а5а уруһуйу “ТааттаАРТ” ходуоһунньуктар түмсүүлэрэ кө5үлээн ыыттылар. Манна оскуола учууталлара- Ньургуяна Денисовна Петрова, Анфиса Васильевна Слепцова, Мария Константиновна Платонова,
Искусство оскуолатын преподавателлара- Саргылаана Константиновна Билюкина, Марина Иннокентьевна Аввакумова, Алена Аркадьевна Протодьяконова салайдылар.
Уруһуй кэрэ эйгэтин тэрийиигэ “Акварель” ма5аһыын салайааччыта Саргылаана Ивановна Михайлова спонсордаан уруһуйдуур тээбириннэри хааччыйан элбэх киһи кыттыыны ылла.
Бары тэрийбит дьоммутугар сэргэбитигэр бар5а махтал тылларын аныыбыт.
Кэрэ эйгэ сырдыгынан сыдьаайа, сайда турдун!!!

Саха төрүт оонньууларыгар хабылык, хаамыска күрэҕэ

Таатта, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан барыта 10 кыттааччы

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *