Перейти к содержанию

Татарстан киинигэр Казааҥҥа

Муус устар 1-7 күннэригэр Казань куоракка үөрэнэ кэллибит. Култуура уонна духуобунай сайдыы министерствота дьаһайан улуустартан уонна Дьокуускайтан 18 -быт. Дьокуускай-Москва-Казань хайысханан күнү супту айаннаатыбыт. Муус устар 1 күнүгэр Казань кремылыгар сырыттыбыт. Иван Грознай туттарбыт эбит. Кэнники кремль иһигэр мечеть туттарбыттар. Оҕолору уһанарга үөрэтэр сирдэрин өҥөйдүбүт. Эбиэтэн киэһээ Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сырыттыбыт. Татарстаҥҥа 115 омук олорор эбит. 4 мөлүйүөнтэн тахса олохтоохтон аҥаарыттан ордуга Татаардар. Казань Москваттан 831 км. Норуоттар доҕордоһууларын дьиэлэрин иһинэн омуктары ийэ тылынан үөрэтэр киэһээҥҥи оскуола үлэлиир эбит. Оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ 500-тэн тахса үөрэнээччилээх. 22 тылга үөрэтэллэр, ол иһигэр саха тылыгар 5 үөрэнээччилээхтэр. Сүрүннээн улахан дьон оҕо сылдьан үөрэммэтэхтэрин ситиһэллэр эбит. Бэйэлэр култуураларыгар, ийэ тылларыгар сысталлар. Бу оскуоланы култуура киинигэр үлэлэтээри биэстэ сууттаспыттар. Сууту кыайан, лицензия ылан этэҥҥэ үлэлии олороллор. Саха сириттэн төрүттээх биир дойдулаахтарбыт остуол тартылар. Атах тэпсэн олорон истиҥ кэпсэтии буолла. Тааттаттан төрүттээх, Дьокуускайга оскуолаҕа дириэктэр солбуйааччытынан үлэлии сылдаьан, баҕа өттүнэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар Иосиф Слепцов баар. Казаньҥа эмтэнэ сылдьар эбит. Саха сирин түмсүүтүгэр 80-ча киһи баар, онтон 60-на студент. Коллегаларбыт илдьэ кэлбит бэлэхтэрин делегациябыт салайааччыта Надежда Егоровна Сивцева түмсүү чилиэттэригэр түҥэттэ. Саха сиригэр эдэр сааһа ааспыт геолог Рустем Шамыков тыл эттэ, хоһоонун аахта. Тааттаттан илдьэ кэлбит биэс харахтаах харысхал бэлиэни туттардыбыт.

           Всем защищавшим нашу жизнь и

                свободу в лютые годы войны…

                Любовь и война

От дней Сотворенья, с войною всегда,
Приходят погибель, разгром и беда…
Но жизнь воскресает сквозь пепел и кровь,
И вновь на земле правят мир да любовь.
             ***
Девчонка парнишке, платок теребя,
В то утро шептала: «Люблю я тебя!
И век свой тебя одного буду ждать!».
Он в год 41-ый пошёл воевать.   

Увидел солдат в той жестокой войне,
Как реки и сёла пылали в огне.
Как небо разверзлось, вздымалась земля;
От гари чернели леса и поля.   

Он видел, как извергов-свора гнала   
В амбары сельчан и живых их сожгла;      
Безумный  взор матери с тельцем в руках,   
И пряди седин у детей на висках.

Малыш ему снился; тот ползал в ногах,
У женщины навзничь лежащей в кустах.
И плачь его эхом был слышен в дали:
«Мне холодно мама, ну встань, обними». 

Фашистская нечисть со смертью пришла,
Разрушила всё и спалила дотла.
Но грудью свой край, как щитом защищал
Боец, что вернуться домой обещал.

Под грохот орудий со связкой  гранат,
На танки в атаку бросался солдат.
Он бился за мать, стариков и детей,
За ту, что любил больше жизни своей.

Но в тяжком бою вдруг сражённый упал,
Как будто споткнулся, как будто устал.
В глазах отразилась небес синева,
Лишь губы: «Люблю я…» шептали слова.   

А сердце стучало: «Нельзя умирать,
Ты должен Отчизну свою защищать!
Чтоб в логове сгинул поверженный враг,
И Красное Знамя поднять на Рейхстаг!».

… В салютах встречала Победу страна!
Шагал он со стягом, надев ордена!
И вновь, как в то утро платок теребя,
Она прошептала: «Люблю я тебя».
 
               Рустам Шамыков, 2015-2020 гг.

Сахалар уонна Татаардар түүр тыллаахпыт. Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев уонна Раис Рустам Нургаилиевич Минниханов бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥнээхтэр. Онно олоҕуран улуустар Татарстан оройуоннарын кытары бииргэ үлэлииллэр. Улуус баһылыга Айаал Семеновичтыын сүбэлэһэн баран Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин бэйэни салайыныы сэбиэтин толороочу дириэктэрэ Александр Григорьевич Барышевтыын, организационнай отдел салайааччыта Евгения Герасимовна Мизгиревалыын көрүстүм. Саха сириттэн элбэх улуус Татарстан оройуоннарын кытары ыкса үлэлииллэр эбит. Таатта улууһун туһунан сырдаттым. Тыа хаһаайыстыбата, промышленность, урбаан, култуура, спорт, үөрэҕирии уо.д.а хайысхаларга үлэлэһиэххэ сөп эбит. Бары эйгэҕэ барытыгар Татаардар ситиһиилээхтэр, айымньылаахтык үлэлииллэр. Бэрт эйэҕэс, кэскиллээх кэпсэтии буолла. Улуус баһылыга Айаал Семенович кыттыылаах сырыыга бу сөбүлэҥ оҥоһуллуоҕа. Сэбиэт ханнык Татарстан оройуонун Таатта улууһугар сыһыарыынан дьарыктанар.

https://sovmo.tatarstan.ru/index.htm/news/2293463.htm
В СМО РТ обсудили дальнейшие планы сотрудничества между муниципалитетами Татарстана и Якутии

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *