Саха сирин саргылаах сарсыҥҥытын салайсыбыт, саҥа олох олугун уурбут, дьон-норуот туһугар туруулаһан үлэлээбит модун санаалаах, айхаллаах ааттаах Платон Алексеевич Ойуунускай скверыгар мустан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтээтибит. Тэрээһин үөрүүлээх чааһа Д.А.Петров аатынан ЫКОО 3-4 кылаас үөрэнээччилэрин «Таатта уоланнара» уус-уран ааҕыы бөлөҕө С.Р.Кулачиков-Эллэй «Сахам сирэ» хоһоонун толоруутунан саҕаланна. (Салайааччы Никифорова С.А.). Салҕыы «Таатта улууһа» МО баһылыга А.С.Бурцев, Таатта улууһун депутаттарын Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ П.П.Максимов, «Таатта нэһилиэгэ» МТ баһылыга Е.И.Павлов, Таатта улууһун Тыа хаһаайыстыбатын салалтатын начальнига Г.С.Кычкин эҕэрдэ тылы эттилэр. Ханнык да бэйэлээх эриирдэргэ-мускуурдарга охтон биэрбэт эрэлбит бөҕө акылаатын уурбут киэн туттар биир дойдулаахпытыгар Платон Алексеевич Ойуунускайга сүгүрүйэрбитин, махтанарбытын биллэрэн сибэкки дьөрбөтүн ууруунан, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүүнэн үөрүүлээх тэрээһини түмүктээтибит.