Перейти к содержанию

Саха төрүт музыкальнай инструменнарын үйэтитээччи, СӨ  култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуотун маастара Таатта улууһун, Алдан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Чахов Александр Иванович төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтиир “Айар үлэ ыллыгынан…” ахтыы киэһэтэ ааста

Саха төрүт музыкальнай инструменнарын үйэтитээччи, Саха өрөспүүбүлэкэтин  култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Таатта улууһун, Алдан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Чахов Александр Иванович төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтиир “Айар үлэ ыллыгынан…” ахтыы киэһэтэ сэтинньи 28 күнүгэр Дьокуускай куоракка Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ, Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтэ, Таатта улууһун «Алдан нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтэ, Алдан нэһилиэгин «Кытыл» норуот айымньытын дьиэтэ тэрийиилэринэн үрдүк таһымҥа ыытылынна.  Түмэл сырдык саалатыгар кииригэ ыалдьыттары арыылаах саламаатынан, алгыстаах алаадьынан Алдан нэһилиэгин «Кытыл” норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Максимова В.А. күндүлээн,  А.И. Чахов айар үлэтин быыстапкатын Алдан нэһилиэгин модельнай библиотекатын библиотекара, ССРС култууратын туйгуна Маркова А.К. кэрэхсибиллээх кэпсээнинэн көрүстүлэр. Александр Иванович Чахов  хас биирдии киһини умсугутар, кэрэхсэтэр, кэрэ эйгэлээх олоҕун сырдатар  сырдык түһүлгэтин «Айыы кыһата» национальнай гимназия үөрэнээччилэрин «Дьири-дьир» бөлөҕө арыйбыта  ( салайааччы СӨ култууратын туйгуна Уруйдаана Харитонова) тэрээһини ордук киэргэттэ.

Бу киэһээ Александр Ивановиһы кытары бииргэ алтыспыт биир идэлээхтэрэ, уус абылаҥар уһуйбут үөрэнээччилэрэ, өрөспүүбүлүкэ түмэллэрин специалистара, биир дойдулаахтара, бииргэ үлэлээбиттэрэ — саха өрөспүүбүлэкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Толбонова Н.С., Саха өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыстара Клавдия, Герман Хатылаевтар, Хомус түмэлин уонна аан дойдутааҕы киинин Президенэ Алексеев И.Е.-Хомус Уйбаан, түмэл  быыстапкалыыр отделын специалиһа Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын, үөрэҕириитин туйгуна  Слепцова Е.П., «Симэх» национальнай киинин ойуулуур-дьүһүннүүр отделын салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна  Осипов Д.К., Саха өрөспүүбүлэкэтин култууратын туйгуна, музыковед, Дьокуускайдааҕы С.Ф.Гоголев аатынан педагогическай колледж преподавателэ  Шамаева М.И., Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын «Кыл саха” төрүт дорҕоон ансамблын  салайааччыта, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Томская А.И., ансамбыл кыттааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна  Габышев Р.П., Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Ил Дархан анал стипендиятын хаһаайына, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Лопатин А.П., Саха Өрөспүүбүлэкэтин норуотун маастара Харайданов А.Д.,  биир дойдулааҕа мас ууҺа  Малгин В.С.,  Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлин дириэктэрэ  Корнилова М.И.,  Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы Петрова Р.Р., нэһилиэк аҕа баһылыга Постников Е.Н., биир дойдуллаҕа, үөрэҕирии бочуоттаах үлэһитэ Неустроев И.Г., Александр Иванович төрөппүт уола  медицинскэй наука доктора, Максим Кирович Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет медицинскэй институтун стоматология кафедратын профессора Чахов А.А. Александр Иванович олорон ааспыт олоҕун, айан хаалларбыт айымньыларын,  дууһа кылын таарыйар саха төрүт дорҕооно-кылыһахтаах кырыымпаны, биһилэхтээх хомуһу,  ойуун дүҥүрүн оҥорорго холонууларын дириҥник ырыттылар, үтүө тылларынан аҕыннылар. Александр Иванович барыта 57 ырыа ааптара буоларынан кини ырыаларын биир дойдулаахтара Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрын артыыһа Александр Максимов, Матрена Максимова аатынан Уус-Тааттатааҕы норуодунай хор кытааччылара Петр Колодезников, Марфа Тарабукина, Николай Собакин ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.. Ахтыы киэһээтэ ыытааччы Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Кривых Д.Г. алгыс тылларынан уонна  Василий Сивцев тылларыгар, Александр Чахов матыыбыгар «Күөх Таатта үрэҕэр ” ырыатын кыттыбыт ыалдьыттар бииргэ толорууларынан түмүктэннэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *