Перейти к содержанию

Уһуйаан оҕолоругар аналлаах «ОЛОҤХО ЫЛЛЫГЫНАН» тэрээһин Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытылынна

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл  сылларыгар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн уһуйаан оҕолоругар аналлаах «ОЛОҤХО ЫЛЛЫГЫНАН» тэрээһин Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн бар дьон сэҥээриитин ылан бэрт сэргэхтик ааста. Тэрээһин үөрүүлээх чааһа Прасковья Петрова-Күн Көмүс алгыһынан, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г.Вырдылин, Улуустааҕы үөрэх салаатын начальнигын солбуйааччыта Т.А.Тютрина эҕэрдэ тылларынан саҕаланна. Ол кэннэ сыанаҕа олоҥхо персонажтарынан косплей оҕо-аймах сэҥээриитин ылла. Геройдары улуустааҕы норуот айымньыларын дьиэлэрэ көрдөрдүлэр. Ол курдук:

Аан Алахчын Хотун — П.А.Ойуунускай аатынан Таатта народнай театра;

Иэйиэхсит — А.Е.Кулаковскай аатынан Чычымахтааҕы НАДь;

Дьөһөгөй Айыы — Н.Н.Туласынов аатынан НАДЬ, Чөркөөх;

Байанай – И.И.Слепцов аатынан НАК, Уолба;

Кудай Бахсы –“Тускун” култуура киинэ, Баайаҕа;

Кыталык – Сарыал КСК, Ытык-Күөл;

Симэхсин эмээхсин – А.Ф.Бояров аатынан НАДь, Дэбдиргэ;

Сорук Боллур – “Сайдам” НАДь, Туора-Күөл;

Ньаадьы Ньаҥха – А.И.Софронов-Алампа аатынан НАДь, Дьохсоҕон;

Туйаарыма Куо – И.В.Николаев аатынан НАДь, Орто-Амма;

Уот Уһутаакы – “Айтал” НАДь, Уус-Амма;

Кыыс Кыскыйдаан – “Кустук” НАДь, Даайа-Аммата;

Абааһы кыыһа – Л.Н.Турнин аатынан “Алгыс” НАДь, Тыараһа;

Кыыс Дэбилийэ Бухатыыр – “Кытыл” НАДь, Алдан;

Ньургун Боотур — П.А.Ойуунускай аатынан Таатта народнай театра.

Күн аҥаара уһуйаан саастаах оҕолорго улуус уһуйааннара араас хабааннаах оонньуулары, маастар-кылаастары ыыттылар. Ол курдук Ытык-Күөлтэн «Сулусчаан» оҕону сайыннарар киин «Алаас сүпсүлгэнэ», «Пааратын бул», «Аптаах оһуордар», Кистэлэҥнээх мөһөөччүк», «Мэник тыксааннар», пазл «Олоҥхо дойдута», «Олонхо куукулаларын холбуката»: «Сахалыы таҥас арааһын таҥыннарыы», «Оруоллаах оонньуу», «Ойуулуур кинигэ»; Обугурас-хобугурас кутуйахтар», Ситимнээх саҥаны сайыннарар оонньуу «К.ы.а.й» (Көр, ылын, аах, өйдөө), «Кусчуттар», «Балыксыттар», “Тиһилик” оонньуу, «Олоҥхо кыылларын хамсаныылара»; Харбалаахтааҕы “Кэскил” оҕо саада — «Угунньук», «Өбүгэ олоҕо-дьаһаҕа» судоку, «Сэргэ» хомулук, «Сэргэлэр» хомулук, «Күрүө» хомулук, «Ынахтар», «Сахалыы абакус», «Өбүгэ олоҕо-дьаһаҕа» остуол оонньуута, «Олоҥхо» лэпбук, «Дьиктилээх балаҕан», «Кулунчук» артикуляционнай гимнастика, «Күөгүһүттэр», «Саха таҥаһа» лэпбук, «Сахалыы абакус» оонньуулары; Ытык-Күөлтэн «Чуораанчык» оҕону сайыннарар киин — «Сахалыы музыкальнай интруменнары таай», «Сонор», «Мин кимминий?», «ТОК», «Олонхо хаамыыта», «Сайын ходуһаҕа», хамсаныылаах оонньуулар «Ойбонтон балыктааһын», «Ох саанан ытыы», интерактивнай оонньуулар «Ханнык тылы Тооку суруйуон баҕарбытый?», «Аһаҕас дорҕооннор дьиэлэрэ», маастар-кылаас: “Карточки с дополненной реальностью. Использование сервиса ARVIS”, «Олонхо ата» дьарык, остуол оонньуута мемо таблица «Олонхо геройдарын бил», остуол оонньуута “Дойдутун бул»; Уус-Тааттатааҕы «Харыйачаан» оҕо уһуйаана «СОНОР», «Олоҥхо үс дойдутун дьоруойдарын таай», «Төрөөбүт дойдубун таптыыбын», «Ойор-тэбэр оҕо саас», «Муҥха», “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олонхо дьоруойдарын таай; Дьохсоҕон орто оскуолата – “Пааратын бул”, “Үс дойду олохтоохторо”, Өбүгэ оонньууларын холбуката; Чөркөөхтөөҕү «Аленушка» оҕону сайыннарар киин-«Сахалыы музыкальнай интруменнары хомуй», “Төрүт дьарыктары хомуй”, “Ыйдарынан сааһылаа”, “Эбээм холбуката”, “Айыы бухатыыра абааһы бухатыырын кытта киирсиитэ”, ИКТ оонньуу “Олоҥхо дойдута”, “Байанайдаах балыксыт”, “Сылгыһыт” “Бухатыыр күүһэ”, “Төрүт дьарык эйгэтэ” оонньуулары, олонхо түмэлэ «Муусука», хомулук “Аал луук мас”, тарбах театра, “Собо балык”, “Байанайдаах булчут”, хомулук “Тыа кыыллара”; Ытык-Күѳллээҕи «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин — оҕолорго олоҥхо хамсаныыларынан эрчиллиилэри, «Дьиэрэй, оҕо саас ырыата» саха музыкальнай инструменнарынан доҕуһуоллатан сахалыы ырыа түһүлгэтэ, хомулук «Саха тѳрүт иһитэ-хомуоһа», «Олоҥхо хонуута», «Муус аннынан балыктааһын», «Сыалы тап»; М.Н.Турнин аатынан Тыараһа  орто оскуолата «Олоҥхо хамсаныылара» оонньуулара оҕо-аймах сэҥээриитин ылыан ылла. Ону тэҥэ “Чөмчүүк саас оһуохайа” уһуйаан оҕолоругар ыытылынна. “Аптаах алыптаах остуоруйалары” Чөркөөхтөн Н.Н.Туласынов аатынан НАДь көрдөрдүлэр. “Туллукчаан” оҕо библиотеката “Таабырын хонуута” оонньууну бэрт сэргэхтик тэрийдилэр. Сарсыардаттан оҕо-аймах сахалыы сайбаччы таҥнан, төрөппүтүн кытта сиэттиһэн олоҥхо киэҥ киэлитигэр уйдаран элбэҕи биллилэр, оонньоон-көрүлээн салгыы уһуйааннарыгар киэҥ билиилээх тарҕастылар.

Олоҥхо киһи чиэһин үрдүктүк тутарга, киһини сыаналыырга, норуот үгэстэрин, сиэрин-туомун тутуһарга, ыччаты күүстээх-уохтаах, дьулуурдаах буоларга иитэр. Маннык тэрээһиҥҥэ уһуйаан оҕолоро, төрөппүттэрэ, үлэһиттэр бука бары биир киһи курдук ылсан көхтөөхтүк кытталлара оҕо өбүгэтин үтүө үгэстэрин кыра сааһыттан билэ, ытыктыы үөрэнэригэр, саха тыла сайдарыгар бигэ тирэх буолар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *