Рубрика «Новости»

«Көлүөнэ ситимэ» кэнсиэргэ ыҥырабыт!

Күндү Алдан нэһилиэгин ытык-мааны олохтоохторо уонна ыалдьыттара! Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылыгар анаммыт Таатта улууһун култуура эрчимнээх эдэр ыччатын «Көлүөнэ ситимэ» кэнсиэригэр ыҥырабыт! Ону кытары эһигитини күүтэр: 13:00ч. — Н. Д. Неустроев аатынан Уус-Таатта орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта идэҕэ туһаайыылаах көрсүһүү. 14:30ч. — Ф. С. Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын декоративно-прикладной искусство салааларын преподавателин керамикаҕа …

«Таатта-2026» ырыа күрэһин гала концерыгар ыҥырабыт

Ытык мааны Таатта улууһун олохтоохторун, күндү ыалдьыттарын Сэтинньи 20 күнүгэр Киэһэ 17:00 ч. Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр Улууспут талба талааннаах ырыаһыттарын бииргэ түмэр, *»Таатта-2026″* ырыа күрэһин гала концерыгар ыҥырабыт. Билиэт сыаната: 1000₽ БИЛИЭТ ЫЛАР СИГЭ: https://iframeab-pre7223.intickets.ru/seance/77948424 Физ.билиэттэри каассаттан ылаыахха сөп. ВИДЕОРОЛИК В КОНТАКТЕ СЫҺЫАРЫЫГА: https://vk.ru/wall-217249400_6092

«Таатта-2026» улуустааҕы ырыа күрэһигэр сайаапкалары ылыы саҕаланна

Улууспут талба талааннаах ырыаһыттарын бииргэ түмэр *Таатта-2026* Улуустааҕы ырыа күрэскэ, сайаапка ылыы саҕаланна. Күрэс буолар күнэ: *20.11.2026 с.* Буолар миэстэтэ: П.А.Ойуунускай аатынан Таатта народнай театра. Күрэс ирдэбилэ: *Кыттыыны ылаллар* 18-55 сааһыгар диэри Таатта улууһун олохтоохторо. Сольнай ырыаһыттар, вокальнай бөлөхтөр (дуэттар, триолар, квартеттар, квинтеттар, ансаамбыллар, дьиэ- кэргэн бөлөхтөрө). Күрэс икки түһүмэхтээх: — 1 түһүмэх — Таатта …

«ОҔО-АЙМАХ ОҺУОХАЙЫН ОЛОХТУОҔУҤ!» оҕолорго туһуламмыт оһуохай түһүлгэтэ түстэннэ

ТААТТАҔА ОҔО ОҺУОХАЙЫН ТҮҺҮЛГЭТЭ ТӨРҮТТЭННЭ Сэтинньи 11 күнэ, улуу суруйааччы, учуонай, бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт күнэ.Бу бэлиэ күн улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн «ОҔО-АЙМАХ ОҺУОХАЙЫН ОЛОХТУОҔУҤ!» улуустааҕы оҕолорго оһуохай күрэһэ ыытылынна. ТүҺүлгэҕэ улуус 9 нэҺилиэгиттэн барыта 44 этээччи тоҕуоруҺа түмсэн оҺуохайы оройуттан туттулар, чобуо куоластарынан күөн көрүстүлэр.Быйылгы оҕо оҺуохайын тиэмэтэ норуоттар сомоҕолоһууларын …

ТААТТАҔА БЫЛАТЫАН ОЙУУНУСКАЙ ТӨРӨӨБҮТ КҮНҮН БЭЛИЭТЭЭТИЛЭР

Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, саха норуотун улуу уола, поэт, учуонай, философ, саха автономиятын бастакы салайааччыта Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт күнүн Таатта улууһугар бэлиэтээтилэр.Бэлиэ күн тэрээһиннэрэ сарсыарда «Оҕо-аймах оһуохайын олохтуоҕуҥ» улуустааҕы күрэһинэн саҕаланна. Күнүс Ойуунускай аатынан сквергэ сүгүрүйүү сиэрэ-туома ыытыллан, пааматынньыгар сибэкки уурулунна.Тэрээһиҥҥэ Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччыта Никифор Жерготов, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Максимов, Таатта …

ТААТТА ырыа күрэҕэ

Улууспут талба талааннаах ырыаһыттарын бииргэ түмэр Улуустааҕы ырыа күрэскэ, сайаапка ылыы саҕаланна. Күрэс буолар күнэ: *20.11.2026 с.* Буолар миэстэтэ: П.А.Ойуунускай аатынан Таатта народнай театра. Күрэс ирдэбилэ: *Кыттыыны ылаллар* 18-55 сааһыгар диэри Таатта улууһун олохтоохторо. Сольнай ырыаһыттар, вокальнай бөлөхтөр (дуэттар, триолар, квартеттар, квинтеттар, ансаамбыллар, дьиэ- кэргэн бөлөхтөрө). Күрэс икки түһүмэхтээх: — 1 түһүмэх — Таатта туһунан …

САРДААНА ОСИПОВА уонна АРЫЙААН истиҥ иэйиилээх ырыа түһүлгэтигэр ыҥыраллар

Сэтинньи 15күнүгэр «П.А.Ойуунускай аатынан норуодунай театрга» киэһэ 17:00 чаастан уостан түспэт ылбаҕай ырыаларын САРДААНА ОСИПОВА уонна АРЫЙААН бэлэх уунуохтара!Истиҥ иэйиилээх ырыа түһүлгэтигэр кэлэн тэҥҥэ ыллаһыҥ, сынньаныҥ диэн ыҥырабыт! СЫАНАТА: 1000 https://iframeab-pre7223.intickets.ru/seance/77356209/

~ *СИМБИ03* ~

*30.10.2026 с.* *Киэһэ 18:00 ч.* *П.А.Ойуунускай аатынан Таатта народнай театрыгар* концерт ~ *СИМБИ03* ~ ИЛ СИТИМ & БЭЙЭ ДЬОНО PONSASH | FIESTA | RADIVER | ЗАМИР | КОСИОР За Пультом: *DJ ASHIMI !* @djashimi Билиэт сыаната: *1500₽* Билиэт ылар сигэ: https://iframeab-pre7223.intickets.ru/seance/76809123/ ДОҔОРДОҺУУ KYYҺЭ, КӨЛҮӨНЭ KӨPCYhYYTЭ !!!! КӨРӨӨЧЧҮГЭ ТАПТАЛА, ИСТЭЭЧЧИГЭ МАХТАЛА !!!! МАННЫК КҮҮСТЭЭХ TYMCYY, ОЛОХХО …

Тааттаҕа «Уус тыл кыһата” уһуйаан бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ

От ыйын өҥүрүк куйаас күннэригэр өй үлэтин сытыылыыр дьикти дьарыктаах уһуйаан үлэлээтэ. Уһуйаан уус-уран салайааччыта Елена ВасильевнаСлепцова – Куорсуннаах, сүрүннээччи Гаврил Гаврильевич Андросов, өйөөччүлэр СӨ Духуобунаска Академията, «Чолбон» сурунаал, П.А.Ойуунускай аатынан түмэл, тэрийээччи Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтэ буолан кыттыгас бырайыакпыт бастакы түһүмэҕэ сэргэхтик барда. Уһуйаан  Тааттаҕа бастакытын ыытыллар буолан, ыытыллар форматыттан саҕалаан, барыта сонун. Ол …

➤