От ыйын өҥүрүк куйаас күннэригэр өй үлэтин сытыылыыр дьикти дьарыктаах уһуйаан үлэлээтэ. Уһуйаан уус-уран салайааччыта Елена ВасильевнаСлепцова – Куорсуннаах, сүрүннээччи Гаврил Гаврильевич Андросов, өйөөччүлэр СӨ Духуобунаска Академията, «Чолбон» сурунаал, П.А.Ойуунускай аатынан түмэл, тэрийээччи Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтэ буолан кыттыгас бырайыакпыт бастакы түһүмэҕэ сэргэхтик барда.
Уһуйаан Тааттаҕа бастакытын ыытыллар буолан, ыытыллар форматыттан саҕалаан, барыта сонун. Ол курдук, күн бастакы аҥарыгар П.А.Ойуунускай аатынан тыйаатырга уһуйааччылар — Россия уонна Саха Сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэттэрэ: Саха норуодунай суруйааччыта, П.А.Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай бириэмийэтин лауреата Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннаах, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Гаврильевич Андросов, П.А.Ойуунускай аатынан түмэл культурнай сырдатар отделын сэбиэдиссэйэ Анатолий Игнатьевич Слепцов, Баайаҕа нэһилиэгин «Көмүлүөк күлүмэ» литературнай түмсүүтүн чилиэнэ Ольга Николаевна Макарова уһуйуллааччыларга Утум Захаровка, Федор Павловка, Ульяна Захароваҕа, Елена Филатоваҕа, Татьяна Поскачинаҕа айымньыларын ырыттылар, сүбэлэри биэрдилэр. Идэтийбит дьон ырытыыларын — ”таһыйыыларын” уһуйуллааччылар наһаа күүппүттэрин, критикаттан үөрэллэрин, астына ылыналларын биллэрдилэр, айымньыларын ыксаабакка чочуйан, күннэтэ үлэлэһэн, сайыннаран иһиэхпит диэн эрэннэрдилэр. Ырытыылар уһуйааччылар киэҥ көрүүлэринэн, дириҥ толкуйдарынан, текстэри саас сааһынан сааһылаан, айар эйгэ араас кистэлэҥнэрин арыйан, ханан сымнатары, ханан күүһүрдэри, ханан тэнитэри, ханан чопчулууру, уобараһы хайдах туттары, тоҕо, туохха этиллэрин быһаарары, хас биирдии аат суолтатын, ол эрэн хас биирдии киһи ураты суола-ииһэ хайа диэки салайан эрэрин эттилэр, бэйэ “буочарыгар” болҕомто уурары ыйдылар. Онтон олохтоох автордары кытта көрүстүлэр, айымньыларын иһиттилэр, бииргэ үлэлииргэ сүбэлэстилэр.
Күн иккис аҥарыгар Ытык сирдэринэн айан буолла. Быйыл кураан туран, былааннаммыт сирдэрбитинэн Өксөкүлээх Өлөксөй Амыдайынан, Алампа Куобах Буһарбытынан, Оккуодайынан, Былатыан Ойуунускай Муҥха Дэлбэрийбитинэн, Судаарыстыбаннас түмэлинэн, Суорун Омоллоон Ытык Таҥаһынан сырытыннаран кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтээтэ. Маннык айан айар дьоҥҥо ураты суолталаах, онон хайаан да тирэҕи бөҕөргөппүт, саҥа өйү-санааны сахпыт буолуохтаах.
М.Горькай суруйааччылар бастакы сийиэстэригэр Ленин туруорбут «воспитать тысячи мастеров Культуры, инженеров душ» сыала бүгүн да суолтата сүппэт. Ол курдук, үйэлэргэ тутан кэлбит үтүө үгэстэрбитин сүтэрбэккэ тута сылдьарбытыгар, төрөөбүт тылбыт-өспүт сүппэтигэр, өй-санаа үрдүүрүгэр, олох-дьаһах тупсарыгар, ааҕааччыны тардар, толкуйдатар, сонун айымньылар уус-уран литература биһигэ буолбут Тааттаттан тахса туруохтара да эрэнэбит.
“Айар аартыккыт аһаҕас буоллун, көтөр ыыргыт киэҥ, далааһыннаах буоллун” – диэн Куорсуннаах алгыһынан, кыһыҥҥы түһүмэххэ диэри көрсүөх буолан, тарҕастабыт.
Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин пресс киинэ









