Перейти к содержанию

Итэҕэл долгуна

Олунньу 22 күнүгэр Таатта улууһун киинигэр Ытык-Күөлгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин итэҕэл мунньаҕа буолла. Араас улуустартан, Дьокуускайтан 123 киһи кыттыыны ылла. Мунньах аһыллыытыгар арчы сиэрэ-туома тэрилиннэ. Тумус туттар киһибит Борис Федорович Неустроев — Мандар Уус киирии тылы эттэ. Итэҕэлгэ түмсэр кэм кэлбитин бэлиэтээтэ. Улуус баһылыга Айаал Бурцев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сүбэһитэ, геокультурнай институтун салайааччыта Андрей Борисов, саха итэҕэлин түмсүүтүн салайаааччыта Павел Ксенонофонтов — Ойуур Байбал, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Гаврил Вырдылин иилээн-саҕалаан ыыттылар Саха норуотун итэҕэлин тула санаа атастаһыытыгар Афанасий Максимов, Владимир Поскачин, Андрей Кривошапкин — Айыҥа, ини-бии Игорь, Иван Николаевтар, Агафья Захарова, Иннокентий Макаров, Эдуард Вырдылин — Бырдыка Уус уо.д.а. итэҕэлгэ үлэлиир, тарҕатар дьоммут-сэргэбит кытыннылар. 7 чаас устат 7-лии мүнүүтэ санааларын, уопсайа 36 киһи этиннилэр, онтон эр киһитэ 26, дьахтара 10. Түмүгэр ким да мөккүспэт сүрүн өйдөбүллэри бигэргэтии буолла. Атах тэпсэн олорон истиҥ, кэскиллээх кэпсэтии буолбутун, итэҕэл долгуна тахсыбытын бэлиэтээтилэр. Итэҕэл сүбэтэ сөргүтүллэн, Дьокуускайга мустан үлэлэһэргэ бэлэмнэрин эттилэр. Ол сүбэҕэ итэҕэлгэ үлэ былаанын ылыныы буолуоҕа. Тэрээһин бүтүүтүгэр Таатталыы оһуохайы Лариса Попова, көтүтүүтүн Иван Потапов олус бэркэ таһаардылар. Ытык Тааттаҕа Таптал. Эрэл. Итэҕэл сыла биллэриллэн, Саха сирин таһымнаах улахан тэрээһиҥҥэ тэрийсибит бука бары дьоммутугар ис сүрэхтэн махтанабыт. Түмсүү төлкө төрдө
Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин пресс киинэ

сахасирэ #таатта #итэҕэл #түмсүүтөлкөтөрдө

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *