Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо, Таатта улууһугар Таптал.Эрэл, Итэҕэл сылларыгар, ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ, тыыл ветерана, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут, алгысчыт Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылын көрсө улуустааҕы «Олоҥхо дойдутунуу Кэрэ олоҕу баҕарабын…» өйтөн суруйууга күрэх ыытыллынна.
Ийэ Олоҥхоһут Петр Егорович Решетников олоҥхону өрө тутан, хас да олоҥхону бэйэтэ айан олоҥхолоон, сахатын норуотугар, атын омук билиитигэр-истиитигэр таһааран, аан дойду таһымыгар саха улуу айымньытын билиһиннэрбит улахан үтүөлээх. Көһөҥө Бүөтүр уус-уран өттүнэн хомоҕой, имигэс тыллаах-өстөөх улахан дьоҥҥо аналлаах 2 олоҥхолооҕун таһынан, кыра саастаах оҕолорго анаан 3 олоҥхону суруйан хаалларбыта биллэр. Кырачааннары бэйэлэрин төрөөбүт тылларын билэргэ, өбүгэ үгэстэрин ытыктыырга үөрэтэрэ-такайара. Алгысчыт быһыытынан дьоҥҥо үтүөнү баҕаран, олох араас түгэннэригэр үтүөнү эрэ көрдөһөн, айыыларга, иччилэргэ сүгүгүйэн, махтанан алгыһын тиэрдэрэ. Бэйэтин олоҥхолоругар алгыһы элбэхтик туттара. «Олоҥхо дойдутунуу Кэрэ олоҕу баҕарабын…» диэн олоҥхоһут, алгысчыт тылларыгар олоҕуран, улуустааҕы оҕолорго аналлаах өйтөн суруйуу күрэҕэр 22 оҕо кыттыыны ылла.
Кыттааччылар күрэх ирдэбилинэн төрөөбүт дойдуга, чугас дьонугар бэриниилээх, истиҥ сыһыаннаах буолууну өрө тутууну, тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа сүгүрүйэллэрин, ойуулуур–дьүһүннүүр ньымалары, өс хоһооннорун, алгыс олуктарын, бэргэн этиилэри табыгастаахтык туһанан өйтөн суруйууга кытыннылар. Түмүккэ орто сүһүөххэ 1 миэстэ Евсей Постников А.И.Софронов аатынан Ытык Күөллээҕи орто оскуола 7 кылаас,, 2 миэстэ Ярослава Васильева Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга 8 кылаас, 3 миэстэ Кэскил Габышев, А.Е. Кулаковскай аатынан Дьохсоҕон орто оскуолата, 7 кылаас, улахан сүһүөхтэргэ 1 миэстэ Сахалина Маркова, Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын 9 кылааһа, 2 миэстэ Лиана Дьяконова, А.Е.Мординов аатынан Тааттатаҕы лицей 10 кылааһа, 3 миэстэ Юлиана Винокурова, Д.А.Петров аатынан Ытык Күөллээҕи 2№ оскуола 11 кылааһа, «Дьиэ-кэргэҥҥэ истиҥ таптылы арыйыы» анал аат Устя Лазарева, В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолата, «Кэскиллээх ыра санаа» анал аат Алина Дмитриева, Хара Алдан орто оскуолата 6 кылаас, «Бэйэ баҕа санаатын сайа этиилээх суруйуу» анал аат Амелия Семенова, П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолата 6 кылаас, «Ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары
таба туттуу» анал аат Саяна Халыева, Н.Е.Мординов аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун 11 кылаас, «Төрөөбүт дойдуга сүгүгүрүйүү» анал аат Роберт Винокуров, Хара Алдан орто оскуолата 6 кылаас, «Кэскиллээх айааччы» анал аат Алевтина Андреева Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун 10 кылаас үөрэнээччилэрэ тигистилэр.
• Дьон-сэргэ өйө-санаата уһуктан, этиспэккэ-охсуспакка, сэриилэспэккэ, иллээх-эйэлээх, сүрүннээх олоҕу тутан чөл туруктаах «олоҥхо дойдутунуу кэрэ олоҕу» уһансан, дьоллоохтук олоруохпутун, омукпутун сайыннарыахпытын баҕарабын.
Сахалена Маркова,
Э.К.Пекарскай аатынан орто оскуолатын 9 кыл
• Мин тѳрѳѳбүт тѳрүт дойдум – мин тирэҕим. Иитиллибит ийэ сирбэр истиӊ сүрэхтэн махтанабын!
Лиана Дьяконова,
А.Е.Мординов аатынанТааттатаҕы лицей 10 кылаас үөрэнээччитэ
• Биһиги бары улуу айылҕа оҕолоробут. Дьэ ол туоһутунан былыр-былыргыттан өбугэлэрбит барахсаттар төрөөбүт сирдэрин олус ытыктыыллара, сиргэ тиийэ сүгүрүйэллэрэ, харыстаан аатын ханалытан «эбэ» диэн ааттыыллара. Бу өбүгэ үтүө үгэһэ күн бүгүҥҥэ диэри көлүөнэттэн көлүөнэҕэ диэри салҕана турарыгар бүк эрэллээхпин.
Юлиана Винокурова,
Д.А.Петров аатынан Ытык Күөллээҕи 2№ оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ
• Хас биирдии ыал аҕата төрөппүт уолаттарын ийэ дойдуну таптыырга, бэйэтин иннин көрүнэргэ, тулуурдаах уонна куттаҕаһа суох гына ииттэҕинэ бэйэтин дьоллоох киһи курдук сананар эбит диэн толкуйдаатым. Ол иһин мин төрөөбүппэр аҕам долгуйдаҕа, үөрдэҕэ.
Постников Евсей,
А.И.Софронов аатынан Ытык Күөллээҕи орто оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ
Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин пресс-сулууспата