19 Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар —
Таатталар ситиһиилэрэ
Олоҥхо ыһыаҕа — 2026 Үс өрүс тардыылаах, уу чалгый куттаах, Саха Сирин тэбэр сүрэҕэр — Кэбээйи улууһун Кэбээйи сэлиэнньэтигэр Уһун Хонуу алааһыгар буолла. Кэбээйи улууһа бүттүүн турунан, 2000 киһи нэһилиэнньэлээх Кэбээйи нэһилиэгэ бэртээхэй тэрээһиннээх түһүлгэни тэрийдэ, ыһыаҕы ыста. Дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн кэллэ.
Быйылгы ыһыах олоҥхо үһүс уон сылын арыйда. Ааспыт икки уон сылга биһиги олоҥхону үөрэтиигэ, харыстааһыҥҥа, тарҕатыыга үгүс элбэх үлэни ыытан, үс сыл субуруччу Олоҥхо ыһыаҕын муҥутуур кыайыылаахтарын аатын сүкпүппүт. Өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо ассоциациятын бастыҥ үлэлээх филиалынан буолабыт. Онон ыһыахха бэлэмнэнии сыл устата эрдэттэн бары хайысханан барар, төһө кыалларынан элбэх киһини илдьэн кытыннарыы соруктара турар. Ол эрэн, олох аата олох, араас мэһэй көстөн кыттааччы уларыйыыта баар буолар. Быйылгы ыһыахха улуустан барыта культура хайысхатынан 68 киһи, спорт хайысхатынан 20 киһи этэҥҥэ кыттан кэллибит.
Дьэ, ол курдук, тугу ситистибит? Олоҥхону улахан дьоҥҥо бөлөҕүнэн толорууга иккис миэстэни Дьохсоҕон “Добун” эр дьон бөлөҕө, анал ааты Уус Амма «Добун» фольклорнай бөлөҕө , оттон ыччаттарга иккис миэстэни «Былатыан ыччаттара» ылары ситистилэр. Олоҥхону биирдиилээн толорууга Афанасий Попов, Розалия Докторова, Раиса Маркова, Клара Читаева, Мария Егорова, Сергей Кладкин, ыччаттарга анал ааты Иван Иванов, Айта Васильева, Альберт Шестаков, Афанасий Собакин ылан үөрдүлэр.
Оһуохайга быйыл илин эҥэрдии уонна бүлүүлүү этиини арааран күрэхтэһии буолла. Илин эҥэр оһуохайын этиигэ бириистээх миэстэлэри барытын ыллыбыт. Кылаан чыпчаал кыайыыны Айта Васильева ситистэ. Бастакы миэстэни Лариса Попова, иккис миэстэни Татьяна Прокопьева, үһүс миэстэни Айаал Быгынанов, оттон оһуохайы бүлүүлүү этиигэ үһүс миэстэни Иван Иванов уонна Алена Колодезникова анал ааты ылары ситистилэр.
Тута хоһуйууга Алексей Николаев анал ааты ылла.
Тойукка анал ааттары Иван Иванов, Альбина Семенова, Анатолий Нестеров, Егор Дуракинов ситистилэр.
Норуот ырыатыгар үһүс миэстэҕэ Беляев Иван, анал аакка Семен Налыяхов таҕыстылар. Бу көрүҥҥэ биһиги урукку өттүгэр кытта илик этибит, онон бу улахан ситиһии.
Хомуска үһүс миэстэни “Күн Чөмчүүк” бөлөх, анал ааттары «Кылыһах» бөлөх, Кычкина Лия, Эдуард Тарабукин, Анна уонна Радомир Чомчоевтар дьиэ кэргэн ыллылар.
Чабырҕахха үһүс миэстэҕэ Айаал Быгынанов, анал аакка Алена Сабарайкина таҕыстылар.
Кырыымпаҕа иккиһин “Күн Чөмчүүк” бөлөх кыттан үһүс миэстэ буолла, Айта Васильева анал ааты тутта.
Сахалыы таҥаска, ох курдук оҥостон, Сахая Боппосова кыттан, анал ааты ылан ааттанна.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Эр бэрдэ» күүстээхтэр күрэхтэһиилэригэр төрдүс сылын Владимир Михайлов кыайан үөрүүбүтүн үксэттэ.
Ох саанан ытыыга биэс сыл турбут көрдөрүүнү тупсаран Васильев Леонид 216м40см. ырааҕы ытан рекорд олохтоото. Бастакы миэстэҕэ Виктор Тистяхов, үһүс миэстэҕэ Сардана Баишева буоллулар.
Хапсаҕайга иккис миэстэҕэ Виктор Докалов таҕыста.
Уус уран оҥоһуктар выставкаларыгар Николай Степанов туойга иккис миэстэ, сиэгэ үһүс миэстэҕэ Валерия Потапова, сиэлгэ анал аакка Лидия Богатырева, туоска Мария Малышева буоллулар.
Таатта аттара Уйгуура 2400 м. бастакы миэстэ, Каракан бастакы миэстэ, Сармат иккис миэстэ буолан сиэрбитин ситэрдилэр.
Ыһыах биир сүрүн тэрээһининэн Тааттаттан саҕыллан тахсыбыт хомуур олоҥхо бырайыага норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак буолан сайдан таҕыста. П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун Саха, Кыргызстан, Казахстан, Алтай, Башкортостан, Тыва, Хакасия эпоһы толорооччулара толордулар. Бу улахан бырайыакка биһиги улуустан Афанасий Попов кытынна. Бу курдук бырайыактар улуустан өрөспүүбүлүкэҕэ, өрөспүүбүлүкэттэн норуоттар икки ардыларыгар олоххо киирэн саҥа аартыктар арыллаллар.
Омук кэскилин туһугар улахан суолталаах ыһыахха улууспут дьонун кыттыытынан үгүс ситиһиилэнэн, ыраах айаны да билиммэккэ, сүргэбит көтөҕүллэн, инникигэ сыаллары-соруктары туруоран кэллибит. Барыыны өйөөбүт улуус баһылыгын солбуйааччы Н.Н.Жерготовка, Өктөөбүрүскэй, Орто Амма, Уус Амма нэһилиэктэрин баһылыктарыгар, ФКУ салайааччытыгар, Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бука бары чэгиэн сылдьан кэтит кэскилбитин кэҥэтиэҕиҥ.
Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин пресс киинэ, фотоҕа түһэриитэ








