Сэтинньи 25 күнэ – Олоҥхо күнэ. Бу күҥҥэ олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Биир сүдү суолталаах тэрээһининэн – «Олоҥхоһуттарга, оһуохай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар уонна норуот маастардарыгар – үгэс буолбут култуурабытын илдьэ сылдьааччыларга – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев анал истипиэндьийэтин аныыр туоһу сурук туттарыытын үөрүүлээх сиэрэ-туома буолан ааста.
Төрүт үгэспитин илдьэ сылдьааччыларга, тилиннэриигэ, үйэтитиигэ, сайыннарыыга уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыыга өҥөлөрүн, өрөспүүбүлүкэбит олоҕор-дьаһаҕар көхтөөх кыттыыларын, оҕону уонна эдэр ыччаты сайыннарыыга кылааттарын иһин – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын истипиэндьийэтин быйыл 26 киһи ылар чиэскэ тигистэ. Таатта улууһуттан:
Олоҥхоһуттарга — ЦОЙ Людмила Константиновнаҕа; оһуохай тылын этээччилэргэ — ПОПОВ Афанасий Николаевичка; норуот маастардарыгар — ЛОПАТИН Афанасий Петровичка.
Бу күн Олоҥхо дэкээдэтин арыйар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут бар дьону олоҥхону үйэтитиигэ уонна тарҕатыыга үлэлэһэр, өйүүр, көҕүлүүр уонна суолдьут сулус курдук салайан иһэр бас-көс дьоммут СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев, Ил Дархан сүбэһитэ Андрей Борисов кэлэн эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттардылар.
Олоҥхо ассоциацията саамай элбэх оҕону олоҥхоҕо уһуйбут Таатта улууһун “Олоҥхо” ассоциациятыгар (сал И.А. Сивцева) бэйэтин бириэмийэтин туттарда.
Уус-уран театральнай кэлэктииптэр, норуодунай тыйаатырдар уонна Олоҥхо дьиэлэрин ортолоругар ыытыллыбыт “НОО!” өрөспүүбүлүкэтээҕи театральнай I бэстибээл бириэмийэтин “Олоҥхо таҥаһын таба көрөөччү” – Надежда Сабарайкина, “Ньургун Боотур” олоҥхо-испэктээк (Таатта улууһун П.В. Толстяков аатынан Чөркөөхтөөҕү норуодунай тыйаатыр) ылла.
Өбүгэбит саҕаттан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын үрдүк чыпчаала – олоҥхо. Саханы саха дэтэр, кэскиллээҕи кэрэһэлиир, үтүөнү үксэтэр, Сахабыт сирин тылын-өһүн, таҥнар таҥаһын, иһитин-хомуоһун, оһуорун-мандарын, айан-тутан таһааран Аар Саарга аатырдыбыт талааннаах дьоммутун-сэргэбитин эҕэрдэлиибит!