Былыр өбүгэлэрбит саламаны «айыыларга тахсар алгыс далаһата» дииллэрэ.
Саламаны үрүҥ, хара сиэллэринэн өһүллүбэт гына кытаанахтык өрүллэр.
Бу ситиигэ туоһунан тигиллибит ыаҕайалар, томторуктар ыйыыллара. Ыаҕайа, томторук икки ардыгар Ийэ сир сибэккитин өҥүнэн сиидэс таҥас кырадаһынын ортокунан бүк тутан, ситиигэ эргитэн, кытыыларын бүк туппут өттүнэн киллэрэн киллэрэн баайыллар.
Бу күн баай аҕа уустаах Баайаҕа нэһилиэгин уран тарбахтаахтара Прасковья Бурнашева, Елена Неустроева салама өйдөбүлүн, оҥорор ньымаларын үөрэттилэр. Саламаны хас биирдии маастар кылааска кэлбиттэр сиэли наардаан ситии хаттылар, илиилэрин иминэн туос харысхаллары оҥордулар. Түмүгэр биир күн оҥоһуллубут саламаны улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр аһыллыбыт Уус Кыһатыгар бэлэх ууннуулар, ыалдьыттар салама баайан алгыс тылларын этэн ыйаатылар.