Өрөспүүбүлүкэбитигэр аан бастакынан тэриллибит “Дружба” оҕо үҥкүү ноуодунай ансаамбыла саха тыллаах эрэ барыта убаастыыр талыы талба Тааттабыт ытык буоруттан силистэнэн үүнэн-сайдан, алгыстаах айан аартыгын арыйан, тэриллибитэ 55 сылынан УРУЙ – АЙХАЛ аныыбыт!
Ансаамбылы Августина Федоровна Клакинова төрүттүөҕүттэн тыһыынчанан оҕо — оҕо саас сырдык, ыраас эйгэтигэр дьарыктанан, талааннара алмаастыы кырыыланан, чочуллан киэҥ олох суолугар үктэннэхтэрэ, билигин төрөөбүт улуустарын аатын ааттатан үйэлээҕи, кэскиллээҕи айа-тута сылдьаллар.
Бүгүн, кулун тутар 30 күнүгэр, Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта норуодунай тыйаатырыгар “Дружба” оҕо үҥкүү норуодунай ансаамбыла көрөөччүлэргэ ураты суоллаах-иистээх, кэрэхсэтэр айылгылаах, түмэр күүстээх, үҥкүү бастыҥ кыһатын «ОЙОР-ТЭБЭР ОҔО СААС КҮННЭЭХ ҮҤКҮҮЛЭРЭ» бастакы кэнсиэргэ ансаамбыл айар алгыстаах аартыгын тэлбит бастакы көлүөнэтиттэн билиҥҥи көлүөнэ көмүс фондатыттан араас кэминээҕи үҥкүүлэри, «КӨРСҮҤ, «ДРУЖБА» ОҔО ҮҤКҮҮ НАРОДНАЙ АНСААМБЫЛА!” иккис кэнсиэр ансаамбылга 55 сыл устата үҥкүүлээбит араас көлүөнэ ааттаах — суоллаах хореограф идэлээхтэрэ саҥа үҥкүүлэри, саҥа көстүүлэри бэлэх ууннулар. Үөрүүлээх тэрээһини иилээн – саҕалаан ыыттылар, ансаамбылга дьарыктаммыт араас көлүөнэ выпускниктар Марина Федорова, Айаал Новгородов, Любовь Васильева, Ильдар, ырыанан киэргэттилэр ансаамбыл выпускниктара, Саха эстрадатын чаҕылхай сулустара Дарья Лаврова, Илдьар уонна Сахамин.
Бу киэһэ көмүс фондаттан Августина Клакинова “Эҕэрдэ үҥкүүтэ” (1970с); Лука Турнин “Гассигор” (1976с); Светлана Элякова “Сайын кэлиитэ” (1979с); Валентин Козлов “Алаас кыыһа” (1999с), “Айанньыттар” (2002с). “Чохчоохой” (2000с), “Битии” (2005с), “Симэх” (2012с), “Талах курдаах Таатта уолаттара” (2002с), “Өрөгөй” (2002с); Надежда Попова “Кылыыҥкайдыыр кырдалга” (2008с), ”Таатта үрэх үрдүгэр” (2019с); Розалия Иванова “Якутяночка” (1986с); Анна Чойнова “Бурятскай үҥкүү” (2002с); Ада Васильева “Узбекскай үҥкүү” (1989с); Юлия Томская “Дыхание севера” (2003с); Туйаара Кононова “Түһүлгэ үҥкүүтэ” (1994с); Анна Данилова “Аан Алахчыҥҥа сүгүрүйүү” (2018с), ансаамбылга дьарыктаммыт, салайбыт выпускниктар туруорууларыгар 1 көлүөнэттэн Надежда Попова туруоруутугар “Таатталыы оһуохай”; 8 көлүөнэттэн Семен Варфоломеев “Эҕэрдэ үҥкүүтэ”; 12 көлүөнэҕэ Наина Козлова монгольскай, 11-12 көлүөнэҕэ татарскай; 10 көлүөнэ выпускнига Анна Данилова 4-с көлүөнэҕэ туруорбут киргизкэй, 10-с көлүөнэҕэ тувинскай; 5 көлүөнэ выпускнига Элеонора Маркова 2-3-с көлүөнэҕэ “Муора тойуга” корякскай, ансаамбыл кыра бөлөҕөр “Ойор, тэбэр оҕо саас”; 6-с көлүөнэ выпускнига Венера Сидорова 5-6 көлүөнэлэргэ башкирскай; 7 көлүөнэ выпускнига Нюргина Алексеева “Кэрэ Куо”; 3-с көлүөнэ выпускнига Нюргустана Рахлеева 2-с көлүөнэҕэ “Мастерицы” хотугу дойду иистэнньэҥнэригэр анаабыт; 5-с көлүөнэ выпускнига Валентин Козлов билиҥҥи оҕолорго “Аарыктаах”, Анатолий Ермолаев туруоруутугар, Валентин Козлов тупсарыытыгар туруоруллубут “Дэйбиирдээх”, “Чохчоохой” үҥкүүлэрэ көрөөччү махталын ылыан ылла. Дьоро киэһэ устата араас омук үҥкүүтэ чахчы да доҕордоһуу үтүө түһүлгэтин түстээтэ.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар “Таатта улууһа” МО Баһылыгын ЭҔЭРДЭ СУРУГУН А.Ф.Клакинова, МАХТАЛ СУРУГУН “Дружба” ансаамбыл костюмер-дизайнера С.Н.Слепцова, УНАДь фольклорга методиһа М.Г.Егорова, выпускниктар А.М.Ефимова, С.И.Варфоломеев, БОЧУОТУНАЙ ГРАМОТАТЫН “Дружба” ансаамбылы араас кэмнэргэ салайбыт Р.М.Иванова, Н.А.Попова, “ТААТТА НЭҺИЛИЭГЭ” МТ Баһылыгын ЭҔЭРДЭ СУРУГУН, “ЗА ВКЛАД В РАЗВИТИЕ ТАТТИНСКОГО НАСЛЕГА” бэлиэни В.К.Козлов, Улуустааҕы норуот айымьытын дьиэтин директорын ЭҔЭРДЭ СУРУГУН А.Ф.Клакинова, МАХТАЛ СУРУГУН А.Н.Данилова, А.И.Васильева, БОЧУОТУНАЙ ГРАМОТАТЫН А.Н.Таллаева, Н.Т.Рахлеева, Р.С.Дедюкина, Е.Г.Колескина, С.М.Босикова, А.А.Баишева, И.А.Савватеева, Е.С.КорякинаВ.И.Зырянова, С.И.Саввина, Н.В.Козлова, Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин “ЗА ВКЛАД В РАЗВИТИЕ НХТ В РС(Я)” бэлиэни В.К.Козлов, “ЛУЧШИЙ РАБОТНИК КДУ” бэлиэни М.Н.Федорова туттулар.
Таптыыр, киэн туттар “Дружба” оҕо үҥкүү норуодунай ансаамбылбыт үйэлэргэ чэчирии, үүнэ-сайда, айа-тута сырыттын! Салайааччыга, Валентин Константинович Козловка айар үлэн арчыланан, ситиһиинэн сиэттиһэн дьон-сэргэ билиниитин, тапталын ыла тураргар, үөрэппит оҕолорун тапталлара эйигин үрдүккэ кынаттаатыннар. Тус олоххут үөрүүнэн ситэри, дьолунан толору буоллун диэн алгыыбыт!
Тэрийээччилэр ааттарыттан көстүүмнэри тиксибит бары иистэнньэҥнэргэ, студеннары таһыыга көмөлөспүт нэһилиэкпит тэрилтэлэрин салайааччыларыгар, эйэҕэс суоппардарга истиҥник махтанабыт.
\