Кулун тутар 1 күнүгэр Ф.С.Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусство оскуолатын иһинэн үлэлиир хореография отделениеларын улуустааҕы көрүү-күрэһэ Ытык-Күөлгэ буолан ааста. Харбалаах, Уус-Таатта, Туора-Күөл, Баайаҕа филиалларыттан уонна Тааттатааҕы оҕо искусство оскуолатыттан барыта 70 оҕо, 7 преподаватель кыттыыны ыллылар. Балаһыанньа быһыытынан, оҕолор үөрэх программатыттан классическай, народнай сценическай уонна ритмика диэн предметтэргэ аһаҕас уроктарга кытыннылар, бэйэлэрин бэлэмнэрин, дьоҕурдарын көрдөрдүлэр.
Түмүккэ:
кыра группаҕа(1-2кл) 1м — Харбалаах (преп. Кононова Т.К)
2м — Таатта ДШИ( преп. Ефимова А.М)
3 м — Уус-Таатта (преп.Голикова Е.П)
Ортоку группаҕа(3-4кл):
2м-Уус-Таатта (преп.Голикова Е.П), 3м- Уус-Таатта (преп.Лукина Н.Г)
Улахан группа(5 кл):
1 м-Таатта ДШИ (преп.Иванова Р.М)
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Тааттатааҕы оҕо искусство оскуолатын директора Попова Д.А., завуч Павлов А.И., Норуот айымньытын дьиэтин методиһа Васильева А.И., №1 ЫКОО ритмикаҕа учуутала Маркова Э.В. уонна «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын хореограба Рахлеева Н.Т.
Күрэс кэнниттэн төгүрүк остуол тэрилиннэ. Дьүүллүүр сүбэ биирдии оскуолаларынан музыкальнай материалы таба туһанарга, илии -атах чочуйуутугар, хамсаныылары ис киирбэхтик дьоҥҥо тиэрдэргэ сүбэ- ама биэрдэ.