МБУ "УЛУСНЫЙ ДОМ НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА" Муниципального района "Таттинский улус"

ӨРӨГӨЙ эһиги баҕа санааларгытын толороору эргиллэр! 🎉

📢 КҮНДҮ САХАБЫТ БАР ДЬОНО!Аптаах кэм эмиэ чугаһаата ✨ону кытта тэҥҥэ ӨРӨГӨЙ эһиги баҕа санааларгытын толороору эргиллэр! 🎉 ААРЫМА БЭЛЭХТЭРДЭЭХ ӨРӨГӨЙ ОНЛАЙН КЭНСИЭР! 🎁🎁🎁 МАННЫК КЭНСИЭР ХАҺАН ДА БУОЛБАТАҔА🤯ӨРӨГӨЙ кэнсиэригэр билиэт ылбыт дьоннорго Көмүстээх Күөх Дракон сыла мичик гыныаҕа😁✨ Ол курдук👇🎁Бастыҥ бэлэх — БИИР КИҺИЭХЭ СЭТТЭ МӨЛҮЙҮӨН УУ ХАРЧЫНАН! 🍋🍋🍋🍋🍋🍋🍋🎁 TOYOTA LAND CRUISER PRADO Б/П! …

«ДЬҮРҮСКЭН» ВОКАЛЬНАЙ ТРИО

Бу дьыл ахсынньы 15 күнүгэр «Дьүрүскэн» вокальнай трио төрүттэммитэ 25 сыллаах үбүлүөйдээх дьоро киэһэтэ үрдүк таһымҥа буолан ааста. Бөлөххө ырыа куттаах ыллам ырыаһыттарбыт СӨ култууратын туйгуннара Михаил Варламов, Николай Ануфрьев уонна Сергей Копырин ыллам ырыаларынан дьон-сэргэ кутун туталлар. «Дүрүскэн» трио кэнсиэрин көрөргүтүгэр ыҥырабыт!

«Мин дьоллоохпун!» испэктээкил сүрэхтэннэ

Ахсынньы 21 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай театырыгар «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон   тэриллибит күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһинэ Лидия Егоровна Григорьева инсценировкатынан «Мин дьоллоохпун!» испэктээкилинэн саҕаланна. Туруорааччы режиссёр, СӨ култууратын туйгуна Валентина Бурнашева, худуоһунньук-СӨ култууратын туйгуна Иван Малышев, костюмер- Саргылана Слепцова.  Оруолларга оонньоотулар: Былатыан Ойуунускай – Иван Иванов, улуустааҕы ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын салаатын …

Кыайыылаах аата ааттанна

Таатта улууһугар 2025 сылга буолаары турар “Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэнии үлэлэр биир кэрэхсэбиллээх түгэгинэн оонньуу ымыыларын талыы буолла. Ол курдук алтынньы ыйга биллэриллибит куонкурска барыта 16 үлэ кытынна. Манна худуоһунньуктар, дизайнердар, студеннар, оскуола оҕолоро уонна олохтоохтор кыттыыны ыллылар: Маннык баай ис хоһоонноох, кыайыыны, сырдыгы- үтүөнү түстүүр Манчаарыбыт оонньууларын ытык ымыыларын, бэһиэлэй бэлиэлэрин сэргии, сэҥээрэ көрсүҥ!Марианна СтепановаУлуустааҕы …

«КҮЛ ТУР»

Күндү Таатта улууһун олохтоохторо уонна ыалдьыттара!✨«КҮЛ ТУР» хамаанда, быйыл юбилейнай сезонугар барыгытын эрэнэ күүтэбит 💯 Буолар күнэ: Тохсунньу 2 күнэ, 2024 сыл Буолар сирэ : БЫЛАТЫАН ОЙУУНУСКАЙ ААТЫНАН ТААТТА НАРОДНАЙ ТЕАТРАБуолар бириэмэтэ: 17:00 уонна 19:00 чаастанКиирии билиэт сыаната: 1️⃣0️⃣0️⃣0️⃣ солк. Төлөбүрэ уу харчынан.Касса нүөмэрэ: 89148285052.

Таатталар Былатыан Ойуунускай 130 сылын Дьокуускайга түмүктээтилэр.

Таатталар Былатыан Ойуунускай 130 сылын Дьокуускайга түмүктээтилэр. Ахсынньы 20 күнүгэр Таатта улууһун народнай коллективтара Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театырыгар кэнсиэрдээтилэр. Кэнсиэр иннинэ биир дойдулаахтарын кытары улууска культура сайдыытын боппуруоһугар санаа атастастылар. Эһиил «Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ» культура үөрэхтээһин кластера тэриллибитэ 10 сылынан Дьокуускайга форум тэрийэри сүбэлэстилэр. Биир дойдулаахтарбыт көмөлөһөргө бэлэмнэрин биллэрдилэр. Сэттэ кыталык кыргыттарыныы сэттэ народнай …

История образования Таттинского улуса

Постановлением журнала Общего присутствия Якутского областного управления от 8 декабря 1912 г. № 716 определено разделить с 1 января 1913 г. Ботурусский улус Якутского округа на два улуса: Ботурусский и Таттинский. В состав Таттинского улуса отошли: Алданский, Терасинский, 2-й Жохсогонский, 1-й Игидейский, 1-й Жохсогонский, Усть-Амгинский, Жулейский, 1-й Хаяхсытский, 4-й Жохсогонский, 2-й Игидейский, 3-й Жохсогонский, и …

«Педагог уонна наставник» сылын түмүктүүр тэрээһин

Россияҕа «Педагог уонна наставник» сылын түмүктүүр Таатта улууһугар педагогическай общественность дьоро киэһээтэ тэрилиннэ. Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Гаврил Гаврильевич Вырдылин үөрэхтээһин уонна культура салаата биир ситимнээх үлэни тэрийиигэ, оҕо аймах, ыччат сайдыытыгар бииргэ үлэлиири биһирээн туран махтанна.Улууска үрдүк түмүктэрдээх “Таатта иитэр- үөрэтэр эйгэтэ” культурнай- образовательнай кластер научнай салайааччыта, педагогическай наука кандидата Изабелла Александровна Сивцева, …

Таатта народнай театырын чаҕылхай артыыстарыттан биирдэстэрэ, сыана бэтэрээнэ Михаил Иванович Тихонов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах куйаар ситимин нөҥүө эр дьон оруолун арыйыыга күрэс ыытылынна.

Бүгүн, ахсынньы 18 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин уонна Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн СӨ култууратын туйгуна, Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай театырын чаҕылхай артыыстарыттан биирдэстэрэ, сыана бэтэрээнэ Михаил Иванович Тихонов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах куйаар ситимин нөҥүө эр дьон оруолун арыйыыга күрэс ыытылынна. Күрэскэ Үөһээ Бүлүү, Нам уонна Таатта улуустарыттан барыта 11 үлэ киирдэ. …

ОҔОЛОРБУТ СИТИҺИИЛЭРЭ

Ахсынньы 17 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээҕэр бальнай үҥкүүнү толорооччулар «Кыталык-2023» республикатааҕы күрэҕин «Кыталык» МБУК ДЮЭЦ тэрийдэ. Күрэх үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Дьүүллүүр сүбэҕэ 5 киһи үлэлээтэ, председателинэн СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, А.Е.Кулаковскай аатынан ДДН иһинэн үлэлиир «Мозаика» спортивнай бальнай үҥкүү народнай ансаамбылын салайааччыта М.З. Сивцев үлэлээтэ. Бу күрэххэ Ф.С.Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусство оскуолатын …

➤