Перейти к содержанию

Итэҕэл — сиэр

Муус устар 18 күнүгэр улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччытыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин итэҕэл сүбэтин түмээччи солбуйааччытыгар ГГВырдылиҥҥа — Саха сиригэр биллэр эмчит, уһуйааччы, «Куйаар күүһэ» түмсүү салайааччыта Айыы кыыһа Айыына, үөрэнээччилэрэ Эрсан, уйулҕаһыт Сандаарыйа Дуорай, Бырдыка сиэнэ Ээ Дуо Аар мунньахтаатылар. Таатта улууһун дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ ВИБудикина, Тааттатааҕы лицей дириэктэрэ, улуустааҕы олоҥхо ассоциациятын салайааччыта ИАСивцева, «Арылы Кустук» уһуйааннар түмсүүлэрин улуустааҕы салаатын салайааччыта, Чөркөөхтөөҕү «Аленушка» уһуйаан сэбиэдиссэйэ ЕМЕфремова, үлэһит ЭВСлепцова буолан «Ыччаты, оҕону итэҕэлгэ иитии» тематыгар сүбэ буолла. Итэҕэл — сиэр. Сиэр — олох сүрүн сыаннастара тула кэпсэттилэр. «Эркээйи эргиирэ» оскуолаҕа үөрэх программата, СЭДИП — олоҥхо педагогикатын технологията уһуйааннарга үлэлиирин сырдаттылар. Сахалыы үөрэтэр оскуолаларга киирэрин ситиһии билиҥҥи кэм ирдэбилэ буоларын бэлиэтээтилэр. Ыаллар арахсыыларын кыччатыыга күлүүс бу курдук, итэҕэл — эр киһи, эрэл — дьахтар. Эр киһи кэргэнигэр итэҕэйиэхтээх, ойох эригэр эрэниэхтээх. Ол түмүгэр — таптал үөскээн дьиэ-кэргэн үйэлэрин тухары дьоллоохтук олороллор. Тааттаҕа таптал, эрэл, итэҕэл сылын олус сөпкө биллэрбиккит диэн хайҕаатылар. Кэнчээри ыччаппытын сиэр, ньиҥир, таптал-махтал» тиэмэтигэр эдэр төрөппүттэр, уһуйааччылар (уһуйаан иитээччилэрэ), оҕо иитиитинэн дьарыктанааччылар уонна нэһилиэнньэттэн 20-чэ киһи кытынна. Итэҕэл тула мунаарар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Итэҕэл аал ук мас курдугун, итэҕэл хайысхалара лабаалара, уктара буолалларын, хайысхалар сотору биир өйгө-санааҕа кэлиэхтээхпитин эттилэр. Сотору кэминэн анал байыаннай дьайыы түмүктэнэн уолаттарбыт төннүөхтэрэ. Буойуттарбытын көрсөргө, уопсастыбаҕа төттөрү киллэриигэ бэлэмнэнии үлэтин күүскэ ыытарга ыҥырдылар. «Куйаар күүһэ» хамсааһыҥҥа, телеграм каналыгар киирэн быһа сибээстэһиэххэ сөп эбит #тапталэрэлитэҕэлсыла #таатта #итэҕэл #сиэрдээхбуол #куйааркүүһэтүмсүү

https://t.me/kuyaarkuuhe

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *