Таатта улууһугар үс күн устата туойар тойук дьиэрэйдэ, ылбаҕай ырыа ылланна, хомус тыаһа лыҥкынаата, кырыымпа төрүт дорҕооно тыаһаата, оһуохай тыла эҥээрийдэ.
Муус устар 3-5 күннэригэр Таатта улууһугар фольклор көрүҥнэригэр Саха сиригэр биллэр ааттаах-суоллаах ытык дьоммут маастар кылаастара үгүс киһини түмтэ.
Муус устар 3 күнүгэр тойукка, хомуска оонньуурга дьарыкка аан дойду култууратын маастара, аан дойду виртуоз хомусчута, СР култууратын үтүөлээх артыыһа, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж (училище) төрүт култуура толорор ньымаларыгар уһуйуу салаатын уһуйааччыта Варвара Степанова – Арчыына ыытта. Улуус хомусчуттара, тойуксуттара ону тэҥэ Томпо улууһуттан кыттыыны ыллылар.
Киэһэтин төрүт дорҕоонунан доҕуһуолланар сонун ураты медитация концерыгар дьон-сэргэ сэҥээрэ сырытта
Муус устар 4 күнүгэр «Чороон XXI век» бырайыагынан кыл-кырыымпаны
оҥорор маастар, импровизатор толорооччу, СӨ култууратын туйгуна Руслан Габышев кырыымпаҕа оонньууга маастар кылааһа ыытыллынна. Руслан Прокопьевиһы тула олорон 22 оҕолуун улахан дьоннуун кыттыһан, кырыымпаҕа оонньуур уустук кистэлэҥин сэҥээрэн, кыл кырыымпа дорҕоонун көй салгыҥҥа хойукка диэри көтүттүлэр.
Муус устар 5 күнүгэр Дьохсоҕон нэһилиэгэр Оҕо сылынан улуустааҕы «Оҕо саас күннээх оһуохайа» оҕолорго оһуохай күрэһэ ыытыллына. Оһуохай түһүлгэтэ СР үтүөлээх оһуохай этээччитэ Иван Иванов айхаллаах алгыһынан арыллынна. Оҕолор илиилэртэн тутуһан, күн эргииринэн төрөөбүт төрүт түөлбэлэрин оһуохайын таһааран күөн-көрүстүлэр. Күрэскэ Дьокуускай куораттан «Оһуохай» уопсастыбаннай түмсүүттэн СР Дархан оһуохай этээччитэ Валентин Васильевич Хорунов, СР үтүөлээх оһуохай этээччитэ Семен Петрович Алексеев ыалдьыттаатылар.
Оһуохайы оҕолорго, үөрэтэр салайааччыларга, оһуохайдьыттарга Таатталыы оһуохай тылн-өһүн, хаамыытын билиһиннэрэн СР үтүөлээх оһуохай этээччитэ Афанасий Николаевич Попов маастар кылаас ыытта.
Оҕо саас күннээх оһуохай түһүлгэтэ кыайыылаахтары бэлиэтээһининэн түмүктэннэ.
Таатталар Манчаары оонньууларыгар, Амма улуууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэлэрэ салҕанар.