Бүгүн, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр, биир идэлээхтэр салгыы сайдар суоллары тобулар сэһэргэһиигэ төгүрүк остуолга түмүстүлэр. Ол курдук Чурапчыттан Чурапчы улууһун култуураҕа управлениятын начальнига Пётр Егорович Гуляев, Нам улууһуттан Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управление начальнига Семен Прокопьевич Ядрихинский салайааччылардаах делегация уонна улууспут култууратын тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.
Кэпсэтиини “Таатта улууһа” МО баһылыгын социальнай үлэҕэ солбуйааччыта С.В.Сунхалыров саҕалаата. Салгыы Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин директора Гаврил Гаврильевич Вырдылин “Иис.Уус.Ас” этнографическай фестиваль бырайыагын туһунан сырдатта. “Таатта иитэр – үөрэтэр эйгэтэ” дакылааты педагогическай наука кандидата, Тааттатааҕы лицей директора Изабелла Александровна Сивцева, “Народные художественные промыслы и ремесла в контексте креативной экономики” дакылаатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччыта, “Сделано в Таатте” бырайыак ааптара Марианна Вячеславовна Степанова дакылааттаатылар. Үс улуус методистара үлэ сүнньүнэн опыт атастастылар. Түмүккэ улуустарынан, култуурунай баайы, сыаннастары айарга-тутарга, тэнитэргэ, иҥэрэргэ, харыстыырга, үөрэтэргэ, чинчийэргэ ситимнээхтик үлэлииргэ сөбүлэстилэр.