Күөххэ күөлэһийэ үктэммит сылаас ыам ыйын өрөбүлүн күнүгэр илин эҥэр музейдара Уус Алдан Суоттутугар баар «Доҕордоһуу» түмэлин көҕүлээһининэн үлэһиттэр көрүстүбүт. Олус кэрэ айылҕа маанылаабыт сиригэр биир дойдулаахпыт Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон көҕүлээн туттарбыт түмэлэ олох сүүрээнигэр оҕустарбакка, айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэ үлүскэнин тутуһан үүнэ сайда турарын көрөн астынныбыт. Лариса Степановна Степановна Тааттатын дьонунуун астына-дуоһуйа кэпсэтэн ытыс үрдүгэр көрүстэ. Биир дойдулаахпыт Дьохсоҕон ыччата Айсен Герасимов суон сурахтаах Суоттуну иккис дойду оҥостон, ыал буолан, айымньылаахтык,эдэрдии эрчимнээхтик айа-тута,үлэлии-хамсыы сылдьарын көрөн астынныбыт.
Төһө да ыраах айан буоллар, биир идэҕэ үлэлээн буһа-хата сылдьар үөлээннээхтэрбитин көрсөн үөрдүбүт. Бороҕон, Амма, Чурапчы, Таатта хамаандалара бииртэн биир сэргэх тургутууну аастыбыт. Ол курдук илиитигэр талааннаах М.Е.Барахова, Былатыан Ойуунускай оҕо сылдьан оонньуур сыахай киһитин оҥорон көрдөрөн бастакы үктэл миэстэни ылан хамаандаҕа боччум кылаатын киллэрдэ. Өлүөнэ эбэни өҥөйөн олорор ас астааччылар минньигэс аһылыктарын сытыттан киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүлүннэ. Манна Чөркөөх мусуойун үлэһиттэрэ Фекла Литвинцева салайааччыбыт М.А.Протодьяконовтыын плов, шашлык астаан биһирэннилэр. Улууспут биир бастыҥ кэрэ мадьыныта, элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ Надежда Гоголева спортивнай күрэхтэһии биир бастыҥ кыттааччыта буолан көрөөччүлэр сэҥээриилэрин ылыан ылла. Түҥ былыргы өбүгэлэрбит айан хаалларбыт кырыымпаны доҕор оҥостубут, Хартыына галереятын специалиһа Наталья Григорьева хамаанда бэйэтин билиһиннэриитигэр доҕуһуоллаан хара ааныттан «креативнай» анал аат ылан, сонун хамаанда буолан чорбойо түстүбүт.
Уопсай түмүккэ, Чурапчы улууһун музейын үлэһиттэрэ чөмпүйүөн үрдүк аатын, Таатта иккис, Бороҕон үһүс миэстэлэргэ, Амма хамандаата кыайыыга дьулуурун иһин анал аакка тиксэн, үөрэн-көтөн, айымньылаахтык үлэлииргэ күүс-уох эбинэн тарҕастыбыт.
Таатта улууһун музейдарын хамаандатын салайан илдьэ сылдьыбыт, массыына булуутугар тиийэ тылын ылыннарбыт М.А .Поповаҕа махталбытын этэбит! Михаил Александрович командирдаах музей хамаандата туруоруллубут соруктары толорон, бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан кыайыы көтөллөнөн кэллибит. Барҕа махтал тылларын аныыбыт улууспут баһылыгын солбуйааччы С.В.Сунхалыровка, хамаандаҕа чилиэнинэн киирбит, араас тургутууну тэҥҥэ ааспыт, суоппарбытыгар Владимир Марковка! Үчүгэй үксүү турдун, үтүө айан умнуллубакка өйгө-сүрэххэ хаалыахтын.
Светлана Халгаева