Кулун тутар 30 күнүгэр сылын аайы ыытыллар аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи IX төгүлүн ыытыллар олоҥхону үгэс быһыытынан биирдиилээн уонна куолаан толорууга «Уруйдан, улуу Олоҥхо!» күрэх ыытыллынна. Күрэххэ Таатта, Мэҥэ-Хаҥаластан, Сунтаар, Чурапчы, Дьокуускай, Нам, Амма, Горнай улуустартан кытыннылар. Таатта улууһуттан Тыараһа нэһилиэгиттэн «Кылыһах» сал. Полускина Г.И., «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» сал.Попов А.Н., «Дьолуо» сал. Цой Л.К., Биирдиилээн 21 олоҥхону толорооччу күөн-көрүстүлэр. Биирдиилээн толорууга Попов А.Н., Цой Л.К., Шестаков А.В., саҥа ааттар Таатта нэһилиэгиттэн Читаева К.И., Егорова М.Р., Тыараһаттан Кладкин С.Ф. кыттыыны ыллылар.
Куолаан толорууга 12 бөлөхтөн БАСТАКЫ ҮРДЭЛИ- «Дьолуо» Таатта, ИККИС ҮРДЭЛИ- «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара», Таатта, ҮҺҮС ҮРДЭЛИ «Утум» Сунтаар улууһун бөлөхтөрө ыллылар.
Биирдиилээн толорууга «Эдэр толорооччу» Альберт Шестаков, «Бастыҥ олоҥхо ырыатын толорооччу» Мария Егорова, «Түөлбэ олоҥхотун толорооччу» Сергей Кладкин, «Ытык олоҥхоһут» Афанасий Попов, «Уран тыллаах олоҥхону толорооччу» Людмила Цой анал ааттары ыллылар.
Алгыстаах Амма ыһыаҕар кыттааччылар ыҥырыыны ыллылар.