Саха сиригэр бастакы оһуохай форума
Ыам ыйын 27-28 күннэригэр Саха сиригэр аан бастакы оһуохай форума буолан ааста. Манна Таатта улууһуттан сэттэ киһилээх делегация баран көхтөөх кыттыыны ылан кэллэ. Ол курдук Таатта үтүөлээх оһуохай этээччилэрэ Афанасий Николаевич Попов, Иван Иванович Потапов, Тыараһатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Алена Алексеевна Сабарайкина , Саха төрүт культуратын тарҕатааччы Аграфена Ивановна Аржакова , “ Арылы Кустук ” холбоһук бэрэстэбиитэлэ “Сулусчаан” дьыссаат фольклор салайааччыта Парасковья Николаевна Петрова , А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей фольклорун салайааччыта Альберт Владимирович Шестаков .
Бастакы күн тэрээһин үөрүүлээх арыллыыта буолла. Ол кэннэ форум пленарнай чааһын М.К.Аммосов аатынан культурология кафедратын сэбиэдиссэйэ Людмила Степановна Ефимова иилээн – саҕалаан ыытта.
Эбиэт кэннэ форум үлэтэ үс хайысхаҕа арахсан үлэтэ күөстүү оргуйда. Хайысхалар аайы уонтан тахсалыы кыттааччы докладынан кытыннылар. Таатта улууһуттан кэлбит форум кыттыылаахтара түөлбэ үҥкүүтүн уратытын сырдаттылар.
Бастакы хайысха .“Оһуохай – саха норуотун төрүт үҥкүүтэ”
Бу хайысхаҕа Аграфена Ивановна олус интэриэһинэй иһитиннэрии оҥорон дьон сэҥээриитин тарта .
Иккис хайысха . “Оһуохай тылын суолтатын күүһэ уонна оһуохай хамсаныыта.”
Манна Афанасий Николаевич “Таатталыы үҥкүү тылын этээччи салайар туруга”,Иван Иванович “Таатталыы оһуохай” тиэмэнэн иһитиннэрии оҥордулар.
“Оҕону уонна ыччаты төрүт үҥкүүгэ уһуйуу” үһүс хайысхаҕа Парасковья Николаевна “Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору саха норуотун төрүт үҥкүүтүгэр-оһуохайга уһуйуу” үлэ опытын кэпсээтэ.
Иккис күн, сарсыардаттан эбиэккэ диэри, форум практическай чааһа буолан, бэрт сэргэхтик ааста.
Манна түөлбэнэн оһуохай арааһа дьиэрэйдэ, саха үҥкүүтэ төрүттэннэ.
Саха сиригэр аан бастаан буолбут оһуохай форумугар сылдьыбыт Таатта делегацията буоламмыт, элбэҕи билэн – көрөн кэллибит.
Форумҥа баран кыттыыны ыларбытыгар күүс-көмө буолбут Таатта улууһун баһылыгар А.С.Бурцевка, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэригэр Г.Г Вырдылиҥҥа, суоппарга С.Н.Огонеровка барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Арылы Кустук ” холбоһук бэрэстэбиитэлэ “Сулусчаан” дьыссаат фольклор салайааччыта П.Н.Петрова