Перейти к содержанию

П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын иһинэн күһүҥҥү олоҥхо лааҕыра үлэлээтэ

Алтынньы ый 25-30 күннэригэр ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл ветерана, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылынан Таатта улууһун П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын иһинэн, күһүҥҥү олоҥхо лааҕыра үлэлээтэ. Лааҕырга Амма, Мэҥэ-Хаҥалас, Таатта улуустарыттан 15 үөрэнээччи, оҕолоро олоҥхо толоруутугар уһуйуллан тарҕастылар. Тэрйиээччилэринэн оскуола иһинэн төгүрүк сыл устата үлэлиир “Сардаана” лааҕыр, улуустааҕы үөрэх салаата, норуот айымньытын дьиэтэ, Н.Н.Туласынов аатынан норуот айымньытын дьиэтэ бииргэ үлэни торумнаан ыыттылар.
Лааҕырга өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр уһуйааччылар Амма улууһуттан Иванова Софья Олеговна, Тааттаттан Раиса Семеновна Маркова, Альберт Владимирирович Шестаков үлэлээтилэр.
Оҕолорго күн аайы олоҥхо эйгэтинэн араас тэрээһиннэр ыытыллыннылар.
Ол курдук, Чөркөөхтөөҕү Н.Н.Туласынов аатынан норуот айымньытын дьиэтин кэлэктиибэ «Алгыстаах алаадьы», уопсастыбаннай түмсүүлэр «Алаһа» (Сал. Сивцева Д.А. ) «Иҥэмтэлээх эмтээх от чэйдэр», «Өбүгэ оонньуулара» (Андреева Л.М.), «Дьиэ харысхала» лааҕыр салайааччыта Иванова Ю.В., » Олоҥхо омуннаах суолунан» ( реж. Яковлева М.П.) олоҥхо сүрүн дьоруойдарын көстүүмнэрин кэтэрдэн театрализованнай дьүһүйүү туруордулар, Чөркөөхтөөҕү аһаҕас халлаан түмэлэ (Жерготова И.Я.) Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар, Государственность түмэлэ (Борисова А.С.) дириҥ ис хоһоонноох экскурсияларга сырытыннардылар.
Маны таһынан Ийэ олоҥхоһут П.Е.Решетников төрөппүт кыыһа Докторова Р.П, «Удьурҕай- Таатта» этнобөлөх олоҥхо толорооччулара Слепцова Т.Е., Шестаков А.В., Дъячковскай Н.Р., Егорова М.Р., бөлөх салайааччыта Тарабукина М.В. оҕолору кытта көрсөн олоҥхо толорон ирэ-хоро кэпсэтиини ыыттылар. Истибит олоҥхолорун оҕо хараҕынан өйдөөбүттэрин уруһуйдаан чиҥэттилэр. Итини тэҥэ оҕолор бэйэлэрин сатабылларынан олоҥхону толордулар, оһуохайдаан ойдулар, саҥа саҕалааччылар дорҕоон таһааран дьарыктаннылар.
Оҕолор хас биирдии күннэрэ сарсыардааҥы чэбдигирии эрчиллииттэн саҕалаан, оскуола остолобуойгуар 5 минньигэс аһынан аһаан, дуоһуйа сынньанан бардылар.
Түмүккэ, лааҕыр үлэтин сүрүннэспит бары кэлэктиипкэ, суоппардарга, төрөппүттэргэ махталбтын тиэрдэбит.

Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин пресс киинэ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *