Перейти к содержанию

Жегусовтар кыайдылар.

Кулун тутар 28 күнүгэр Чөркөөх с. улуустааҕы «Аҕа уолунаан» күрэхтэһии буолан ааста. Былатыан Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын анныгар сытар «Булун» эбэҕэ тэрилиннэ. Баайаҕаттан Аркадий, Витя Хатылаевтар, Туора Күөлтэн Юрий, Валера Осиповтар, Ытык Күөлтэн Александр, Сахаян Бурнашевтар, Чөркөөхтөн Герман, Феликс Жегусовтар, Алексей, Артем Ущницкайдар күрэхтэстилэр. Улуустааҕы эр дьон түмсүүтүн салайааччыта Гаврил Вырдылин главнай судьуйалаата, спорт комитет специалиһа Николай Власов сэкэрэтээрдээтэ. Улуустааҕы ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын отделын салайааччыта Иван Старостин, үөрэх управлениятын начальнигын солбуйааччы Иван Тарабукин, спорткомитет специалиһа Алквиад Федосеев, Ытык Күөллээҕи «Сарыал» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ Иннокентий Шестаков, Айаал Морхоев, Айсен Аянитов, Чөркөөх спорт киинин салайааччыта, оҕо спортивнай оскуолатын мас тардыһыыга тренера Вячеслав Аввакумов, физкультура учуутала, спортинструктор Владимир Сивцев, Туора Күөллээҕи ОДьКХ үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ үс төгүл кыайыылааҕа Петр Чупров судьуйалаатылар.
Үөрүүлээх аһыллыы Василий Ефремов алгыһынан саҕаланна, Чөркөөх баһылыга Андрей Семенов, дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Варвара Будикина, ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын отделын салайааччыта Иван Старостин, Чөркөөх эр дьонун түмсүүтүн салайааччыта Василий Эртюков, главнай судьуйа Гаврил Вырдылин тыл эттилэр.
Бэрэбинэ суоруу, эрбээһин, хайытыы, ойбон алларыыта, чэй оргутуута, булчут биатлона, остуолбаҕа ыттыы түһүмэхтэргэ аҕалар уолаттарын кытары илин-кэлин түһүстүлэр. Кытаанах киирсии түмүгэр:
1 м Жегусовтар (Чөркөөх) 30 000 солк.
2 м. Хатылаевтар (Баайаҕа) 20 000 солк.
3 м. Осиповтар (Туора Күөл) 15 000 солк.
«Кыайыыга дьулуур» анал аат Ущницкайдар (Чөркөөх) 4000 солк.
«Сомоҕо күүс» анал аат Бурнашевтар (Ытык Күөл) 4000 солк.
Ону таһынан кыттааччыларга дьаһалталар, тэрилтэлэр, аймахтар сыаналаах бэлэхтэри туттардылар. Инникитин «Аҕа уолунаан» күрэхэһиини Таатта улууһун нэһилиэктэрин икки ардыларынааҕы комплекснай спартакиадаҕа киллэриигэ этии киллэрдилэр. Оннук эрэ түгэҥҥэ кыттааччы элбиир туруктааҕын бэлиэтээтилэр. Чөркөөх олохтоохторугар, бары тэрийбит уонна кыттыбыт дьоҥҥо улахан махталбытын биллэрэбит. Кэлэр нэдиэлэҕэ Мэҥэ Хаҥалас Майа с. өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа уолунаан» күрэхтэһии ыытыллар. Жегусовтарга улууспут аатын ситиһиилээхтик көмүскүүллэригэр баҕарабыт.

Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин пресс киинэ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *