Кулун тутар 2 күнүгэр Тааттааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр XX төгүлүн ыытыллыахтаах Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн «Бастыҥ сувенирнай бородууксуйа» күрэҕин кыайыылаахтарын быһаардылар. Ол курдук көрүннэринэн “Тематическэй презент” 1 миэстэ Михаил Мородовкой (Кыйы) 2 миэстэ Иван Табунанов (Ытык-Күөл ) , 3 миэстэ Михаил Боппосов (Уолба), “Маассабай оҥоһукка” 1 миэстэ Валерия Потапова (Туора-Күөл), 2 миэстэ Парасковья Татаринова (Чөркөөх), 3 миэстэ Чычымах орто осуолатын үлэҕэ масстардара, “Эклюзивнай үлэлэр” 1 миэстэ Андрей Кулаковскай (Чычымах), 2 миэстэ Ефграфовтар дьиэ-кэргэн (Уус-Таатта), 3 миэстэ Дария Андросова (Ытык-Күөл) уонна Кылаан кыайыылаҕынан ааттанна Луиза Гуляева (Уус-Таатта). Бары кыайыыхтарга истиҥ эҕэрдэ элбэх таһаарыалаах оҥоһуктары баҕарабыт. #сделановтаатте