Перейти к содержанию

Сээркээн сэһэнньит, кыраайы үөрэтээччи, үйэтитээччи Егор Дмитриевич Андросов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах ааҕыылар кыраайы үөрэтээччилэри, оҕолору түмтэ.

Ааҕыыга Амма, Алдан, Баайаҕа, Өктөөбүрүскэй, Дьүлэй, Орто Амма, Таатта нэһилиэктэриттэн, Чурапчыттан, Дьокуускайтан кыттыыны ыллылар. Саха Сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Г.Г.Андросов кыттыыны ылла.

Ааҕыы түмүгүнэн оҕолорго: 1 миэстэни И.Н.Гуляев аатынан Туора Күөллээҕи орто оскуола үөрэнээччитэ Кузьмин Давид ылла. 2 миэстэни А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей үөрэнээччитэ Осипова Валерия ситистэ. 3 миэстэ И.Н.Гуляев аатынан Туора Күөллээҕи орто оскуола үөрэнээччитигэр Неустроев Денискэ тигистэ.

Улахан дьоҥҥо: 1 миэстэни Н.Д.Неустроев аатынан орто оскуола музейын үлэһитэ А.Н.Неустроева ылары ситистэ. 2 миэстэни Н.Е.Мординов аатынан ХОК учуутала Блахирова В.В. ылла. 3 миэстэ Чурапчыттан Л.М.Григорьеваҕа тигистэ. Бары кыттыылаахтарга кинигэ бэлэҕи, кыайыылаахтарга бириистэри Е.Д.Андросов аймахтара Луковцев Н.Н., культура, үөрэх салалталара, Баайаҕа нэһилиэгэ, кыраайы үөрэтээччилэр Ф.М.Харитонова, И.А.Сивцева оҥордулар. Кыраайы үөрэтээччилэр аны республикаҕа конференцияҕа кыттыахтара, Е.Д.Андросов выставкатын туруоруохтара.

Ааҕыы кыттыылаахтарын этиилэрэ: Улуус дьаһалтатыгар

1. Е.Д.Андросов аатынан кыраайы үөрэтээччилэргэ сыллата 25.03 туттарыллар премия олохтуурга.

2. Кыраайы үөрэтээччилэр үлэлэрин редактордаан таһаарыыга өр сылларга үлэлээбит Н.С.Иовлевка улуус бочуоттаах олохтооҕо ааты иҥэрэргэ.

3.Үлэни араас хайысхаҕа өйүүр урбаанньыттары түмэргэ, үлэлэригэр болҕомто уурарга.

Улуус депутаттарын сэбиэтигэр

1.Кыраайы үөрэтиигэ бастыҥ уопуттары улуус депутаттарын мунньаҕар, нэһилиэк баһылыктарыгар иһитиннэрэргэ, тарҕатарга.

Таатта нэһилиэгин салалтатыгар

1. И.В.Попов сиэнэ И.А.Сидоров ийэтин көмөтүнэн оҥорбут, оҕолоро, сиэннэрэ ситэрбит Ытык Күөл картатын оҥотторон дьон көрүүтүгэр таһаарарга.

Культура салалтатыгар

1.Дьокуускай куоракка Е.Д.Андросов 100 сылыгар аналлаах төгүрүк остуолу культуры уонна духуобунас министиэристибэтин, культурнай нэһилиэстибэни харыстыыр салалтаны кыттыһыннаран оҥорорго.

2. Е.Д.Андросов олоҕун, айар үлэтин, чинчийбит үлэтин сырдатар уруһуйдарын, хаартыскаларын альбом оҥорон таһаарарга.

3. Е.Д.Андросов бастыҥ ыстатыйаларын хомуурунньуктарыттан хомуйан, сүүмэрдээн «Айар» издательствоҕа таһааттарарга.

Үөрэх салалтатыгар

1. Кыраайы үөрэтиигэ оҕолору тардарга үлэни күүһүрдэргэ.

2. Кыраайы үөрэтэр оҕолору көҕүлүүр дьоҥҥо, төрөппүттэргэ, общественниктарга сыллата махтал суруктары туттарары олоххо киллэрэргэ.

3. Ытык сирдэринэн оҕолорго экспедициялары тэрийэн дойдуга тапталы иитиигэ үлэни күүһүрдэргэ.

Кыраайы үөрэтээччилэргэ

1. «Сир түннүгэ» сурунаалы салгыы таһаарарга.

2. Өксөкүлээх Өлөксөй алтыспыт дьоннорун туһунан нэһилиэктэринэн хомуйан кинигэ оҥорорго.

3. Дакылааттарга научнай аппараты күүһүрдүүгэ болҕомто уурарга.

Улуустааҕы кыраайы үөрэтэр, Хадаайы, Чөркөөх, Баайаҕа түмэллэригэр

1. Хас биирдии түмэлгэ Е.Д.Андросов олоҕун, үлэтин сырдатар экспозициялары оҥорон дьон көрүүтүгэр таһаарарга.

Изабелла Сивцева.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *