Перейти к содержанию

«Оҕо-аймах оһуохайын олохтуоҕуҥ!» оҕолорго оһуохай күрэһэ

Сэтинньи 22 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы народнай театрыгар Арассыыйаҕа Дьиэ-кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылларыгар анаммыт Олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Олоҥхо ыллыгынан» тэрээһин буолла.
Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтэ, А.И.Софронов-Алампа аатынан Дьохсоҕоннооҕу норуот айымньытын дьиэтэ, улуус оһуохайын түмсүүтэ сүрүннээн улуустааҕы «Оҕо-аймах оһуохайын олохтуоҕуҥ!» оҕолорго оһуохай күрэһи ыыттылар.
Күрэс 2 бөлөҕүнэн ыытылынна.
• 1-кы бөлөх oскуола үөрэнээччилэрэ (7-12 саастарыгар диэри)
• 2-бөлөх оскуола үөрэнээччилэрэ (13-17 саастарыгар диэри).
Күрэскэ 8 оскуолаттан 22 оһуохай этээччи оҕо кыттыыны ылла. А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей, А.И.Софронов-Алампа аатынан Ытык Күөллээҕи 1№ оскуолата, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолата, Уус-Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата, Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата, Г.Д.Бястинов-Бэс ДьарааҺын аатынан Чымнаайы орто оскуолата, В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолата, С.Р.Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолата кыттыыны ыллылар. Барыта 8 оскуолаттан 22 оһуохай этээччи оҕо кытынна..
Күрэс дьүүллүүр сүбэтинэн Таатта оһуохайдьыттарын түмсүүтүттэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, оһуохай үтүөлээх этээччитэ А.Н.Попов, оһуохай үтүөлээх этээччитэ, СӨ ыччат политикатын туйгуна, Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин методиһа И.Ф.Иванов, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, улуустааҕы оһуохай түмсүүтүн салайааччытын солбуйааччыта, «Саха» НКИХ Тааттатааҕы филиалын редактора П.Ф.Татаринова үлэлээтилэр.
Кыайыылаахтар бэлиэтэннилэр.
1 бөлөххө
Iм. — Селена Ноенохова (Чычымах орто оскуолата, сал.М.К.Решетникова)
IIм — Айхал Поисеев (Чөркөөх орто оскуолата, сал.М.П.Яковлева, Р.Н.Филатова)
IIIм — Алиана Васильева (Чычымах орто оскуолата, сал.М.К.Решетникова)
«Кэскиллээх оҺуохайдьыт» анал аат — Осман Баратов (Уус-Таатта муз. оскуолата, сал. А.Е.Васильева)
«Уран тыллаах оҺуохайдьыт» анал аат — Айаана Семенова (В.И.Ленин аатынан Уолба ОО, сал.А.П.Боппосова).
2-с бөлөххө
Iм. — Айыллаана Попова (Ы-КОО-1, сал.Л.А.Попова )
IIм — Афоня Канаев (А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей, сал.О.П.Андросова)
IIIм — Симона Макарова (А.Е.Кулаковскай аатынан Дьохсоҕон ОО, сал.А.Н.Попов)
«Түөлбэ үгэҺин тутуҺааччы» анал аат Паша Харайданова А.Е.Кулаковскай аатынан Дьохсоҕон ОО, сал.А.Н.Попов)
«Уран тыллаах оҺуохайдьыт» анал аат — Алена Колодезникова (Уус-Таатта муз.оскуолата, сал.А.Е.Васильева).
«Бастыҥ кынат» анал ааты ылар чиэскэ Чөркөөх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ тигистилэр.
Дьүүллүүр сүбэ оҕолор сайдыбыттарын, тыллара-өстөрө тупсубутун, тутталлара-хапталлара сытыырхайбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Бөлөхтөртөн икки бастыҥнарыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕолорго аналлаах «Оһуокайдаан ойуохха- эһиэкэйдээн тэйиэххэ!» күрэһигэр кытта барар чиэскэ Селена Ноеноховаҕа, Айхал Поисеевка, Айыллаана Поповаҕа, Афоня Канаевка туоһу сурук туттардылар.
Түмүккэ бары кыттыбыт, кынат буолбут оҕолорго үөрэхтэригэр ситиһиини, соруммут сыалларын толороллоругар, бүгүҥҥү оһуохай түһүлгэтиттэн куорсун анньынан төрөөбүт улуустарын, Сахабыт сирин аар-саарга ааттата турдуннар!

Тэрийэр бөлөх

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *