Олунньу ый устата Таатта улууһугар Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах “Түмсүү төлкө төрдө” нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт фестиваль түмүгүнэн 1 бөлөххө барыта (улахан нэһилиэктэр) 1873 киһи кытынна. Күрэс ирдэбилинэн нэһилиэктэр 5 көрүҥҥэ куоталастылар. Ол курдук: 15 нүөмэртэн турар академическэй кэнсиэр, нэһилиэк сайдыытын кэпсиир бырайыак, талба талааннаахтар быыстапкалара, дьүһүйүү уонна оһуохай. Улахан нэһилиэктэргэ барыта 7 нэһилиэк баарыттан уопсайа 192,935 баалы ылан Баайаҕа 1 миэстэ, 2 миэстэ 190,227 бааллаах Алдан нэһилиэгэ, 3 миэстэ 183,703 бааллаах Таатта нэһилиэгэ буоллулар. Иккис бөлөххө барыта 1414 киһи кыттыыны ылла (7 нэһилиэк). 1 миэстэни 192,915 бааллаах Дьүлэй нэһилиэгэ, 2 миэстэ 189,968 бааллаах Уолба, 3 миэстэни 186,999 бааллаах Уус-Амма нэһилиэгэ ылла. Бириистэри “Таатта улууһа” МО дьаһалтата туруорда. Ол курдук бөлөх аайы 1 миэстэҕэ – 50.0 тыһ.солк, 2 миэстэҕэ- 30.0 тыһ.солк, 3 миэстэҕэ-20.0 тыһ.солк.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр;
Бэрэссэдээтэл – Степанова Марианна Вячеславовна, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин директоры солбуйааччы, “Таатта Арт” улуустааҕы худуоһунньуктар сойуустарын салайааччыта;
Чилиэннэр:
Луковцева Мира Николаевна – Улуустааҕы үөрэхуправлениятын методическай салаатын сэбиэдиссэйэ;
Васильева Ада Ивановна — Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин кулууптары кытта үлэҕэ сүрүннүүр методиһа;
Бурнашева Валентина Феодосьевна – Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай театырын кылаабынай режиссера;
Никифорова Зинаида Семеновна — Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин кулуубунай үлэҕэ специалиһа;
Маркова Раиса Семеновна – Таатта “Этно” фольклорнай бөлөх салайааччыта.
Олунньу 22 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай театырын сыанатыгар “Түмсүү- төлкө төрдө” нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт фестиваль түмүгүнэн Гала кэнсиэргэ-нэһилиэктэрбит чулууттан-чулуулара, бастыҥтан-бастыҥнара, оҕолортон аҕам саастаахтарга тиийэ бу киэһээ кытыннылар. Кэнсиэргэ киирбит үп анал байыаннай операцияҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөҕө барыаҕа.