Перейти к содержанию

Фестиваль биир ураты хайысхата

Таатта айар эйгэтэ өссө биир саңа хардыы оңордо! Олунньу 14-21 күннэригэр Таатта улууһугар Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах “Түмсүү төлкө төрдө” нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт фестиваль биир ураты көстүүтүнэн улууспут ытык сирдэрин, үрэхтэрин, өрүстэрин, культурнай нэһилиэстибэтин сырдатар бренд образтары көрдөрүү буолла. Манна 14 нэһилиэктэн бииртэн биир ураты, уран образтар дьон сэргэ кэрэхсэбилин ыллылар. Маны сэргэ, креативнай индистрия биир хайысхата- аныгылыы сахалыы таңас дефилета тэрилиннэ. Нэһилиэк талааннаах иистэнньэңнэрэ, модельер- дизайнердара күннэтэ кэтиллэр таңаска сахалыы тыыны — быһыыны таһааны, оһуору-мандары туһанан саңаттан саңа, эгэлгэ -эриэккэс таңас сап айыллыбыт. Бу бырайыак салгыыта- аныгылыы сурунаал буолан тахсарга бэлэмнэнэн фотосессия тэрилиннэ.
2025 сылга буолаары турар Манчаары оонньууларын түһүлгэтигэр Таатта бренд образтара мааны, уус-уран өттүнэн биир ситимнээх үтүөкэннээх көстүү тэрийиэхтэрэ.

Марианна Степанова,

Фотограф-Яна Винокурова

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *