Билиҥҥи кэмҥэ саха норуотун айар-тутар эйгэтигэр Вячеслав Васильевич Яроев аата-суола киэҥник иһиллэр.
Слава Яроев уустар түөлбэлэригэр Ытык Баайаҕа сиригэр төрөөбүтэ, дьэрэкээн кустугунан суһумнуур дойдутуттан тирэх ылан, биир дойдулаахтарын харахтарын ортотугар Вячеслав Васильевич Яроев, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, идэтийбит худуоһунньук-живописец, саха норуотун духовнай уонна материальнай баайын-дуолун сайыннарар, барҕардар личность быһыытынан үүннэ-сайынна.
Айар үлэ абылаҥа үөһээттэн үөтүүлээх, ыраахтан силистээх буолааччы. Үөһээ Айыылар Байымаайы үрэх ыһыытыыр төрдүгэр, Уһук күөлүгэр, толбоннурар кытархайдыҥы өҥнөөх, тэлээрэ көтөр, уһун тумустаах тээкэни бэлэхтээн, «Тээкэлэр дуо?» дэтэр дьоҕурдаах аҕа ууһуттан Вячеслав айар кут иэйэр иэйиитин иҥэринэн, айар абылаҥ суолугар бастакы хардыыларын оҥорон, үктэлтэн үктэлгэ дабайбыта.
Вячеслав Васильевич саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствота, материальнай-духовнай култуурата сайдыытыгар бэйэтин ыллыктаах куолаһын иһитиннэрбит, көрүүтүн тиэрдибит билиҥҥи кэм интеллигенциятын бастыҥ, чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ буолла.
Айар, салайар үлэлэри тэҥҥэ тутан, Олоҥхо ыһыахтарын түһүлгэлэрин оҥорууга, саха норуотун оһуорун-мандарын, үгэһин, сиэрин-туомун, итэҕэлин саха норуотугар көрдөрдө, тиэртэ.
Баайаҕа Томторун тилиннэриигэ, төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгин инники сайдыытыгар олук уурбут, көҕүлээбит улахан бырайыагынан ытык киһибит Мандар Уус Моҕол ураһаҕа 50 сыллаах сыралаах үлэтин олоххо киллэрдэ. Туоһунан тигиллибит Моҕол ураһа «үс саха төрүөҕэр, үөрүүлээх күнүгэр» ыраахха ыҥырар, көлүөнэ тыыннаах утаҕын кэрэһитэ буолан сандаарар.
«Уран» дизайн-устуудьуйа бырайыактарынан Олоҥхо Аал Луук Мастара Верхоянскайга, Бүлүүгэ, Алдаҥҥа, Намҥа, Өлүөхүмэҕэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Өймөкөөҥҥө саха норуотун араҥаччылыыр, арчылыыр аналларын толоро тураллар, талба Таатталыы дьүһүйүүлэрэ көрөөччүнү умсугутар, Тээкэлэртэн саҕыллыбыт иэйэр үс кутун абылаҥа үрдүктэн үрдүккэ дьулуһар.
Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус саха норуотугар Сырдык Киһи уобараһынан өбүгэ тыына буолан киирэр, кини тэлбит ыллыгынан үөрэнээччитэ Вячеслав Васильевич «алгыс сылаас тыынын санныгар олордон, сүрэҕэр сөҥөрдүн, санаатыгар сайан, кутугар кутан» эрчимнээхтик айанныыр.
Элбэҕи эрэннэрэр, норуоппут духовнай уонна материальнай култууратын, баайын-дуолун үйэтитэр тумус туттар киһибит айар-тутар суола сырдыгынан сыдьаайарын туһугар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыаҕыҥ!
Маргарита Егорова, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
Баайаҕа Томторо, 2024 сыл