Улуу Кыайыы үөрүүлээх, өрөгөйдөөх күнүн көрсө култуура үлэһиттэрэ, профсоюһа, ыам ыйын 7 күнүгэр, үгэс быһыытынан ытыктыыр дьоммутугар, сэрии оҕолоругар, култуурабыт бэтэрээннэригэр мааны остуолларын киэргэтэр минньигэс бэлэхпитин туттардыбыт. Бу күн байаан доҕуһуоллаах ырыалаах, дьикти мааны матыыптары таһаарар флейталаах тиийэн, урукку агитбригадаҕа кыттыспыт, сүрэхтэригэр илдьэ сылдьар ахтылҕан санааларын таарыйаммыт, күндү дьоммут олуһун үөрдүлэр. Убаастыыр дьоммут доруобай, дьоллоох буолун, туһалаах сүбэҕитинэн — амаҕытынан, истиҥ мичээргитинэн биһигини үөрдэ туруҥ.