Перейти к содержанию

Тааттаҕа норуот субуотунньуга.

Саха сиригэр сайылык күнүгэр, ыам ыйын 22 күнүгэр тэрилтэлэр субуотунньуктара тэрилиннэ. Улуус баһылыга Айаал Семенович Бурцев улуустааҕы норуот айымньытыгар 34 га Хадаайы ыһыахтыыр сирин биэриигэ дьаһал таһаарбыта. Улуус дьаһалтата ыҥырыытынан норуот субуотунньуга тэрилиннэ. Күргүөмүнэн үлэни улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ салайда. 38 тэрилтэттэн 300-тэн тахса киһи кыттыыны ылла. Эргэ 10 ураһа көтүлүннэ, территория куруланна. Бөҕү барытын тэрилтэлэр свалкаҕа таһаардылар. 29 территорияҕа тэрилтэлэр сыһыарыллан хомуйдулар:

  1. Роспотребнадзор Тааттатааҕы салаата
  2. Д.А.Петров аатынан 2№ Ытык Күөл орто оскуолата
  3. А.И.Софронов — Алампа аатынан 1№ Ытык-Күөл орто оскуолата

4 Пенсионнай фонда Тааттатааҕы управленията

  1. Эдэр натуралистар станциялара
  2. Кииннэммит бухгалтерия ситимэ
  3. Ветеринария управленията
  4. Улуустаҕы киин балыыһа
  5. Улуус дьаһалтата
  6. Нэһилиэк дьаһалтата
  7. № 32 баһаарынай сулууспа, ГИМС
  8. А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей
  9. И.А.Аргунов аатынан кииннэммит библиотека ситимэ
  10. Социальнай харалта управленията + доруобуйаларынан хааччахтаммыт дьон обществота
  11. «Сулусчаан» уһуйаан
  12. «Кэнчээри» уһуйаан
  13. Үп управленията
  14. Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтэ, Коммунтеплосбыт, жилкомсервис
  15. Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ
  16. Физкультураҕа уонна спортка комитета, И.Г.Федосеев аатынан оҕо спортивнай оскуолата, «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ
  17. «Таатта» хаһыат редакцията, НКИК Тааттатааҕы салаата
  18. Ф.С.Аргунов аатынан оҕо искусствотын оскуолата
  19. Тыа хаһаайыстыбатын управленията
  20. Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ
  21. «Чуораанчык» уһуйаан, «Туйаара» уһуйаан
  22. «Березка» уһуйаан, «Күн туллуктара» уһуйаан
  23. Улуустааҕы үөрэх управленията
  24. Урбаанньыттар, общественнай түмсүүлэр
  25. Тааттатааҕы лесничество, авиаотделение, якутлесресурс
  26. Тыараһа эр дьоно

Бары кыттыбыт тэрилтэ үлэһиттэригэр, ыһыахтыыр ытык сирбитигэр үлэлээбиккитигэр ис сүрэхтэн барҕа махтал тылбытын тиэрдэбит. Быйыл бэс ыйын 15-16 кк. Ытык Таатта ыһыаҕын иһинэн «Иис-уус, ас фест» III өрөспүүбүлэкэтээҕи этнографическай фестиваль тэриллиэҕэ. Бастакы күн түһүлгэҕэ, иккис күн Хадаайы түмэлигэр. Элбэх ыалдьыт кэлэрэ былааннанар. Түһүлгэҕэ өссө элбэх үлэ. Күндү доҕоттоор, бу курдук биир сомоҕо буоламмыт, эһиил буолуохтаах ХXII Манчаары Оонньуутугар бэлэмнэнэммит, үрдүк таһымнаахтык ыытыахпыт. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ!!!

Улуустааҕы норуот айымньытын пресс киинэ #таатта #барыбииргэ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *