Перейти к содержанию

Российскай Федерацияҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылларын арыйар үөрүүлээх тэрээһин

Бүгүн, Российскай Федерацияҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылларын арыйар үөрүүлээх тэрээһин Таатта народнай театырыгар ыытылынна.

2024 сыл саха итэҕэлинэн Айыыһыт сыла. Айыыһыт сылын аартыгын “Дабайыы” сиэр-туом түмсүүтэ (алгысчыт СӨ үөрэҕириитин туйгуна В.А.Парфенова-Арылы, норуот эмчитэ-Хантайар Туллук Охоноон кыыһа, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, норуот эмчитэ, алгысчыт-С.Н.Кулачикова-Намылҕа) алгыс амарах тылынан арчылаан, кытыан отунан ыраастаан сиэр-туом толордо. “Күн Чөмчүүк” народнай фольклорнай ансаамбыл кыттыылаахтара кыыс оҕолорунаан арчылаах алаадьынан көрөөччүлэри айах тутта.

РФ 2023 сылга биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы сылын бэрэстэбиитэллэригэр Пахомовтар педагогическай династияларыгар уонна РФ 2024 сылга биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылын бэрэстэбиитэллэрэ Кутугутовтар дьиэ кэргэҥҥэ «Таатта улууһа” муниципальнай оройуон баһылыгын социальнай политикаҕа солбуйааччыта Святослав Васильевич Сунхалыров олоҕун аргыһынаан Дальяна Эдуардовналыын үйэлээх халандаары туттардылар.

Пахомовтар уопсайа 180 сыл педагогическай стажтаахтар. Төрүттээччи-Иван Иванович Пахомов 1957 сыллаахха үлэтин Ытык-Күөл орто оскуолатыгар саҕалаабыта. Уола Иван Иванович-24 сыл, кэргэнэ Софья Семеновна Игидэй орто оскуолатын учуутала, 48 сыл. Кыыстара Анна Ивановна Таатта лицейын математика учуутала, 17 сыл. Иван Ивановичтаах сиэннэрэ Елизавета Ивановна Таатта лицейын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, барыта 23 сыл педстажтаах.

Кутугутовтар “Дальнобой” общественнай түмсүү салайааччылара. Ытык-Күөлгэ “Алгыстаах айан” (2017с.), ”Күрүлгэн” (2022-2023сс) сквердэр тутуутун, идеятын автордара. Российскай Федерация “За любовь и верность” мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Таатта нэһилиэгин социальнай, экономическай сайдыытыгар кылааттарын иһин “Таатта нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии Бочуот кинигэтигэр киирбиттэрэ. “Таатта нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайыттара. Никифор Леонтьевич Кутугутов РФ автотранспорын, СӨ потребительскэй кооперациятын Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ “За заслуги в предпринимательстве” мэтээл, “Сердце патриота”, “За вклад в развитие Севера и Арктики Якутиии”, “За вклад в повышении статуса отца и укрепление института семьи”, СӨ Үлэ сыла”, “Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлэр хаһаайына. Людмила Семеновна Кутугутова СӨ “Социальнай партнерствоҕа уонна благотворительнай үлэҕэ кылаатын иһин”, “Мой бизнес помогает”, “Гражданскай инициатива туйгуна”,”СӨ Үлэ сыла” бочуоттаах бэлиэлэр хаһаайкалара, СӨ Ил Дарханын А.С.Николаевы норуот өйөбүл штабын итэҕэллээх сирэйэ.

РФ Дьиэ кэргэн сылын бэлиэтин Пахомовтар Кутугутовтарга туттараллар, Кутугутовтар Сунхалыровтарга туттарар үөрүүлээх түгэннэрэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2023 сылга биллэриллибит Үлэ сылын бэрэстэбиитэллэрэ

Сергей Степанович Михайлов дьиэ кэргэнин кытта

Сергей Степанович Михайлов ЖКХ котельнайын бригадира, хапсаҕайга «Сахаада» спордун маастара, Улуус Сэбиэтин 4-с мандатнай уокуругун депутата, фермерскай хаһаайыстыба баһылыга, Таатта улууһуттан проекка кыттан грант ылары ситиһэн ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар. Анастасия Александровна бухгалтер идэлээх, биэс оҕо күн күбэй ийэтэ.

2024 сылга биллэриллибит Оҕо саас сылын бэрэстэбиитэллэрэ — өрөспүүбүлүкэтээҕи В.П.Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» эдэр чинчийээччилэр ааҕыыларын кыайыылаахтара, бүтүн Россиятааҕы араас таһымнаах НПК-га, куонкурстарга кыттарга рекомендация ылбыт улууспут чулуу үөрэнээччилэрэ

Таатта улууһун үөрэх салаатын методическай салаатын сэбиэдиссэйэ Мира Николаевна Луковцева Михайловтарга үйэлээх халандаары уонна НПК кыайыылаахтарыгар 17 оҕоҕо Москва, Санкт-Петербург куораттарга НПК-ҕа ситиһиилээхтик кытталларыгар алҕаан туран айаннарын төлүүр сертификаты туттарда.

Оҕо саас сылын бэлиэтин Михайловтар дьиэ кэргэн НПК кыайыылаахтарыгар туттарыытын түгэнэ

НПК кыайыылаахтара М.Н.Луковцеваҕа бэлиэни туттарыыларын түгэнэ

Таатта улууһугар 2023 сылга биллэриллибит Үлэ сылын бэрэстэбиитэлэ Улуустааҕы Киин балыыһа кылаабынай сиэстэрэтэ Изабелла Гаврильевна Максимова олоҕун аргыһын Иван Владимировичтыын.

Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылын бэрэстэбиитэллэрэ Алдан нэһилиэгиттэн Лукиннар дьиэ кэргэн. Норуот уус-уран айымньытын толорооччулара, тарҕатааччылара. СӨ «Төрүт ситим» дьиэ кэргэнинэн олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу күрэһин 2023 сыл Кылаан кыайыылаахтара.

Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл бэлиэтин Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Гаврильевич Вырдылин дьиэ кэргэнэ тутта.

2025 сылга Тааттаҕа ыытыллыахтаах «Манчаары оонньууларын» бэлиэлэрэ Варвара Рахлеева толоруутугар «Таатта үрэх үрдүгэр» ырыаҕа дьон-сэргэ иннигэр сүрэхтэннилэр.

«Таатта улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга Айаал Семенович Бурцев дьиэ кэргэнинээн

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар СӨ култууратын туйгуна, эстрада ырыаһыта Анатолий Горохов, Москва куоракка «Рождественские звезды 2024» норуоттар икки ардыларынааҕы фестиваль-куонкурс Гран При хаһаайына «Чохчоохой» үҥкүүнэн «Кылыыҥкай» оҕо үҥкүү образцовай ансаамбыла, салайааччылар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Р.М.Иванова, А.М.Ефимова; «Косички» үҥкүүнэн «Чуораанчык» оҕону сайыннарар киин кырачаан иитиллээччилэрин «Сандаар» бөлөҕө, салайааччы Н.Луковцева.

Үөрүүлээх күммүтүгэр өбүгэбит сиэринэн оһуохайдаан ыллыбыт. Оһуохайы таһаарда Уолба нэһилиэгин В.И.Ленин аатынан орто оскуола директора Алексей Валентинович Аржаков.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *