1981 сыл сэтинньи 28 күнүгэр Ытык-Күөлгэ 44 сэрии, тыыл, үлэ, партия уонна комсомол бэтэрээннэриттэн састааптаах республикаҕа бастакынан уус-уран самодеятельность коллективын хора тэриллибитэ. Коллективы тэрийээччилэринэн, көҕүлээччилэринэн «ССКП кэккэтигэр 40 сыл» бэлиэ хаһаайына А.М.Тихонова, ССРС композитордарын сойууһун чилиэнэ Ф.С.Аргунов, кинилэргэ тирэх дьонунан ССРС культуратын үтүөлээх үлэһитэ Д.Д.Мончурина, ССРС култууратын туйгуна А.А.Андросов буолбуттара уонна кыайа-хото салайбыттара.
Бу коллектив тэриллибитин сүрүн сыала улууска хоровой искусствоны, уус-уран самодеятельноһы сайыннарыыга, ыччаты аҕа көлүөнэ үтүө үгэстэригэр иитиигэ, кинилэри культура, искусство кэрэ эйгэтигэр көҕүлээһиҥҥэ уонна биһиги Ийэ дойдубут эйэ дьыалатыгар киллэрэр сүүнэ кылаатыгар туһаайыллыбыта. Коллектив бу сыалларын чиэстээхтик толорбута.
Кинилэр араас улуустарынан уонна улуус нэһилиэктэрин барытын хабан 105 кэнсиэри көрдөрөн, бар дьоннорун итии махталын ылбыттара. Кэнсиэртэн киирбит үптэрин ЭЙЭ сэбиэскэй фондатыгар ыыппыттара. Онон бэтэрээннэр улуус культурнай олоҕор саҥа сүүрээни киллэрэн, патриотическай хамсааһын көҕүлээччилэринэн буолан сэмэй кылааттарын киллэрбит улахан үтүөлээхтэр.
Ол кэнниттэн кинилэр саҕалаабыт үтүө дьыалаларын салҕаан 2004 сыллаахха Таатта нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Г.Р.Макеева уонна нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ М.Е.Бондарева улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ М.С.Андросова көҕүлээһиннэринэн 48 ветераны түмэн аҕам саастаахтар хоровой коллективтара тэриллэн үлэлиир. Коллектив уус-уран салайааччытынан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ К.И. Христофоров ананан нэһилиэк хоровой ырыатын сайдыытыгар, репертуары саҥардыыга куонкурустарга кыттыыга, чөл олоҕу пропагандалыырга күүстээх үлэ салҕанан барар.
Аҕам саастаахтар хоровой коллективтара бу 20 сыл устата араас таһымнаах куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттан, айар кэнсиэрдэри, гастроллары тэрийэн дьон-сэргэ махталын, биһирэбилин ылан кэллилэр. Ол курдук коллектив кэнсиэрдэртэн киллэрбит үбүн “Амарах санааланыы” фондатыгар угара үтүө үгэскэ кубулуйда уонна кэлэр кэнчээри ыччакка үтүө холобурунан буолар.
Билигин Таатта нэһилиэгин аҕам саастаахтарын хоругар барыта 60 нэһилиэк убаастанар тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ эдэр кэнчээри ыччакка Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга үтүө холобур буолан айа-тута, ыллыы сылдьаллар.
Аҕам саастаахтар хордарын хормейстер, концертмейстер СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ самодеятельнай композитора Карл Иванович Христофоров, кылаабынай дирижер СӨ култууратын туйгуна Мария Дмитриевна Матаннанова, дирижердар СӨ үөрэҕириитин туйгуна Акулина Владимировна Аржакова, Сардаана Дмитриевна Сивцева салайаллар.