Бүгүн, ыам ыйын 7 күнүгэр, Саха чулуу киһитэ, бастакы идэлээх худуоһунньуга, ССРС худуоһунньуктарын чилиэнэ, САССР народнай худуоһунньуга, этнограф, луохтуур Иван Васильевич Попов төрөөбүт күнүнэн, күн сирин көрбүтэ 150 сылынан истиҥник эҕэрдэлиибит. Иван Васильевич төрүт култуурабыт тыыннаах хаалыытыгар сүҥкэн кылааттаах. Оччотооҕу иис-уус бастыҥ үлэлэрин соҕуруу музейдарга хомуйан ыыппыта. Айылҕаттан айдарыылаах худуоһунньугун таһынан луохтуурдаан элбэх дьоҥҥо көмөлөспүтэ. Хаартыскаҕа түһэрэн үөлэннээхтэрин үйэтиппитэ. Кини олоҕун арыйар «Кэрэни көрбүт» уус уран киинэ аан дойдуга билиннэ, саханы ааттатта. Биһиги күндү биир дойдулаахпытынан олус киэн туттабыт. Ол туоһутунан бүгүн Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай театырыгар 150 устуука Таатта худуоһунньуктарын саҥа уруһуйдарын быыстапката арылынна. Хадаайы түмэлигэр И.В.Попов бюһугар сибэкки дьөрбөтө уурулунна. Түөрт хайысханан пленер тэрилиннэ. «Кэрэни көрбүт» киинэ босхо икки сеанс «Эйгэ» киинэ саалыгар көһүннэ. Ааспыт өрөбүлгэ Саха араадьыйатыгар «И.В.Попов ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа саха культурнай кодун арыйыыта» передача тахсыбыта. Махтанабыт улуустааҕы худуоһунньуктар түмсүүлэрин салайааччытыгар, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччытын солбуйааччытыгар М.В.Степановаҕа, араадьыйаҕа биэриини бэлэмнээбит Таатта народнай театырын режиссерыгар В.Ф.Бурнашеваҕа, звукорежиссер М.В.Варламовка уонна бары үлэлэспит дьоммутугар.
Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин пресс киинэ