Кулун тутар 2 күнүгэр Таатта улууһугар Ийэ олоҥхоһут П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95, олоҥхоһут, ырыаһыт, чабырҕахсыт, этнограф, чинчийээччи, айанньыт, фольклорист Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылларыгар анаммыт олоҥхону нэһилиэнньэнэн толоруу ыытыллынна.
Быйылгы сылга олоҥхону толоруу күрэҕэр 11 нэһилиэктэн 102 олоҥхону толорооччулар кыттыннылар. Бөлөх үгэс быһыытынан түөлбэ олоҥхолорун П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо», П.Е.Решетников «Айыы Дьураҕастай», М.Н.Андросова-Ионова «Үүт Аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон ыччаттара», Бүөтүр Оҕотоойоп «Эһэ хара аттаах Элэс Боотур», К.Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхолору толордулар.
Олоҥхо ырыатын-тойугун, толоруу маастарыстыбатын ааттаах-суоллаах Таатта олоҥхону толорооччулара Алексей Николаев, Александр Багардынов, Людмила Цой, Раиса Маркова, Розалия Докторова, тойуксут, хомусчут Галина Павлова сыаналаатылар.
Бөлөхтөр састааптарыгар саҥа ааттар, нэһилиэк баһылыктара, нэһилиэк, улуус депутаттара, тэрилтэ салайааччылара, эдэр ыччат көхтөөхтүк кыттыытын дьүүллүүр-сүбэ бэлиэтээтэ.
Түмүккэ улахан нэһилиэктэр бөлөхтөрүгэр бастакыны Тыараһа, иккиһи Орто Амма, үсүһү Октябрьскай, анал ааты Дьохсоҕон, Таатта нэһилиэктэрэ ыллылар.
Кыра нэһилиэктэргэ бастакыны Уус Амма, иккиһи Амма, үсүһү Уолба, анал аат Игидэй нэһилиэктэрэ.
Таатта улууһун олоҥхону толорооччулара Алгыстаах Амма сиригэр ыытыллар Олоҥхо Ыһыаҕар бастыҥнар бэлиэтэнэн бэлэмнэнии үлэтин саҕалаатылар.