Перейти к содержанию

«Ойууһут сардаҥата» худуоһунньук оҕолору сайыҥҥы пленэргэ түмтэ.

Чөркөөх түмэлэ бэс ыйын 1-5 күннэригэр «Ойууһут сардаҥата» худуоһунньук оҕолору сайыҥҥы пленэргэ түмтэ.
Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство алыбар умсугуйан дьарыктанар оҕолорго анаан «ТааттаАрт» худуоьунньуктар түмсүүлэрэ былааннаммыт үлэтин олус сэргэхтик тэрийэн ыытта.

Быйыл бу түмсүү маннайгы идэтийбит худуоьунньук Иван Попов 150 сылын көрсө сонун тэрээһиннэр ыытылыннылар. Үөрэх дьылын түмүктүүр сынньалаҥ пленэргэ «Свет юрты художника» кыттыбыт кыайыылаах оҕолору эбии дьарыктаатылар.
Пленэр ойууһут сүрүннүүр үлэтэ буоларынан, оҕолору айылҕа дьүһүннэрин таба көрүүгэ каникул маҥнайгы күннэрэ табыгастаах буолан, Чөркөөх оскуолатыгар олорон үлэлээтилэр.
Пейзаж, рисунок, этюд, дьоҕус кинигэлэри, туой иһиттэри, кэрэ көстүүлээх уус-уран хаартыскалары, Иван Иванович Попов олоҕуттан быһа тардан «Умнуллубат түгэн» тэттик киинэ уьулунна, «Кэрэни кербут» уус-уран киинэни искусство, музей улэьиттэрин кытта ырытан, конкурс уруьуйдарын керен Иван Васильевич ологун уерэтэн 5 күҥҥэ үлэ күөстүү оргуйда.

«Уруһуйдуу үөрэммит дьоҕурдаах оҕолорго маннык тэрээһин олус сайыннарар, биир интэриэскэ сылдьан бэйэ-бэйэлэрин өйдөһө, дьоҕурдарын сайыннарар эйгэни тэрийэр олус наадалаах. Бу пленэр программагыгар быйыл ураты үлэни былааннаан оҥордубут. Инникитин Чөркөөх оскуолатыгар сезоннаах оскуола арыйан үлэлиирбит курдук тэрийдэхпитинэ Таатта ойууһут оҕолоро олус сайдыахтара, дьоҕурдара арыллыа диэн эрэнэн үлэлиибит.
Быйылгы үлэбитигэр Чөркөөх оскуолата базатын туһанан олус чэпчэки усулуобуйаҕа сырыттыбыт. Дириэктэр Егор Валерьевич Лебедев, салайааччы Юлия Васильевна Борисова тэрийсэн бэлэм дьиэҕэ, минньигэс аска, бэлэм утуйар хоско оҥостон олордубут. Оҕолор сайдыыларыгар бастатан туран төрөппүттэр көмөлөрө олус туһалыыр. Дьоҕурдаах оҕолору кытта үлэлииргэ элбэх сыра барарын өйдүүр төрөппүт эрэ ылынар, ейуур, тэҥҥэ үлэлэһэр. Түмүктүүр киэһэбитигэр анаан быыстапка туруордубут, «Эдэр худуоьунньук» ырыата сурэхтэннэ, Иван Попов хос сиэннэрэ Гавриил Гаврильевич, Николай Гаврильевич кэлэн оҕолорго анаан тыл этэн, үлэлэрин ырытан, хайҕаабыттара биһиэхэ улахан үөрүү уонна үрдүк сыанабыл буолла. Марианна Степанова худуонньук оҕолору кытта үлэлэспит уопуттаах учуутал буолан, бастын үлэлэргэ бириис, грамота анаан туттарда. Түмсүүбүтүгэр сүрүннүүр инвестордаахпыт, киэн улэни хабарга тумэр, салайар, билэр киьилээхпит олус уердэр.
«Ойууьут биьигэ» проект биир хайысхата — талааннаах, дьогурдаах оголору ейееьун, бу куннэ искусство оскуолатын выпускнигар Уварова Дьарьяга анал стипендия туттарылынна. Бу стипендияны иллюстратор, модельер Тааттаттан теруттээх Саргылана Сунхалырова, Уьуйааччытын Евдокия Билюкинаны кэриэстээн, кыьамньылаах, себулээн уруьуйдуур огого диэн анаата.
Түмүккэ оҕолорго барыларыгар туоһу сурук, грамота, «Ойууһут бэлэҕэ» диэн уруһуйдуур кырааскалаах бадаарактары ууннубут. Аныгы оҕолор бэлэх туталларын олус сөбүлүүллэр, онтон үлэһит оҕолорго туһалаах бэлэх икки төгүл үөрүүлээх» —
диэн учууталлар уллэьиннилэр.
Саргылана Константиновна, Людмила Александровна, Aнфиса Васильевна төрөппүттэргэ, салайааччыларга, музей үлэһиттэригэр Изабелла Яковлевнага, Марианна Егоровнага махталбытын тиэрдэбит.

«Умнуллубат тугэн» —

«пленэр туьунан»-

Бэс ыйын 7 кунэ
Анфиса Слепцова, пленэр салайааччыта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *