Перейти к содержанию

“КУЙААР УОЛА. КЭРЭНИ КЫТТА СЭРГЭСТЭҺЭН» дьикти эйгэлээх испэктээк Тааттаҕа

“КУЙААР УОЛА. КЭРЭНИ КЫТТА СЭРГЭСТЭҺЭН» дьикти эйгэлээх испэктээк бүгүн, муус устар 2 күнүгэр, Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай театырыгар буолла. Бу испэктээкил үҥкүүһүт ис кута хайдах курдук күүстээҕин, айар талаан алыбын туһунан арыйан көрдөрөр ис хоһоонноох.

Сонун туруорууга биир дойдулаахпыт, биллэр үҥкүүһүт, норуодунай артыыс Афанасий Афанасьев олоҕун бүтүннүүтүн ускуустуба кэрэ эйгэтигэр анаабыта, онно хайдах дьулуспута ойууланар. Эдэр киһи улахан сценаҕа бөдөҥ маастардар көмөлөрүнэн, бэйэтин баҕатынан, санаатын күүһүнэн күннэтэ дьарыктанан үҥкүү алыптаах кынатыгар үрдүккэ көппүтэ, түһүүлэр-тахсыылар арыллаллар. Испэктээк аан бастаан Дьокуускайга ааспыт сыл бүтэһигэр туруоруллубута. Испэктээккэ С.А.Зверев‒Кыыл Уола аатынан Национальнай үҥкүү тыйаатырын артыыстара кытыннылар.

Афанасий Дмитриевич бүгүҥҥү күнү, испэктээкилин үбүлүөйдээх сылыгар, оҕо сылдьан дьарыктаммыт «Дружба» оҕо үҥкүү норуодунай ансаамбыла тэриллибитэ 55 сылыгар, таптыыр уһуйааччытыгар Августина Федоровна Клакиноваҕа анаата.

Ытыктабыллаах Афанасий Дмитриевич!

Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин бары үлэһиттэрин  аатыттан  эйиигин,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһын, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһын Айыы тыынын сатыылатар айар куттаах, Саха үҥкүүтүн устуоруйатыгар бэлиэ суолу тэлбит сэдэх талааннаах, үҥкүү таҥаралаах киэн туттар биир дойдулаахпытын ураты тыыннаах, дьикти эйгэлээх  “Куйаар уола. Кэрэни кытта сэргэстэһэн”  испэктээх Тааттаҕа сүрэхтэнэр күлүмнэс-күлүмүрдэс күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит, уруйдуубут, айхаллыыбыт!

Орто дойдуга Кэрэни айар үрдүк ыйаахтаах ананан айыллан, чочуллан, бар дьонуҥ биһирэбилин ылан киэҥ далааһыннаахтык айа-тута сылдьаргынан киэн туттабыт!

Кустук эгэлгэ өҥүнэн дьиримниир дэгиттэр талааныҥ дьоҥҥун-сэргэҕин сырдыкка, кэрэҕэ кынаттыыр, үрдүктэн үрдүккэ көтүтэр айхал аргыстаах айымньылаах үлэҕэр  нөрүөн нөргүйэбит!

Талан ылбыт идэҕин олоҕуҥ аргыһа  оҥостон, айар-тутар умсулҕаныгар сылдьан үрдүктэн үрдүк чыпчааллары дабайан, санаабытыҥ  алгыс хоту, толкуйдаабытыҥ  уруй хоту салаллан, олох долгунун үрдүк арҕаһыгар сылдьан үтүө аатыҥ-суолуҥ көмүстүү күлүмүрдээтин  диэн  алгыыбыт!

Оһуохай тойугун курдук уолбат уйгуну,

Хомус ырыатын курдук киэҥ-куоҥ санааны,

Олонхо алгыһын курдук самныбат саргыны баҕарабыт!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *