Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Кыайыы болуоссатыгар киэн тутта ааттыыр биир дойдулаахтарбыт сырдык кэриэстэригэр анаммыт өйдөбүнньүк ыскамыайкалар үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылыннылар.
Өйдөбүнньүк ыскамыайкалар Аҕа дойду сэриитин, үлэ бэтэрээнэ, Ленинградтааҕы фронт минометчига, «Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы», «Бойобуой үтүөлэрин» иһин мэтээллэр, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан хаһаайына, XVI төгүллээх чөмпүйүөн булчута, Саха сирин үтүөлээх булчута, Алексеевскай оройуон бочуоттаах олохтооҕо Семен Семенович Стрекаловскайга уонна II Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх Украинскай фронт 76 стрелковай дивизиятын младшай сержана, автоматчик, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Василий Павлович Тарабукиҥҥа ананна.